Саргылаана Васильевна Гольдерова-Саргы Куону ыраахтан ытыктыы көрөр бэйиэтим. Олоххо көрүүтэ чыҥха уратытынан, тыла-өһө уустугунан, илбистээҕинэн удаҕанныгы куттааҕынан-сүрдээҕинэн киһи толло көрөр. Кини айар үлэтигэр өбүгэ саҕаттан кэлбит мындыр өй-санаа, олоххо тардыһыы, алгыс, итэҕэл поэзията, анаарыы, таптал лириката барыта баар. Улахан билиилээх-көрүүлээх суруйааччы Софрон Петрович Данилов Саргы Куону поэзияҕа “саха дьахтар бэйиэттэриттэн кэскиллээх үлэлээх” буолуоҕа диэбитэ мээнэҕэ буолбатах.
– Саргылаана Васильевна, тыл суолтатын туһунан тугу этиэҥ этэй?
– Хас биирдии киһи ураты, хатыламмат көстүү. Айар эйгэлээх суруйааччы киһи эмиэ бэйэтэ туспа истииллээх, суоллаах-иистээх. Суруйар киһи тылга сыһыаннаах буолуохтаах. Тыл ситимигэр дириҥник киирии сонно тута кэлбэт быһыылаах. Кимиэхэ эрэ этэн-тыынан, саҥаран-иҥэрэн, ыллаан-туойан, суруйан-бичийэн истэҕин аайы айар-тутар айылгыта арыллан иһиэ.Кимиэхэ эрэ бу буола турар олоххо дохсуннук орооһон,кырдьыгы туруулаһан, сайдыыны саргылаһан, үлэлээн-хамсаан истэҕин аайы олох туһунан анаарар толкуйдара айымньы айар суолу-ииһи тобулларыахтара.
Биһиги өбүгэ ситиминэн бэриллибит, удьуор утумунан угуллубут уус тыл эйгэлээх ийэ, аҕа ууһабыт. Ол утумум уһуктуута хоһоонунан кутуллан, олох эдэр сааспар Бэйиэт буолар соругу туруорууттан, айар аналы Дьылҕам эбит диэн ылыныыттан арыллыбыта. Онтон ыла Айыыһытым арыйбыт айар кутум халлааныгар кут дабатан, суруйар соргу суолунан айаннаан истэҕим. Анааран көрдөхпүнэ киһиэхэ үс кут баарын курдук, тыл эйгэтигэр эмиэ үс кут ситимэ баар эбит. “Информация” буор кут тылынан-өһүнэн саҥарар, уус-уран тыл таһыма – салгын кутунан салаллар, оттон саамай үрдүк кэрдииһэ – ийэ кут ситимэ, бараммат байҕал курдук олох-олоҥхо баай тыла-өһө.
Сэбиэскэй тутул үчүгэй да, мөкү да өрүттэрэ ол кэм дьонугар дьайыыта араастаах буоллаҕа. Онтон көҥүл тыынтан тыыллан-хабыллан тахсар суруйааччыларга, “материализм” үйэтэ сатыылаан турар кэмигэр, хайдах эрэ бары-барыта сабыылаах этэ. Ол саҕана Таҥара, абааһы, иччи – суох. Киһи таҥара курдук. Эһэбит Элиэнньин, аҕабыт Сталин диэн Уруй-Айхал, Сүгүрүйүү, коммунизм, социализм идеалларын итэҕэйии көлүөнэтин оҕолоробут. Литератураҕа даҕаны социалистическай реализм принциптэригэр олоҕуран суруйуу булгуччулаах ирдэбил буолара. Устудьуоннуу сылдьан «История КПСС уонна Научный коммунизм” диэн биридимиэттэри үөрэтэрбит. Онно мин дьааххана истибитим баар этэ. Коммунизм үйэтигэр киһи аймах барыта биир тылынан саҥарар буолуо диэн. Төрөөбүт тылын төлөннөөхтүк таптыыр миэхэ – ону ылынар олус ыарахан этэ. Ол аата хас биирдии омук бэйэтин төрөөбүт тылын, хатыламмат уратытын сүтэрэр иэдээнэ үөскүүһүк диэн сүрдээҕин хараастыбытым.Оннук коммунизымҥа таптыыр сахатын тылынан сайа саҥарар саҥнаах таласпата биллэр. Онон улугуруу кэнниттэн сүүрбэһис үйэ 80-c. сылларын ортолоруттан, өссө Сэбиэскэй кэмҥэ уларыта тутуу саҕаламмытын, аан дойдуга аһаҕас буолуу акылаата түспүтүн олус диэн биһирии сэҥээрэ көрсүбүтүм.
