Сардаана Трофимова мэктиэлэммиттэр испииһэктэригэр киирбэтэ
Бүтүн Арассыыйатааҕы чэпчэки атлетика федерациятын тириэньэрэ Токио куоракка Олимпиадаҕа кыттарга 10 спортсмены мэктиэлээтэ.
World Athletics быһаарыытынан, Токио куоракка буолаары турар Олимпиадаҕа Арассыыйа чэпчэки атлетикаҕа нейтральнай статустаах 10 эрэ спортсмен кыттар кыахтаах.
Арассыыйа чөмпүйэнээтин бүтэһик күнүгэр сүрүн тириэньэрдэр сэбиэттэрэ муньахтаата. Мунньах сүрүн боппуруоһунан Токио куоракка ыытыллар Олимпийскай оонньууларга кыттыыны ылар 10 спортсмен испииһэгин оҥоруу буолла. Хомойуох иһин, бу испииһэккэ биир дойдулаахпыт, чэпчэки атлетикаҕа Арассыыйа биэс төгүллээх чөмпүйүөнэ Сардаана Трофимова киирбэтэҕин туһунан Sportyakutyia.ru иһитиннэрдэ.
Испииһэккэ киирбиттэр:
–Илья Иванюк (үрдүгү ыстаныы),
– Михаил Акименко (үрдүгү ыстаныы),
– Мария Ласицкене (үрдүгү ыстаныы),
– Анжелика Сидорова (ураҕастаах ыстаныы),
– Дарья Клишина (уһуну ыстаныы),
– Сергей Шубенков ( 110 м уһуҥҥа мэһэйдэри туораан сүүрүү),
– Илья Шкуренев (десятиборье),
– Эльвира Хасанова (спортивнай хаамыы),
– Василий Мизинов (спортивнай хаамыы),
– Валерий Пронкин (балтаны быраҕыы)
Хамаанда састаабын ВФЛА үлэлиир бөлөҕө бэс ыйын 28 күнүгэр Москва бириэмэтинэн күн оройугар диэри бүтэһиктээхтик быһаарыахтаах.