Саргылаана Рожина: «Амма курдук кэрэ сиргэ үлэлиэххэ эрэ наада»

Ааптар: 
29.09.2021
Бөлөххө киир:

Аммаҕа бэрт таһаарыылаах үлэлээх, алта оҕолоох улахан дьиэ кэргэн баар. Ыал ийэтэ Саргылана Афанасьевна доруобуйа харыстабылын туйгуна, Дьокуускайга баар «Үрүҥ аанньаллар» тэрилтэ генеральнай дириэктэрэ, «Амарах санаа» кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр пансионаттарын дириэктэрэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннайа суох социальнай өҥөлөрү оҥорооччулар уонна социальнай урбаанньыттар ассоциацияларын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы. Оттон ыал аҕа баһылыга Тимофей Григорьев көтөрдөрү, мүөттээх ыҥырыаны иитэр «Мэҥкэр» бааһынай хаһаайыстыба баһылыга. Үлэни эрэ өрө туппут ыал ийэтэ үлэ-хамнас туһунан маннык сэһэргиир.

«Агростартаптан тирэхтэнэн»

— Үс сыллааҕыта кэргэним дойдутугар, Аммаҕа, көһөн кэлээт, кыра оҕолорбут доруобуйаларын тупсараары 40 хонуу куруппааскытын ылбыппыт. Маҥнай дьиэбитигэр туруорбуппут, онтон 20 кв м иэннээх хотону туппуппут. Ол эрээри, куруппааскыларбыт уйаларын туруорбуппут кэнниттэн элбэх миэстэ ордон хаалбыта, ону туһанаары эбии кууруссалары, хаастары, өндүүктэри, барыта 450 көтөрү ылбыппыт. Ити иннинэ мүөттээх ыҥырыалаах этибит, аны көтөрдөргө ылыстыбыт диэн, «Агростартап» бырагырааматыгар кыттарга быһаарынан, былырыын грант ылан, көтөрбүт базатын олохтоохтук оҥостон эрэбит.

Биһиги мүөппүт иҥэмтиэтинэн баай

— Ыҥырыаларбытын 2017 сылтан иитэбит. Билигин 55 уйалаахпыт. Быйыл ыҥырыаларбытын куораттыыр суолунан баар кучу от үүнэр сиригэр сайылатан баран, Хойуу учаастагын диэки, Харыйалаахха көһөрбүппүт. Бу сир былырыын курааннаан оттоммотоҕо. Манна уруккута бааһына сирэ буолан фацелия үүнэр, ыҥырыаларбыт көмөлөрүнэн быйыл балай да элбээбит курдук. Тула уобалаһыттан атыыласпыт 32 уйаҕа анаммыт «Берендей» павильоммутун мүөтү биэрэр үүнээйилээх сиргэ көһө сылдьан туруорарбытын олохтоох дьаһалта көҥүллээбитэ. Павильоммутун кыһын «Сахатент» матырыйаалынан эбии бүрүйбүппүт. Ол түмүгэр 25 уйаттан аҥаара тымныыны тулуйан, этэҥҥэ кыстаабыттара. Ыҥырыаларбытын Амур уобалаһыттан, Хабаровскай кыраайтан ылбыппыт. Тэҥнээн көрөн хайата ордугун салгыы иитиэхпит. Эһиилгиттэн силиэксийэлиир үлэни ыытар баҕалаахпыт. Соҕурууттан атыыласпакка бэйэбититтэн иитэн таһааран үчүгэй төрүөхтээх, мүөттээх, сымнаҕас майгылаах, үлэһит, тулуурдаах дьиэ кэргэни төрөтөн тэнитэргэ үлэлиэхпит.

Быйыл тиэргэммитигэр ыҥырыа кыстык дьиэтин тутуохпут, акылаатын маһын бэлэмнии сылдьабыт, аҥаара мүөтү хачайдыыр дьиэ буолуоҕа. Аныгы аптамаат тэриллэри туруорар, муҥутаан 100 уйаҕа тириэрдэр баҕалаахпыт. Ааспыт сайын 400 киилэ мүөтү ылбыппыт. 100 киилэни бэйэбитигэр хаалларан баран, ордугун тохсунньу ыйга диэри атыылаан бүтэрбиппит. Мүөт хаачыстыбата Арассыыйаҕа ортотунан 10 ТМ буоллаҕына, биһиэнэ 36,6 ТМ-ҥа тэҥнэһэр. Ол иһин Саха сирин мүөтүн ылыан баҕалаах элбэх.

