Сарсын үгүс улууска этиҥнээх ардах түһэр

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Ыксаллаах быһыыга-майгыга министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, сарсын, бэс ыйын 27 күнүгэр, Дьокуускайга уонна Мэҥэ Хаҥалас, Хаҥалас, Нам, Горнай, Уус Алдан, Чурапчы, Таатта, Амма, Уус Маайа, Алдан, Нерюнгри, Томпо, Ленскэй, Өлүөхүмэ, Мииринэй, Сунтаар, Ньурба, Бүлүү улуустарыгар, сорох сирдэринэн, этиҥнээх ардах түһэрэ күүтүллэр уонна сөкүүндэҕэ 15-18 м түргэннээх тыаллаах-куустаах буолуоҕа.

Ону тэҥэ,  Дьааҥы, Кэбээйи улуустарыгар эмиэ күүстээх ардах түһэрэ күүтүллэр. Ити этиллибит улуустарга  уот лииньийэтэ алдьаныан сөп диэн иһитиннэрэллэр. Онон сэрэхтээх буоларгытыгар сүбэлииллэр.  Оҕуруоттаах дьон үүнээйигитигэр эмиэ болҕомтоҕо уураргытыгар этэллэр.

Хаартыска: интэриниэт ситимиттэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0