Барыта биир халыыпка киирэ сатааһын сыанан аҕаабат. Сайдыыны тутахтык ылыныы, цивилизацияҕа суураллыы баар суол. Ийэ куппутун иринньэхситэн кэбиһэммит, тылбытыгар, итэҕэлбитигэр, сиэрбитигэр-туоммутугар, култуурабытыгар болҕомтобутун уурбаккабыт омук быһыытынан уратыбытын сүтэрэр, суураллар куттал бу глобализм үйэтигэр өссө улааттаҕа.
Онтон сүүрбэһис үйэ бүтүүтэ биһиэхэ аҕыйах ахсааннаах омукка өрүһүнүү курдук Көмүс Бириэмэни биэрбиттээҕэ. Аан дойдуга аһыллыы, арыллыы кэмэ кэлбитигэр саха буолан сандаарарбытыгар, киһи буолан килбэйэрбитигэр дьикти кэм кэлэн ааспыт. Ол итэҕэлбит тыына аһыллан, бу ис эйгэбитигэр баар айылҕабыт уһуктуута дии саныыбын. Өбүгэттэн ситимнээх Төлкө өрүспүтүгэр көҥүл тыын көмүөлүн күүһүнэн өрө көтөҕүллүү. Төрүт үгэстэри сөргүтүү. Айыы үөрэҕинэн өрүттүү. Айыы тыынын сатыылатар, саха омук саргытын салайсар саарын дьоннорбут тутулу тулааһыннаары туран кэлбиттэр. Айар дьон бөҕө дьолуолаах айаннарыгар туруммуттар.
Түҥ былыргыттан саха омукка үс cүрүн идэ баар дииллэр: уус идэтэ, олоҥхоһут, ойуун. Миэхэ олоҥхоһут утума угуллубутун уһун сыллар устата уһугуннарбатахпын, суолта ууран сайыннарбатахпын. Айар тыл тыын муҥутуур таһыма – олоҥхо эйгэтэ. Ол кэлин, удьуор утумугар холбонон, этитиилээх тыллаах салгын кутум салаллан иэйэр-куойар ийэ куппун кытары ситимнэстэҕим, олоҥхолуу айымньылары сурукка-бичиккэ тистэҕим. Дьиҥэр эдэр эрдэхтэн улахан болҕомто ууруллуохтааҕа эбитэ буолуо – удьуор утумҥа,уус тылга уһаарылларга уһуйуллар учууталлардаах буоларга.
Тохсус баалы түһэрбит, тимирэ-тимирэ күөрэйбит сүүрбэһис үйэбит 90-c сыллара ити өттүнэн саха омукка өрүттүү Бириэмэтин үөскэппиттэр эбит.
Уопсайынан да, саха омук үөрэхтэнэрин, судаарыстыба тутулланан олоҕо-дьаһаҕа сайдарын туһугар сүүрбэһис үйэҕэ сырдатааччы суруйааччыларбыт, салайааччыларбыт, учуонайдарбыт муҥура көстүбэт улахан хамсааһыны оҥордохторо.Кинилэри балыйбыт, дьарыйбыт Бириэмэ иититтэн үтүө ааттара алмаас таастыы арылыйан тахсыбыта. Ол барыта саха бэйэтин ийэ кутун ис тыына уһуктарыгар көмүөл күүһүн уһугуннарбыта. Омук быһыытанан силис тардыбыт сиригэр-уотугар тутул буолан тулааһыннанан олорор кыаҕа улааппыта.Олоҥхо тыыннанан улаҕаланан улаатар ийэ тылын иринньэхсиппэт туһуттан,хатаммыт ааннар халҕаннарын арыйаркөмүс күлүүһү көрдөөн буларга дьулуспута. Төһө да аҕыйах ахсааннаах буолларбыт, үөрэхтэнэн өркөн өй ситимигэр, кэм-кэрдии сайдыытын хаттыгаһыгар кут дабатан тахсыбыт омук буолабыт –биһиги сахалар.
Харыһыктаах хаарыан тылбытын харыстыыр, омук быһыытынан уратыбытын уһаарбыт материальнай култуурабытын сыаналыыр кэммитигэр куруутун да баарбыт. Онтон ол 90-с сылларга дьиикэй ырыынагы кытары тилэх баттаһа «эпоха возрождения» курдук Көҥүл тыын күөрэйбититтэн тыыллан-хабыллан тахсыбыт көлүөнэҕэ киирсэбин. Ол кэмҥэ национальнай концепция ылыллан, омук быһыытынан өрүттэрбитигэр судаарыстыба өттүттэн болҕомто ууруллан, норуот уһуктан, хайдах эрэ бэйэбитигэр баар барыта таһымнаан тахсыбыта.