300 көтөр

— Билигин 300-тэн тахса көтөрдөөхпүт, ол иһигэр 100 өндүүк, 100 хонуу куруппааскыта, 100 сымыыттыыр уонна эт боруода кууруссалар бааллар. Көтөрдөрбүтүн Чапчылҕаҥҥа 20 суотай сири ылан сайылаттыбыт. Өндүүк үс ыйыгар диэри көрүүтэ олус эрэйдээх эбит. Маҥнай 18 киилэҕэ диэри улаатар боруоданы иитэ сылдьыбыппыт. Билиҥҥилэрбит Аангылыйа «Биг-6», Арассыыйа «Хайбрид» диэн боруодалар, ыйааһыннара 25-30 киилэҕэ тиийиэхтэрин сөп. Күҥҥэ түөртэ комбикорманан, сэлиэһинэйинэн, эбиэһинэн, нэчимиэнинэн аһатабыт, күөлтэн носуоһунан хачайдаан уулатабыт. Өндүүктэр алта ыйдарыгар ситэллэр. Эттэрэ битэмиининэн баай буолан, оҕолорбутугар, пансионат кырдьаҕастарыгар туһалаах диэн салгыы иитэр санаалаахпыт.

Дьааҥыттан сылгы аҕалыахпыт

— «Уһук Илиҥҥи гектар» бырагырааманан куораттыыр суол 12 километрыгар 9 гектардаах сири ылбыппыт. Үчүгэй сир, ардах түстэҕинэ, суола-ииһэ мөлтөх, талаҕын солоон, күһүн мүөтү биэрэр донник, фацелия курдук үүнээйилэр сиэмэлэрин ыһан көрөөрү гынабыт, сайыҥҥы өртүгэр ыҥырыаларбытын илдьэн туруоруохпут уонна оттуохпут. Аны саас дойдубар, Дьааҥыга, баар биир үөр сылгыбын аҕалыахтаахпыт. Ол иһин үлэһиттэр дьиэлэрин тутуннубут, күрүө-хаһаа оҥосто сылдьабыт. Салгыы уот, интэриниэт ситимин киллэрэр туһунан толкуйдуохпут. Кырдьаҕас сылгыһыттар этэллэринэн, хааны уларытыыга Дьааҥы сылгыта саамай табыгастаах диэн буолар. Ол иһин, төрөтөн-ууһатан баран, ыччат сылгылары атыылыахха эмиэ сөп. Ити племенной үлэ биир көрүҥэ буолар.

— Бэйи эрэ, итиннэ ким көмө буоларый?

— Тыый, дьиэ кэргэнинэн бары үлэлиир буоллахпыт дии. Кэргэним, аҕабыт тутуу өттүн, хаһаайыстыбаннай чааһы барытын быһаарар. Сатаабата диэн суох. Аммаҕа суолу оҥорор тэрилтэҕэ суоппарынан, тырахтарыыһынан үлэлээбитэ. Былырыын ылбыт граммыт харчыта дьэ хамсаан эрэр, онон Чапчылҕаҥҥа көтөр турар улахан хотонун тутуохпут.

Үс оҕобут улахан үлэһит дьон. Улахан уолбут Айаал реклама өттүн, иккис уолбут Эдуард пансионат үлэтин дьаһайаллар, кыыспыт Айыына менеджер быһыытынан бородууксуйа боппуруостарын быһаарар. Үс кыраларбыт тиэргэҥҥэ көтөрдөрү көрөн-истэн аһаталлар. Күннээҕи аһылыкпыт харчытын сымыыппытын, мүөппүтүн атыылаан булабыт. Тиэргэммитигэр икки тэпилииссэлээхпит, оҕуруоттаахпыт, оҕуруот аһа дэлэйдик үүннэ. Эһээбит Дмитрий Тимофеевич көмөтө тугунан да кэмнэммэт.

