Сарсыардааҥҥы аһылыгы көтүтүмэҥ!

Бөлөххө киир:
  1. Күҥҥэ ортотунан түөртэ-биэстэ аһыахтаахпыт. Сарсыарда 07.00 чааска, онтон хас үс чаас аайы 200 грамм ыйааһыннаах аһы аһыахха сөп. Маннык аһаатахха ас искэ түргэнник буһар. Сорох дьон күҥҥэ биирдэ аһаатахпытына ырыахпыт дии саныыллар. Оннук буолбатах.
  2. Сарсыардааҥҥы аһылыгы көтүтэр сатаммат! Киһи сарсыарда аһаабатаҕына түргэнник сылайар, хараҕар тугу көрбүтүҥ барытын сиэн баҕарар. Маннык гынан ис-үөс ыарыыларын көбүтэҕин, доруобуйаҕын айгыратаҕын.
  3. Утуйуоҥ үс чаас иннинэ аһаама. Утуйаары сылдьан аһаатаххына, ас искэ киирэн эт температуратын үрдэтэр, саахары элбэтэр. Сарсыныгар иһиҥ ыалдьыан, мэйииҥ эргийиэн сөп.
  4. Сарсыарда белоктаах аһы сиир ордук. Помидорадаах омлет сиир иҥэмтэлээхтик дьайар.
  5. Аччык сылдьан спордунан дьарыктанымаҥ! Аһаабыккыт 30 мүнүүтэ буолан баран дьарыктаныахха сөп. Онно банаан, эриэхэ, сухофрукт сиир ордук.
  6. Хас биирдии ас амтанын билэ-билэ, ыксаабакка эрэ аһааҥ.
  7. Аһыырга бастаан белоктаах астары сиэҥ, ол эрэ кэнниттэн атын астары боруобалааҥ. Белок мэйиигэ топпут курдук туругу биэрэр. Оччоҕо атын аһы элбэҕи сиэххит суоҕа.
  8. Ыра сылдьар кэмҥэ арыгыны иһимэҥ, табаҕы тардымаҥ!
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0