Мин эмиэ оҕо эрдэхпиттэн наһаа күүппүт кэмим кэлбит курдук этэ. Бу орто дойдуга киһи үөскүүр-төрүүр, олох олорор, ол кэннэ кини кэлин хаһан даҕаны иккистээн кэлбэт диэн өйдөбүлү, олох барыта өлүүнэн түмүктэнэрин тоҕо эрэ кутум-сүрүм утарсар, ылыныан баҕарбат этэ. Үс-түөрт саастаахпар эбитэ дуу, киһи өйө-санаата уһуктар кэмэ кэлэр эбит… Ол кэм миэхэ өрүү өйбөр хатанан хаалбыт, мин өйбүн-санаабын уһугуннарбыт биир умнубат түгэни кэпсиим.
Эрдэтээҥҥи оҕо сааһым Амма Соморсунугар ааспыта. Биир саастаахпар ийэбит агрономунан ананан, төрөөбүт Болугурбуттан онно көспүппүт. Арай саас биирдэ күрдьүк үрдүгэр турар эбиппин. Эмискэ баҕайы халлаан сырдаан, күн чаҕылыйан аҕай күлүмүрдүү-күлүмүрдүү тыган кэлбитигэр тулам барыта сандаарыйан хаалбыта. Кыра оҕо буоллаҕым уонна дьэ дьикти баҕайытык ким эрэ этиппитин курдук саҥа аллайбытым: «Оо, Таҥара баар эбит, ол иһин биһиги баар эбиппит!». Онтон наһаа да үөрбүтүм! Ити курдук дьиктитик, өлбөт-сүппэт ийэ куппун кытта ситимнэспит, кини саҥатынан саҥа олох олорон эрэр оҕочоос бэйэм саҥа аллайбыппын ,олох умнубаппын. Бу орто дойдуга баарбын диэн өйүм-санаам уһуктуутун умнубаттык өйдөөн хаалбыппын.
Өссө оскуолаҕа үөрэнэр кэмнэрбиттэн, Өксөкүлээх Өлөксөй, Алампа, Күндэ, Ойуунускай, Неустроев, Эллэй, Эрилик Эристиин, Амма Аччыгыйа, Тимофей Сметанин о.д.а. классик суруйааччыларбыт айымньыларын сабыдыалларынан буолуо сахалыы олох устуоруйата,тыына, тыла мин куппар-сүрбэр олус чугас уонна истиҥ буолбута.Ааҕар кэпсээннэрим, сэһэннэрим, драмаларым ис эйгэлэригэр дьиҥ чахчы баар курдук буоларым. Аанчыгы, Хачыгыры, Кэтирииһи аһынан хараҕым уута халыйара.Хаартыга сүүйтэрбит куоратчыт аҕаларын кэлтэйдии кэтэспит дьиэ кэргэнин кытта бииргэ хараастарым. Саха балаҕанын иһигэр Микиитэ Лэглээринниин биир олоҕунан олорорум, “туман буолбут хонуктар тумулларын кэтэҕэр кыһыл буурҕа аттаахтар ньиргиэрдэрин” истэрим, Улуу Кудаҥса уоруттан уолуйарым, Чолбону кэрдэргэ туруммут дохсунун сөҕөрүм, Дойду оҕото Дорогуунап Ньукулай тапталыттан долгуйарым, туос ураһаланан олорбут былыргы үйэлэри да сураһарым…
Онтон бэйэм айар эйгэ алыбыгар, суруйар соргу суолугар туруммуппар туох баар өйүм-санаам поэзия тылынан тыыннанан, хоһоон тылынан хомуһуннанан барбыта. Ол гынан орто дойдуга олох олорорго, дьиэ кэргэни иитэргэ хайаан да хамнас аахсар үлэлээх, ол идэҕин сүрэҕиҥ сөбүлүөхтээх, оччоҕо эрэ дьоллоох буолар эбиппин диэн өйдөбүлгэ тиийбитим. “Ханнык идэ суруйар эйгэбэр чугас этэй” диэн толкуйга түстүм. Дьупулуом ылбыт идэбинэн учууталлаатахха, саҥардыы улаатан эрэр айар кутум буомуран хаалыах курдук. Аны бэйэм, өр кэмҥэ кыараҕас кыбыыга сатаан кыбыллыбат, тутул хааччаҕар хааллыбат, туохтан да көҥүлү өрө тутар айылгылаах айыллыбыппын.
Төрүт дьарыкка олоҕуран, сүөһүлэнэн-астанан олорон, иринньэх дьиэ кэргэммин уонна поэзияны бүөбэйдээһин бу эмиэ айар-сайдар көҥүллээх буолуу суолун сүрэҕим талбыта. Оннук көҥүлгэ айаны талан, ийэ уонна суруйааччы быһыытынан, олохпун, олбохпун булан баран, иринньэх оҕолорум борбуйдарын көтөҕөн, айар үлэм этэр-тыынар эттэнэн-сииннэнэн, кэҥээн барбытыгар тирэхпин ыллым диэн Амматааҕы телестудияҕа үлэлии киирбитим.
