Сардаана Трофимова: «Кэлэр Олимпиадаҕа Киргизия аатыттан кыттар туһугар киирсиэм»

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Сардаана Трофимова  бүгүн, от ыйын 6 күнүн киэһэтигэр, пресс-кэмпириэнсийэҕэ хас даҕаны сытыы ыйытыыларга хоруйдаата.

Куйаас сүүрүүгэ дьайыытын туһунан, чуолаан Артур Бурцев бүгүҥҥү быһылааныгар сыһыаннаах ыйытыыга:  «Куйаас араас буолар, холобур, Саха сиригэр кураанах итии атын дойдуга эрчиллэр киһиэхэ көһүппэтэх өттүттэн дьайыан сөп. Олохтоох уолаттар Саха сирин сайынын куйааһыгар үөрүйэхтэр, оттон Артур сүрүн дьарыктанар сирэ сииктээх салгыннаах Санкт-Петербург буолар.  Онон ону учуоттаабакка, сүүрэргэ сыыһа дьаһаныы баар буолуон сөп. Дьиҥэр, сүүрүүгэ ымпыга-чымпыга элбэх, ону барытын ааҕар, кэпсиир уустук. Өссө онно эбии дойдулар чаастарын арыта сабыдыаллаабыт  буолуон эмиэ сөп. Биир дьиибэ баар — мантан Москва диэки көтөн тиийдэххэ, уопсай турук тупсааччы, оттон арҕааттан бу диэки кэллэххэ, акклиматизацияны быдан ыараханнык аһарыллааччы», —  диэн хоруйдаата.
Салгыы «Спортивнай гражданствоны» ылыы туһунан ыйытыыга  Сардаана Трофимова бу курдук хоруйдаата:
— Билигин Арассыыйа уонна Киргизия гражданина буолабын, бу күннэргэ Чэпчэки атлетика федерациятыгар «спортивнай гражданство» уларытыытын туһунан быһаарар мунньах буолбута, мин сайабылыанньабын ылыммыттара, онон Киргизия аатыттан күрэхтэһиэҕим. Сүрүн кыһалҕа гражданство уларыйыытын кэнниттэн сороҕор харантыыны аныыр үгэс баар. Ол эбэтэр, спортсмеҥҥа үс сыллаах саҥа дойду аатыттан кыттыыны хааччахтыыр харантыыны аныахтарын сөп, оччоҕуна Олимпиаданы көтүтэбин. Оттон харантыыны анаабатахтарына, атын спортсменнары кытта путевка туһугар киирсэ барабын.

Уус Алдантан Егор Карпов.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0