Саргылана Аммосова ойуур баһаардарын туһунан

19.07.2021
Бөлөххө киир:

Саха  сиригэр ойуур баһаарын кыһалҕата куруук да баар этэ, оттон быйылгы балаһыанньа уруккуга холооно суоҕунан ааҕыллар. Ол гынан баран, алдьатыылаах күүс кээмэйинэн буолбакка, хаачыстыбатынан.

Бэлиэтээн эттэххэ,  былырыын быйылгытааҕар элбэх сир уокка былдьаммыта. Ол эрээри, кураанах этиҥтэн үөскүүр ба­­һаардар тута мас төбөтүгэр көһөр баһаар көрүҥүн (верховой пожар) ылыналлар.

Баһаар балаһыанньатын туһунан  35 сыл үлэ ыстаастаах, өрөспүүбүлүкэ ойуурун хаһаайыстыбатын бэтэрээнэ Саргылана Аммосова кэпсээтэ.

Саргылана Аммосова — 2004-2013 сылларга өрөспүүбүлүкэҕэ ойуур хаһаайыстыбатын кылаабынай баһылыга этэ, Саха сирин ойуурун исписэлиистэрин уоп­састыбатын бэрэссэдээтэлэ, РФ үтүөлээх лесовода, ойуур хаһаайыстыбатын бэтэрээнэ:

«Бу үлэни барытын билэбин. Тоҕо диэтэххэ, 10 сыл устата өрөспүүбүлүкэ ойуурун кылаабынай баһылыгынан үлэлээбитим. Бастатан туран, Саха сиригэр ойуур баһаардара урут да тахса тураллара, баар да буо­луохтара. Саха сирин ойуура үксэ  тиит  мас. Кини биллэрин курдук, күһүн  аайы иннэтин түһэрэр. Бу ойуурга уот барар улахан кутталын үөскэтэр.  Тиит мас иннэтэ түһэн, ирбэт тоҥ сиргэ мунньуллан, уокка сөптөөх  тэллэҕи үөскэтэр. Ол эбэтэр киниэхэ сөптөөх түгэннэргэ: чаҕылҕаҥҥа,  курааҥҥа, салгын үрдүк температуратыгар  – барыта умайан тахсыан сөп”.

Саргылана Поликарповна эбэн эппитинэн, Саха сиригэр эдэр тиит мастар үксэ баһаар кэнниттэн саҥаттан үүнэллэр, ол эбэтэр билиҥҥи тиит ойуурдарбыт, нууччалыы эттэххэ,  “пирогенного происхождения” диэн буолар.

Баһаардар мэлдьи  баар этилэр

«Өскөтүн ааспыт сыллардааҕы баһаардары көрдөххө, хас биирдии 5-6 сылга өрө тахсыыны уонна намтааһыны көрөбүт. Баһаардар ыгылаан кэмнэр ордук элбэхтик өрөспүүбүлүкэ киин уонна соҕуруу оройуоннарыгар бэлиэтэнэллэр, оттон өрөспүүбүлүкэ хотугу өттүгэр арыый аҕыйахтык, 10-15 сылга биирдэ бэлиэтэнэн ааһаллар. Тоҕо диэтэххэ, хоту мастара кыралар уонна аҕыйахтар. Холобур, былырыын хоту ойуур олус күүскэ умайбыта. Ол иннинэ  10-15 сыл улаханнык умайа илик этэ”, – диэн кэпсээтэ Саргылана Аммосова.

Устуоруйаны хаһыстахха

Константин Аникин Саха сирин ойуурун бастакы баһылыга. Кини 1938 сыллаахха манна кэлбит уонна биир сылынан Саха сирин ойуурун хаһаайыстабатын тэрийбитэ. Кини ол кэмнэргэ маннык суруйбута:

«Саха АССР киэҥ нэлэмэн сиригэр-уотугар ойууру харыс­тааһын үлэтэ ыытыллыбат, ол түмүгэр улахан кээмэйдээх уонна уһун кэмнээх ойуур баһаардара сылтан сыл аайы бэлиэтэнэллэр.  Сорох кураан сылларга ойуур баһаардара алдьатыылаах иэдээни таһаараллар”.

Ойуур баһаардара ойууру эрэ буолбакка, кэбиһиллибит оту, олорор уонна үлэлиир дьиэлэри, сүөһүнү, бэл, дьону-сэргэни урусхаллаан, сүҥкэн кээмэйдэммиттэрэ. Ол сылларга тахсыбыт ба­­һаардары тэҥниир чахчылар бааллар:

Сыл Баһаарахсаана Иэнэ (тыһыынча га)
1940 331 280
1941 122 185
1947 692 1 923

Саха сирэ ырааҕынан та­­йаан  сытара, тырааныспар схемата уустуга баһаары утары охсуһарга ыарахаттары үөскэтэрэ. Дьону уот турбут сиригэр аҕалыахха диэри уоту умулларыы олус уустугуруор, ардыгар көдьүүһэ суох буолуор диэри номнуо улаханнык күүдэпчилэнэ турар буолара.