Бу баарга баар оҥорбут, бараммат-хороммот олох олоруу – барҕа баайын барыбытыгар тосхойбут, төрөөбүт-үөскээбит Сүүрбэһис үйэбэр өрүүтүн да махтаныам турдаҕа. Сабыллан хаалбыт сахалыы олохпут тутула, салгын кут эйгэтинэн салаллан, төрүт эйгэҕэ төрдүлэнэн, ийэ куттан илгэлэнэн кэлбитэ. Саҥаттан саҥалыы сайдыыбыт тускула торумнаммыта. Аан дойду барыбытыгар да аһаҕас буолбута. Онон саха омукка билим, литература, ускуустуба, духуобунай, материальнай олох бары хайысхатынан ытык дабатар аар айан саҕаламмыта.
Мин туспар литератураны уонна суруналыыстыканы дьүөрэлээн үлэлиир-хамсыыр ирдэбили уонна соругу саҥа үүммүт үйэм туруорбута. Аммаҕа тэлэбиидэнньэ суруналыыстыкатыгар үлэлээн, буола турар Бириэмэ ситимигэр бигэтик киирэри Дьылҕа Тойон модьуйбута. Устуудьуйабыт култуура дьиэтигэр баар этэ. Ыһыах кэмнэригэр уонна араас тэрээһиннэргэ миэхэ “эн суруйааччыгын” диэн алгыстары сакаастыыр буолбуттара: таптал алгыһа, Дьөһөгөй алгыһа, Ала Мылахсын алгыһа, ыһыах алгыһа, дьиэ кэргэн алгыһа… Биирдэ өйдөөбүтүм арай алгыс поэзията миэхэ арыллыбыт эбит.
Орто туруу дойду алгыска көтөҕүллэн турар буоллаҕына, туох барыта, этэргэ дылы, тыл кытары олоҕу кытары ситимнэнэн улахан алгыс эйгэлээх буоллаҕа дии. Тыл үлэһитэ, саха тылын сулууспалааҕа буоларым быһыытынан миэхэ ол алгыс поэзията сайдан барбыта. Итэҕэл поэзията диэххэ дуу… Атын итэҕэллэри кыратык даҕаны анааран көрдөххө, малыыппалар, маантыралар бааллар, оттон биһиги итэҕэлбит эмиэ алгыстарга олоҕурар. Оннук ис иһиттэн өйдөөн көрбүтүм туох барыта алгыстаах эбит. Алгыһынан түмүктэниэхтээх, сүөрүллүөхтээх, көтөҕүллүөхтээх. Бэйэм олохпор даҕаны алгыс көмөлөһөн барбыта. Холобур, бастаан 80-с сылларга айар үлэбин саҕалыыр кэммэр “айымньы айар, хоһоон суруйар бэйиэт буолабын” диир эдэр киһиэхэ таптал лириката наһаа күүстээх этэ. Буор куппунан айылҕаҕа сүгүрүйэрим, кэрэхсиирим барыта миигин өрө күүрдэрэ. Онтон дьэ лириканы кытта өй-санаа анаарыыта дьүөрэлэһэн, бэйиэт киһи сайдыытын сиэринэн, медитативнай поэзияҕа киирбитим. Барыта сахалыы анаарыы өттүнэн кэлбитэ. Уратым дии санаабаппын. Киһи орто туруу дойдуга олорон айыы суолунан айанныыр. Остуоруйаларбытыгар эмиэ баар – эдэр киһи элбэхтик булкуллан , мунаах суолларынан айаннаан баран, айыы аартыгын таба тайанарыттан, сөптөөх суолга үктэнэрин курдук.
– Былыргыны үөрэтэр, анаан чинчийэр этиҥ дуо?
– Оннук анаан үөрэтии суоҕа, ол гынан баран ордук сиэргэ-туомҥа, итэҕэлгэ сыһыаннааҕы дьиктиргиирим.Омук быһыытынан үөскээн кэлбит устуоруйабытын сэҥээрэн билэ сатыырым. Сахам университетын историческай-филологическай факультетын саха салаатыгар үөрэммит кэмнэрбэр Николай Антонов, Егор Алексеев, Георгий Башарин лиэксийэлэрин кэрэхсээн истэрим.
Ол эрээри миигин ордук Кэм киэлитигэр угуллан, Үс куттан таҥыллан, киһи орто дойдуга хайдах, туох аналланан-миҥэлэнэн айыллан кэлэрэ долгутар быһыылаах.