Пансионаты дьүөрэлээн

— Медик идэлээх, үрдүк үөрэхтээх сиэстэрэ буоламмын 2012 сыллаахха бэйэм тэрилтэбин арыйбытым. Бастаан медсиэстэрэ дьиэҕэ өҥөтүн оҥорор этим, онтон 2016 сыллаахха пансионат арыйбытым. Билигин тэрилтэбэр 21 үлэһиттээхпин. Пансионат үлэтин тыа сиригэр ыытар үлэбин кытары алтыһыннран тэрийэбин. Ирдэбил быһыытынан хааччахтааһыҥҥа олорор кырдьаҕастарбын баҕалаахтары уонна көҥүллээхтэри уочаратынан Аммаҕа сынньата таарыйа таһааран, ыраас салгыҥҥа дьаарбатан, хамсатан, сынньатан көтөрдөрбөр көмөлөһүннэрэбин. Билигин пансионака 50-ча кырдьаҕас баар. Баайга-дуолга уонна сиргэ сыһыаннаһыы министиэристибэтэ үс сыллааҕыта Дьокуускайга быраҕыллыбыт таас дьиэни биэрбитин өрмүөннэтэ, гааһын, уотун, уутун киллэриигэ үлэлии сылдьабыт.

Агротуризм туһунан

— Чапчылҕаҥҥа көтөрдөрбүт базаларын оҥостон, агротуризмы сайыннарар баҕа баар, толкуй элбэх. Сайыҥҥы кыра дьиэлэри, күөл таһыгар бэсиэккэни, кыра тутуулары оҥоруохха сөп. Ыалдьыттарга көрдөрүүгэ биирдиилээн саха сылгытын, саха ынаҕын, козаны, соҕурууҥҥу интэриэһинэй көтөрдөрү, ыҥырыаларбытын туруоруохпутун баҕарабыт. Хоту сиргэ страустар дьикти буолуохтара этэ. Уон сымыыттан биир павлин тахсыбыта, биир холуубу эмиэ таһаарбыппыт. Ити курдук биири атаҕар туруоран баран, сыыйа-баайа атыҥҥа ылсан иһиэхпит.

– Элбэх хайысхалаах үлэни сүрүннүүр күүһү эйиэхэ ким биэрэрий?

— Бэйэм Дьааҥы Элгэһиттэн төрүттээхпин. Аҕам Афанасий Васильевич Рожин «Эҥэ» сопхуоска биригэдьииринэн, дириэктэринэн үлэлээбитэ. Миэхэ эдэр эрдэххинэ утуйар уугун умнан үлэлээ, 50 саас кэнниттэн киһи айылҕа хаамыытынан бытаарар диэн эппитин сирдьит оҥостобун. Хаһаайыстыбабытыгар үлэһит дьоҕурдаах, эргиэҥҥэ да сыһыаннаах төрүттэрим, аҕа ууһум аатын биэрбиппит.

Оҕолорбун саха итэҕэлигэр сыһыарар, дьиэбэр-уоппар, үлэбэр-хамнаспар сиэри-туому тутуһар баҕаттан алгысчыт Афанасий Федоровка үөрэнэ сылдьабын. Төрүттэрбиттэн баары туһанан, уоскуйа түһээри, охсор ыарыылаахтары илбийэбин, туһаммыт элбэх, гирудотерапевт быһыытынан эмиэ үлэлиибин. Хоту дойду тыйыс айылҕатыгар улааппыт буолан, Амма диэн ырай дойдута, олорорго, үлэлииргэ бары өттүнэн табыгастаах сир эбит диибин. Айылҕатын киһи этэ да барбат, ол курдук кэрэ. Дьоно-сэргэтэ элэккэйдэрэ, судургулара, киһилии сыһыаннаахтара, салалта үлэлиир киһиэхэ утары баран көмөлөһөрө, өйүүрэ үлэлиэн баҕалаах киһини үөрдэр. Маннык үтүө дойдуга олорон, баҕаран туран үлэлиэххэ эрэ наада.

edersaas.ru сайтка анаан Амматтан Алтаана Артемьева.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0