Аникин 1947 сыллаахха сэ­­рииттэн кэлэн баран, ССРС ойуур хаһаайыстыбатын миниистиригэр: “Саха АССР-га ойуур баһаардарын утары охсуһуу сыала-соруга ойуур уорганнарыгар эрэ ураты дьоһуннаах суолталаныа суох­таах, сыал-сорук уопсай судаа­рыстыба уонна бүтүн норуо тдьыалатын таһымыгар тиийэ үрдүөхтээх. Оччоҕо эрэ ылыллыбыт сыал-сорук саарбаҕа суох үчүгэйдик бы­­һаарыллыаҕа…”, – диэн дакылаат суруйбута.

Мин бэтэрээн быһыытынан, быйылгы курдук улахан баһаардары өйдөөбөппүн. Саамай элбэхтик уот турбут сылларынан 1986 уонна 1987 сыллар этилэр. 1986 сыллаахха  – 1438, оттон 1987 сыллаахха  1000-ча баһаар турбута. Тулабыт барыта умайбыта», – диэн Саргылана Поликарповна  эбэн эттэ.

Урут баһаары утары хайдах охсуһалларай?

Саха сирин ойуурун пуондатын иэнэ  255 мөлүйүөн гааҕа тэннэһэр. Бу  – өрөспүүбүлүкэ сирин-уотун 80% уонна Арассыыйа ойуурун  1/5 ылар.

Сэбиэскэй кэмнэргэ лесхозтарга – 2 615, авиабазаҕа 1,5 тыһыынча киһи үлэлиирэ. Ол иһигэр, парашют-баһаар подразделениета  1 125 киһиэхэ тиийэ үлэһиттээҕэ. Оттон билигин хайдахпытый? Лесничестволарга 500-тэн тахса, авиабазаларга 200-чэ киһи эрэ үлэлиир.

Үтүө сылларга харыстанар иэн 110 мөлүйүөн гааҕа тиийэр ­буоллаҕына, билигин –  37 мөлү­йүөн гаа курдук. Хаалбыт зона космическай мониторинг зонатыгар киирсэр. Харыстанар сир диэн тугуй? Харыстанар зонаҕа күн аайы салгын тырааныспарынан бэрэбиэркэ оҥоһуллуохтаах, күөдьү­йэн тахсыы түбэлтэтигэр суһаллык миэрэ ылыллыахтаах. Патруллуур сөмөлүөт кураанах көтүө суохтаах, сөмөлүөккэ парашютистар баар буолуохтаахтар.

«Мин сэбиэскэй кэмҥэ үлэлээн хаалбытым. Оччолорго бу билиҥҥи курдук умайыыны күҥҥэ үстэ: сарсыарда, күнүс уонна киэһэ патруллууллара. Баһаары буллахтарына,   авиационнай бөлөх түһэрэ уонна баһаар улааппатын курдук, тута илии үлэтин көмөтүнэн ба­­һаары умуллара барара. Сэбиэскэй кэмҥэ  ону сэргэ, эрэгийиэннэр икки ардыларыгар көһө сылдьыы (маневрирование) диэн баара. Ол да буоллар, быйылгы курдук элбэх киһи атын уобаластартан үлэлии кэлбитин кэнники сылларга өйдөөбөппүн.  Мин билэрбинэн, билигин  690 киһи атын эрэгийиэннэртэн кэлэн уоту умулларыыга биһиэхэ көмөлөһө сылдьар. Маннык күүстээх баһаардары уонна маннык дьаһаллар ылыллыбыттарын эмиэ өйдөөбөппүн.  Махтал тылларын биһиэхэ көмөҕө бэйэлэрин подразделениеларын ыыппыт эрэгийиэннэргэ этиэхпин баҕарабын», –  диэн кэпсээтэ.

2021 сыл. Алдьатыылаах  иэдээн

Саргылана Аммосова тута мастар үөһэлэригэр көһөр маннык тэтимнээх умайыы баарын өйдөөбөтүн туһунан этэр уонна быйылгы балаһыанньаны алдьатыылаах иэдээнинэн ааттыыр.