Саха киһитин анааран көрүүтэ хантан кэлбитэ, хайдах үөскээбитэ буолла, ол барыта толкуй тобуллуутунан кэлэр да буоллаҕына, сүрдээх дириҥ. Өркөн өйгө холбонууга, олоҕу олоҥхолуу көрүүгэ олоҕурар быһыылаах. Аан дойдуну тутан турар Аарыгыра үүнэр Аал Луук мас.Үөһэ, Орто, Аллараа дойдулар. Буор, салгын, ийэ куттан таҥыллыбыт Айыы хаан аймах. Тоҕус халлаан тутуллаах Айыы суола.Олоҕу салайар-дьаһайар Айыылар. Сири дойдуну, Ууну, Уоту, Салгыны иилиир-саҕалыыр, харыстыыр Иччилэр. Аан Ийэ дойдуну тыынар тыыннаан, килбэйэр кииннээн айан таһаарбыт Аар Айыы Күн Таҥара.
Син биир, аныгы үөрэхтээх киһи устуоруйаны, этнографияны, итэҕэли,фольклору, сээркэн сэһэни сэҥээрэн, сурук-бичик эйгэтиттэн туһааннаах литератураны булан астына ааҕарга бириэмэтин харыстыа суохтаах. Билиитин-көрүүтүн кэҥэтэригэр интернет ситимигэр да холбоноругар үчүгэй үйэ үүннэҕэ. Ааспыт кэми билиҥҥини кытта тэҥнээн көрөргө, элбэҕи истии-көрүү, чинчийии, бөлөһүөктэр, историктар да суруйууларын ааҕыы суруйааччы киһиэхэ суолталаах дии саныыбын. Сахалыы толкуйдааһын, үс кутунан анааран көрүү мин олоҕу өйдүүрбэр, айар үлэбэр да тирэх, төһүү күүс буолар.
Кистэлэҥ күүс – тыл күүһэ. Алгыс поэзиятын арыйар күлүүс – үтүө санааҥ үрдээһинэ, махталлаах буолуу, бырастыы гыныы, олоҕу хайдах баарынан ылыныы, тапталынан тыллыы…
– Удаҕанныҥы тыын баар диэн этиэххин сөп дуо?
– Тыл иччилээх, этитэр эйгэ. Бэйэтэ ураты тыыннаах. Ол утумугар киирдэххинэ итинник бэйэҥ да билбэккинэн арыллар. Айыы тыын сатыылаан түһэр,тылтан тыл саҕыллар, уохтанан, уоттанан умсугутар.Оччоҕо иэйэр кутуҥ тыыллан-хабыллан тахсар тыыннаах тылы кытта ситимнэһэн айымньы айар алгыска көтөҕүллэҕин. Уобарастары таҥар, хоһооннору айар,остуоруйалары суруйар, айылҕаны дьүһүйэр,олоҕу анаарар,тапталга билинэр, эрэйи да эрэли да этинэр эйгэҕэ киирэҕин. Дьикти турук диэтэҕин –айар сурук… Муусука курдук дорҕоон доҕуһуоллаах… Уйулҕаҕыттан уһаарыллан тахсар курдук эрээри, Дьылҕаҥ нөҥүө аһарбытыҥ эрэ айымньы буолар айылгыланар, хоһоон буолар хомуһуннанар, сүрэхтэн сүппэт ырыа буолар оҥоһууланар.
Көймөстүбүт көҥүл санааларыҥ көтөллөнөн тахсаары, тууйуллан туустаммыт иэйиилэриҥ олох далай муоратыгар суураллан тэнийээри, айар турукка киирбиккин бэйэҥ да өйдөөбөккө хаалаҕын. Тылга абылатыы диэн дьикти баҕайы буолар эбит. Куккунан-сүргүнэн айаннаан-айаннаан тиийэҕин. Ону миэхэ кэлин эпическай жанырга дьоҕурдаах, уһун тыыннаах эбиккин диэбиттэрэ. Онон олоҥхо тыына уһуктан, олоҥхолууу айымньылар айыллан барбыттара.
– Айар тыл маастарыстыбатыгар чочуллууҥ туһунан хайдах этиэҥ этэй?
– Айар-суруйар турукка киирдэххинэ өйгүнэн салайтарбаккын. Айыллар айымньы хайдах, хантан кэлэрин, суруйуу уххананыгар ыллара олорон ымпыктаан-чымпыктаан ырыппат буоллаҕыҥ. Аан бастаан, кырдьык, суруйаачы, бэйиэт буолуом диэн турунар айаммар – хоһооннорбун төхтөрүйэн кэлэ-кэлэ эпитеттаах, метафоралаах, пуормалаах, көҥүл пуорма аллитерацияҕа олоҕурар буолуохтаах эҥин диэн көннөрүү, эбии-сабыы бөҕө буоларым. Хатыламмат, ким да эппэтэх тэҥнэбиллэрин эҥин була сатыырым. Эдэр эрдэххинэ уобарастары көрдүүгүн, саҥаны киллэриинэн үлүһүйэҕин. Тыл – тыыннаах эйгэ. Холобур, Сахабыт сирин өрүстэрэ бары Өлүөнэҕэ кутуллаллар, онтон Өлүөнэ Хотугу Муустаах байҕалга түһэр. Ол курдук эн эмиэ тыл өрүһүн устун айанныыр курдук эбиккин.Устар ууну сомоҕолуур уус тыл чыпчаала – Олоҥхо тылын баай байҕала. Өбүгэ ситиминэн ийэ куккар угуллан кэлбит удьуор утуму уһугуннарыы, уус тылынан хоһуйар дьоҕуру сайыннарыы – онно айаннаан тиийэр унньуктаах уһун суолуҥ.
