Сарсын ханна ардыырый?

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ хас да оройуоҥҥа этиҥнээх ардах түһүөн сөп диэн этэллэр. 

Оттон Арктика оройуоннарыгар хаардаах ардах түһүөн сөп диэн билгэлииллэр. Бу туһунан СИА таҕыста.

Оттон бүгүн, от ыйын 19 күнүгэр, Бүлүү, Өлүөхүмэ, Хаҥалас, Горнай, Эдьигээн, Томпо, Өймөкөөн, Муома, Дьааҥы оройуоннарыгар сорох сирдэринэн сөкүүндэҕэ 15-20 м тиийэ тыаллаах этиҥнээх ардах түһүө диэн этэллэр. Өлүөхүмэҕэ, Эдьигээҥҥэ, Дьааҥыга ардахтыа, сорох сирдэргэ күүстээх ардах түһүө диэн билгэлииллэр.

Сарсын, от ыйын 20 күнүгэр, күүстээх тыаллаах этиҥнээх ардах Горнайга, Хаҥаласка, Алдаҥҥа, Нерюнгригэ, Өлүөхүмэҕэ, Ленскэйгэ, Сунтаарга, Ньурбаҕа, Бүлүү бөлөххө, Кэбээйигэ, Томпоҕо түһэрэ күүтүллэр.

Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр арктика оройуоннарыгар кыратык ардыа диэн этэллэр, түүнүн сорох сирдэргэ хаардаах ардах түһүө, сөкүүндэҕэ 17-22 м тыаллаах буолара күүтүллэр. Чугастааҕы күннэргэ киин оройуоннарга түүнүн +17… +22 °С, арҕаа, хотугулуу-илин — +10… +15 °С, хоту — +4… +9 °С, арктическай оройуоннарга — -1… +4 °С. буолуоҕа диэн этиллэр. Сэрэдэҕэ күнүс киин оройуоннарга +30… +35 °С, арҕаа — +20… +25 °С , хоту — +10… +15 °С, арктика оройуоннарыгар — +2… +7 °С. Дьокуускайга күнүс +26…+28. Буруолаах. Сөҥүү суох.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0