«Билигин интэриниэккэ аҥаар кырыытыттан барыларын: ойуур үлэһиттэрин уонна бырабыыталыстыбаны мөҕүттэн эрэллэр. Дьаһаллар ылыллаллар, ол эрээри, биир мүнүүтэ иһинэн барытын умуллара охсуллубатын курдук алдьархай буолла”, – диэн ойуур хаһаайыстыбатын бэтэрээнэ санаатын үллэстэр.

СаргыланаАммосова уот алдьархай аааҥнаан ааспыт «Өлүөнэ очуостара» национальнай паарка балаһыанньатын эмиэ быһаарда. Кини этэринэн, паарка сиригэр-уотугар этиҥи тардан ылар тимир руда баар. Манна этиҥтэн сылтаан куруук баһаардар буолаллар, оттон национальнай пааркаҕа уоту умулларыы олус ыарахан.

“Паарка ньуура олус уустук, уу чугас курдук да, өрүстэн ууну үөһээ таһаарыы кыаллыбат. Оттон иһиттэн киириэҕи – суола суох. Дьон өссө ким эрэ сору­йан уматарын курдук тыллаһалларын сөбүлүүллэр. Ким да умаппат, тоҕо диэтэххэ, онно тиийэр суол да суох. Киһи дьалаҕайыттан тахсыбыт баһаардар тута биллэллэр – оннук баһаардар суол, нэһилиэнньэлээх пууннар тастарыгар тахсаллар. Этиҥ баһаардара көмөлөһөр дьону уонна тиэхиньикэни тириэрдэр ыраах сирдэргэ тахсалларынан кутталлаахтар”, – диэн быһаарда.

Ону сэргэ баһаары салгынтан умулларыы кыаллыбатын бэ­­лиэтээтэ. Бу – уокка хааппыла эрэ. Баһаары тирэх минерализованнай балаһалары оҥорон, онтон утары уот ыытан эрэ умулларыахха сөп.

“Биһиги албан ааттаах дьо­­руойдарбыт: парашютист, десантник, баһаарынайдар, ойуур хаһаайыстыбатын үлэһиттэрэ – билигин бары  илиилэригэр лаппаахы тутуурдаах уонна көхсүлэригэр РЛО сүгэһэрдээх ыарахан үлэҕэ сылдьаллар. Билиҥҥи баһаардар олус уустуктар. 35 сыл үлэлээбитим тухары икки ый ардаҕа суох турбутун уонна ку­­рааннаабытын билэ-көрө илигим. Баһаар үөһэнэн бардаҕына, барыта бэйдиэ ыстанар, онно дьону ыытар да кутталлаах.

Маннык соһумар быһылааннар кэмнэригэр ардах эрэ көмөлөһөр кыахтаах. Көннөрү самыыр буолбакка, күүстээх, ыаҕастаах уунан кутар уонна уһун кэмнээх ардах. Оннук ардах да кэнниттэн ситэри умулларыахха наада буолар.

«Өссө дьон: «Этиҥ нэдиэлэ анараа өттүгэр эппитэ, оттон баһаар сибилигин эрэ таҕыста, ким эрэ соруйан уматар быһыылаах», – дииллэр. Оннук буолбатах! Этиҥ эттэҕинэ,  аа-дьуо сирэлийэ сытар уонна хас да күнүнэн өрө күөдьүйэр.  Үксүгэр этиҥ разрядыттан тахсар баһаардар тута ­буолбакка, тыалы күүтэн аа-дьуо сирэлийэ сыппыт буолаллар”,  –диэн эс­пиэр быһаарда.

Саргылана Поликарповна түмүккэ өрөспүүбүлүкэҕэ  баһаар кыһалҕатын быһаарарга бэйэтин көрүүлэрин үллэһиннэ:

«Урут өрөспүүбүлүкэ ойуур ха­­һаайыстыбатын салаатыгар  4 тыһыынча кэриҥэ киһи үлэлиирэ, оттон билигин  1,2 тыһыынча киһи баар, бу —  олох аҕыйах. Сыл саҕаланыытыгар үбүлээһин  аҕыйах, ситэтэ суох көрүллэр,  онтон сыл устата эбии биэрэллэр. Сайын бүттэр эрэ, эһиилги сылга диэри бары бу ба­­һаардары умналлар. Мин көрүүбүнэн,  баһаар биир гектары ылбыт кэмиттэн улахан кээмэйгэ тиийэ илигинэ умуллара охсор туһугар өрөспүүбүлүкэ структураларын ахсаана элбиэхтээх. Уоту буллубут – умулларабыт”.

«Саха сирэ» хаһыакка, edersaas.ru cаайтка анаан

Виктория СЕРГЕЕВА суруйуутуттан тылбаас.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0