Итэҕэл, алгыс поэзиятыгар киирэргэ сиэр-туом толорор курдук эн бэйэҥ ис эйгэҕэр ханнык эрэ омсолоох өрүттэрдээх, кимиэхэ эмэулаханнык хоргуппут хом санааҥ, бырастыы гынары сатаабатыҥ, уһуну-киэҥи санаабатыҥ – бу барыта мэһэйи, иэйэр куойар ийэ кутун туску суолу тобуларыгар туорайдары үөскэтэр. Бэйэм итэҕэспэр-быһаҕаспар, ыһыллаҕаспар, кэтэмэҕэйдэнэн кэнэмсийэрбэр, хоргуспар, холуоммар, хомолтону өр тутарбар о.д.а. атын куппун-сүрбүн, майгыбын сигилибин киэргэппэт кэмэлдьилэрбэр элбэхтик үлэлэспитим. Оннук турук хайдах эрэ кэп туонуу Бириэмэтигэр киллэрбитэ. Кэп туонан сааһыланан ыраастаммыппын эрэ кэннэ миэхэ ити алгыс поэзиятын аана арыллыбыта. Көҥүл ылар курдук. Айар эйгэҥ алгыстаах буоллаҕына, дьоҥҥо туһалаах, тускуллаах буолар.
– Бириэмэҕин хайдах аттараҕыный?
– Хас биирдии киһи айар куттаах, айар кут – айыы тыына барыбытыгар баар дии саныыбын. Айбыт айыыларбыт биһигини айар куттаан ыыттахтара дии. Суруйбутум барыта кинигэ буолан тахсыбатар даҕаны, айар тыын сатыылыырын күөмчүлэппэккэ олорор баҕа миэхэ уруккуттан баар этэ. Хааччах баар буоллаҕына тыыным-быарым тууйуллар. Кэлин көҥүлүм тыына күөмчүтүллүбэтин курдук олохпун-дьаһахпын аттаран, кэм айанньытын киэбигэр киирбитим. Кут айанын – кэм айанын эргииригэр сылдьан – кинигэлэрбин оҥорор, айар-тутар, үүнэр-сайдар суолларбын тобуларга дьулуһабын.
Биэнсийэҕэ тахсыы диэн көмүскэл курдук эбит. Биэс сыл курдук буолла, бүддьүөт тэрилтэтигэр үлэлээн бүтэн, айар дьиэ-кэргэн тутулунан олорбутум. Саамай сөбүлүүрүм ити – көҥүл тыыны тууйбакка, тутул хааччаҕар хаатыйаламмакка, үйэлээҕи уонна күннээҕини дьүөрэлээн айа-тута, үүнэ-сайда олоруу. Хайдах эрэ оннук көҥүл тутуллаах олоҕу өссө эрдэ талбытым. 1985 сыллаахха төрөөбүт дойдубар силистэнээри, оҕолорбун айылҕа далбарыгар улаатыннараары уонна суруйааччы тыа сириттэн иитиллэн тахсыахтаах диэн өйдөбүлүнэн салайтаран куораппыттан Аммаҕа көспүтүм.Тыа ыалын сиэринэн дьиэ-уот туттан, кэтэх хаһаайыстыба тэринэн, хайдах эрэ былыргы саха дьахтарыныы дьаһанан олоруохпун баҕарбытым. Саха норуота былыр-былыргыттан олорон кэлбит олоҕун бэйэм нөҥүө аһардыбытым. Ол эйгэни кытта суруйар дьарыкпын дьүөрэлээбитим.
Киһи бэйэтэ бэйэтин олоҕун дьаһанан тутулуга суох олоро түһүөхтээх… Ол эрээри аныгы кэм суруйааччыта наһаа былыргы үйэҕэ түһэн, балаҕан иһигэр бүтэйдэнэн, алаас иһигэр иһийэн олороро тутах.
Оҕолорум улаатан, үөрэх, үлэ суолун солоно олох улахан аартыгар үктэммиттэрэ. Кэргэммин кытары өйдөспөт буолуубут дириҥээн арахсыы сыла кэлбитэ. Онтон, дьэ, арахсан баран алгыска тиийии диэн эмиэ баар суол эбит. Ийэ, аҕа, эбэ, эһэ ситиминэн, биир Аал Кудук маспытын чэлгитэр аналбытын – доҕордуу, киһилии сыһыаҥҥа олоҕуран сайыннарар саҥа кэммитигэр тиийэн кэллэхпит.
