Марафоҥҥа Арассыыйа чөмпүйүөнэ, спорт маастара Сардаана Трофимова Үөһээ Бүлүүгэ ыытыллар сүүрбэһис үбүлүөйдээх «Манчаары оонньууларыгар» биэс биэрэстэҕэ сүүрүүгэ Оонньуулар, үс биэрэстэҕэ өрөспүүбүлүкэ рекортарын олохтоото.
Бүгүн суруналыыстарга интервьютугар Сардаана кыайыыларын кистэлэҥин арыйда.
— «Дьиэҕэр истиэнэҥ көмөлөһөр» дииллэрэ чахчы эбит. Тус бэйэм ону итэҕэйдим. Мин дьонум-сэргэм иннигэр сүүрэрбэр сылайар диэни билбэтим. Уонна биир дойдулаахтарым эрэллэрин толорбуппуттан бэйэбин дьоллооҕунан ааҕынабын. Кинилэргэ өйөбүллэрин иһин махтанабын, — диэтэ.
Роман ПОПОВ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1