Олунньу 1 күнүттэн Ийэ хапытаалын суумата 8,4% үрдээн, бастакы оҕоҕо – 524,5 тыһыынча солкуобайга, хапытаалы ыла илик дьиэ кэргэн иккис оҕотугар – 693,1 тыһыынча солкуобайга тэҥнэһиэ.
Ахсынньыга бэрэсидьиэн Владимир Путин туох баар босуобуйалары, Ийэ хапытаалын индексациялыырга сабаҕаланар буолбакка, дьиҥнээх инфляция бырыһыанынан үрдэтэр туһунан сокуоҥҥа илии баттаабыта. Онон 8,4%-наах индексация хат дьахталларга, бэтэрээннэргэ, оҕо көрөн олорор ийэлэргэ, уо.д.а. босуобуйаларга, төлөбүрдэргэ олунньу 1 күнүттэн оҥоһуллуоҕа.
Росстат дааннайдарынан, 2021 сылга сыана үрдээн, инфляция 8,4%-ҥа тэҥнэстэ. Бу кэнники алта сылга маннык үрдүк инфляция буола илик этэ.
Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1