Бу буола турар олох дохсун долгунугар суруналыыстыкам сиэтэн киллэрбит эбит. Идэни, эйгэни дьүөрэлээн, социум, дьон-сэргэ олоҕун сэҥээрэр, сырдатар суруналыыс үлэбинэн бэйэм кэммэр киирэн хаалбытым. Былыргы дьахтар төрүт үгэстэргэ олоҕуран дьиэ кэргэнин ииппит 19 үйэбиттэн оронон тахсан… Онон дьылҕабар наһаа махталлаахпын. Ханнык эрэ кэмҥэ тутулуга суох олордон, балаҕан дьахтара буолан олордоҕум дии. Ол кэмҥэ хайдах эрэ оннук олоруу наада да курдук этэ: хамнас төлөммөт, уопсастыбаҕа түһүү-тахсыы, өбүгэ үгэһигэр төннүү… Ол төлкө төрдүгэр төннөн төрүт эйгэни, дьиэ кэргэни өрө тутан олорбут сылларым бу Бириэмэни, бу Көмүс үйэбин баар оҥордохторо.Кэлин алгыстары суруйууга үлэлэппиттэригэр ити хатыламмат кэрэ олоҕум кэрдиис кэмин өйдүүрбэр, үрдүктүк тутан сыаналыырбар көмөлөспүтэ. Таптал аман алгыһа, дьиэ кэргэн – тэрилтэм, дьикти эйгэм дириҥ суолтатын, ыанар ынахтанан, хаһаайыстыбаланан олорорбор Ала Мылахсын хайдах абыраабытын өйдөөбүтүм,Күн Дьөһөгөйгө, Ынахсыт Айыытыгар сүгүрүйүү сиэрин-туомун оҥорбутум – туох баар сойон хаалбыты холумтаммар төттөрү ириэрэн аҕалбыта, Иэйэхсити бэттэх хайыһыннарбыта. Олоҕу алгыһынан анаарыым Айар үлэбин да, Кэскил үйэбин да сырдаппыта, үрдэппитэ, сылыппыта. Ол иннинэ хайдах сатанарынан, дьаалатынан олорбут кэмнэрим кэһиэхтэммит кэриэн ымыйата ыраастаммыта,өтөхсүйэ сыспыт алаһам сыыс ото ылҕаммыта… Эмиэ сахалыы тапталым алааһыгар саҥалыыра олохпор сайдам олох саргыта салаллыбыта. Барыта көстүбэт-биллибэт эйгэҕэ олоҕурар, ситимнээх, бэрээдэктээх эбит. Дьиэ кэргэҥҥин тэнитэн истэҕин аайы – бу аҕа, ийэ ууһунан чэлгийэн, саха омук сомоҕолоспут тутулугар эн баар эбиккин сыаналыыгын. Ону өйдөөтөххүнэ орун оннугар түһэр. Мин олох дьиҥ ситимигэр киирбэккэ, саха дьахтарын быһыытынан силистэнэн-мутуктанан олорбокко, аҥаардас суруйааччы эрэ суолунан барбытым буоллар, силигим ситэритэ суох буолуо этэ. Киһи аналын таба тайаннаҕына дьоллоох буолар.
– Саҥа кинигэлэриҥ нөҥүө туох санааны тиэрдэҕин?
– Санаа мунньустан иэйии буолан тахсар эйгэтэ баар. Киһи тутул ситимигэр олорор буоллаҕа. Бу үйэлэр кирбиилэригэр саха тыллаах суруйааччыта буолан, айар суолум арыллан тахсыбыт эбит. Кэнники түөрт кинигэм Сир Ийэни, Аҕа халлааны кыттабиир айыы ситимнээхтэр. Бу сиргэ силистэнэн олох олоро кэлэбит. Айар уоххун – айыы уоккун бэйэҥ олорор олоҕуҥ нөҥүө аһараҕын. Уһун сыллар устата олох олорбут, оҕо уруу тэниппит айыы тайбыт Аммам сирин-уотун кытта ситимнээх айымньыларбын холбообутум бэйэтэ туспа кинигэ буолан таҕыста. “Ийэ сиргэ сүгүрүйүү” диэн улахан баҕайы өйдөбүлгэ кинигэлэрим олоҕурбут эбиттэр. Трилогия курдук буолла. Амманы, Аар Айылҕаны, Ийэ Сиргэ сүгүрүйүүнү кытта ситимнээх айымньыларым “Айыыһыт алҕаабыт кытыла”, – диэн кинигэбэр киирдилэр.
