Сардаана Трофимова уонна Альберт Варламов — Амматааҕы марафон кыайыылаахтара
06.07.2019
Бүгүн Аммаҕа сарсыарда 9 чаастан марафон саҕаланыахтаах этэ. Онуоха ардах мэһэйдээн, марафоммут арыый хойутуу саҕаланна. Кыайыылаахтарынан Сардаана Трофимова уонна Альберт Варламов буоллулар.
Марафоннааҕы сүүрүүгэ уопсайа 54 спортсмен кытынна — 33 эр киһи уонна 21 дьахтар. Кыттааччыларга эдэрдэри кытта саастаах дьон эмиэ кытынна. Кинилэр сүрүн соруктара — 2,7 уһуннаах сири 15-тэ эргийиэхтээхтэр.
Эр дьоҥҥо кыайыыны 2:40:16 бириэмэ көрдөрүүлээх Тааттаттан Альберт Варламов ситистэ. Оттон иккис миэстэни 2:41:45 бириэмэ көрдөрүүлээх Хаҥаластан Вячеслав Громов буолла. үһүс — 2:41:45 бириэмэлээх Бүлүүттэн Айсен Васильев.
Дьахталларга Үөһээ Бүлүү сүүрүгэ Сардаана Трофимова 2:51:44 бириэмэлээх биэтэккэ бастакынан кэллэ. Иккис миэстэ Тааттаттан Марфа Троева буолла. Кини вөрдөрүүтэ — 2:58:58. Үһүс — 2:59:44 бириэмэлээх Намтан Изабелла Борисова буолла.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1