Сарсын этиҥнээх ардах түһэрэ күүтүллэр

26.05.2020
Бөлөххө киир:

Синоптиктар билгэлииллэринэн, өрөспүүбүлүкэ 11 оройуонугар этиҥнээх ардах, күүстээх тыал түһэрэ күүтүллэр. Бу туһунан Дьокуускайдааҕы гидрометеорология уонна тулалыыр эйгэни кэтээн көрөр управление саайта иһитиннэрэр.

Маннык күн-дьыл туруга Ленскэй, Өлүөхүмэ, Сунтаар, Ньурба, Уус Маайа оройуоннарыгар ыам ыйын 27-с күнүн түүнүгэр уонна күнүс Горнай, Хаҥалас, Нам, Уус Алдан, Таатта, Томпо уонна Уус Маайа оройуоннарыгар күүтүллэр.

Онно сөкүүндэҕэ 17-22 м күүстээх тыал түһүө диэн сабаҕалыыллар.

edersaas.ru

Хаартыска — ykt.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0