Суруйааччы киһи айар-тутар айылгыта төрүттэммит омугун кытта ыкса ситимнээх, төрөөбүт дойдутуттан, ийэ сириттэн силистээх-мутуктаах. Сүрэҕэ омугун туһугар ыалдьар. Ол омук быһыытынан эн таҥыллыыҥ итэҕэлгэр, тылгар, сиргэр, сомоҕолоспут тыыҥҥар баар. Оннук ис хоһоонноох кинигэм “Айыы саха” диэн буолар. Саха сиригэр олорорбут, алаастан айыллан тахсарбыт философията барыта поэзия нөҥүө кутуллан кэлэр санааларга олоҕурбут кинигэ.. Евразия-Азия-Саха сирэ-Алаас айыллыы тыынынан омук быһыытынан айыллан тахсан, түҥ былыргы омуктан кэлбит суолбутун анаарыы айымньылара тиһиллэн киирдилэр. Бу кинигэ үп-харчы көһүннэҕинэ, Бириэмэтэ кэллэҕинэ күн сиригэр төрүөҕэ диэн бигэ эрэллээхпин.
Кэлин айаҥҥа элбэхтик сылдьабын, Индияҕа тиийэн төбөт омук духуобунай лидера Далай Лама үөрэҕин нөҥүө буддизм философиятын сэҥээрдим . Саха бэйэтэ улахан итэҕэллээх омук. Бу өбүгэ ситиминэн аан дойдум устунан айантан айыллан тахсыбыт кинигэбин “Сакура тыллыыта” диэн ааттаатым. Ийэ сир икки атахтаах биһигэ, биир сомоҕо киһи-аймах утума, ситимэ, Аарыма Аал Кудугун чэлгийэр лабаата буолабыт диэн санааларга, өйдөбүллэргэ тирэҕирэн сурулла сылдьар кинигэ. Ол курдук аан дойдубар аан аартыкпын арыйар күлүүс тылбын көрдүү Японияҕа, түгэх өбүгэлэрбэр сүгүрүйэ Польшаҕа тиийэ сылдьыбыппыттан (миэхэ поляк хаана эмиэ баар), бу кинигэ айыллыахтаах тускула оҥоһуллан барбыта. Онтон Индияҕа эргиллэн тиийэ турар айаным – мин туспар дьикти арыйыылара элбэх.Аарый өбүгэлэрбит аман өстөрүн Далай Лама сэһэргиирин нөҥүө истии, Аар Айыы итэҕэлбит төрүттэммит эйгэтин сэгэтии эбит.
Урут эдэркээн саастарбар, үрдүк үөрэхпин бүтэрээт, уһук хоту улуустарга тиийэн учууталлыы да, суруналыыстыы да сылдьыбытым. Булуҥ улууһугар Таймалыырга, Анаабыр Сааскылааҕар үлэлээбитим. Көҥүл суруйааччы буолбут кэммэр Эдьигээҥҥэ, Сааскылаахха, Дьааҥыга тиийтэлии сылдьыбытым. Арктика устун хаан тамайбыт айаммыттан – биирдэ өйдөөбүтүм “Дьолум маҥан табата” диэн кинигэ оҥоһуллан эрэр эбит. Маҥнай туох айылла сылдьарын өйдөөбөт курдуккун, онтон дьэ сааһылаанан, дьэҥкэрэн, арыллан иһэр. Туох айылаах уйуһуйан туран, бу ханна айаннаатым, кэллим-бардым диэн санаабытым, онтукам итинник тахсан кэллэ. Итинник ис хоһоонноох кинигэлэрим бэлэмнээбитим, хаһан эрэ бэчээттэнэн тахсар бириэмэлэрэ кэлиэҕэ.
– Орто дойдуга олох олоро кэлэн баран, кыараҕас кыбыыга кыбыллан, хаатыйаланан бэйэҥ бэйэҕэр олордоххуна, туох да хамсааһын тахсыбат. Онон айар эйгэ алыптаах тыыныгар киирэммин, олорорум тухары аан дойдуга айанныы, анаара, чинчийэ, дьиэ кэргэммин бэрийэ,чэлгитиһэ, сайдар саргынан салалла сылдьарга кыһаллабын. Айыы ситимин туттаххына күнүҥ-дьылыҥ таҥыллыыта, кутун-сүрүн аан дойдулуун алтыһар айана кэм кэрдии тэтиминэн арыллан иһэр. Тугу мунньубутум, иэйбитим-куойбутум, санаабытым, анаарбытым айымньы буолан айыллан тахсарыгар, субу курдук үүнэр-сайдар, айар-тутар аналы-минэли Айыыларым, өбүгэлэрим, төрөппүттэрим тосхойбуттарыгар куруутун да махталым, тапталым, алгыһым улаата туруохтун!
Сурукка тистэ филологическай наука хандьыдаата Ангелина КУЗЬМИНА