Сүүрэҕин, сүүрэҕин,
Астына, дуоһуйа
Үрдүктэн, үрдүккэ
Тардыһан иһэҕин,
Оҕотук бэйэккэҥ,
Олоҕу өйдүөҕүҥ,
Эдэркээн саастаргар
Элбэҕи билиэҕиҥ.
Биир паара таҥастаах,
Параадтаан хаамыаҕыҥ,
Үөрүү-дьол аргыстаах,
Алааскар эргиллиэҥ…
Бу хоһоону 2004 сыллаахха Үөһээ Бүлүү Тамалакаанын олохтооҕо Александра Игнатьевна Трофимова сүүрүк сиэнигэр – Сардаана Трофимоваҕа анаан суруйбута. Сардаана саҥардыы улуустан сүүмэрдэнэн, Дьокуускай куоракка дьарыктана сылдьар кэмэ. Бу кэнниттэн кыайыы үөрүүтэ, хотторуу кыһыыта-абата эдэр кыыс спорка олоҕор элбэхтэ буолбута.
Сардаана – классическай марафоҥҥа Россия чөмпүйүөнэ. 2016 с. Бразилияҕа ыытыллыбыт Олимпиадаҕа Россия чэпчэки атлетикаҕа хамаандатын ылбычча өйдөммөт биричиинэнэн көҥүллээбэтэхтэрэ. Хомойуох иһин, эрэнэр кыыспыт Сардаана Олимпиадаттан эмиэ маппыта. Бу хобдох сонун туһунан дойду таһымыгар төһө элбэхтэ суруйдулар ини, кэпсээтилэр ини. Ол айдааннаах сайын кэнниттэн, киһи толкуйданарыгар, ааспыты ырытан көрөрүгэр син добуочча бириэмэ ааста.
-Сардаана, бэйэҥ тускунан кыратык ааҕааччыларга билиһиннэр эрэ.
-Мин 1988 сыллаахха Үөһээ Бүлүү Тамалакааныгар төрөөбүтүм. Игирэм аҥаара Саргылаананы кытта тэҥҥэ күн сирин көрбүппүт. Сахамин диэн бырааттаахпыт. Оҕо сааһым – саамай истиҥник саныыр кэмнэрим. Дьонум саамай дьоллоох оҕо сааһы бэлэхтээбиттэрэ дии саныыбын. Биһиги дьиэбитигэр хаһан да айдаан-куйдаан, этиһии-охсуһуу тахсыбат этэ. Онуоха ийэбэр Мария Ивановнаҕа уонна аҕабытын солбуйбут таайбар Игнатий Ивановичка улаханнык махтанабын. Саамай кыһалҕалаах, тыа сиригэр ас-таҥас кырыымчык да кэмнэригэр хара көлөһүннэрин тоҕон, үлэлээн-хамсаан биһигини ыраас санаалаах дьон гына иитэн таһаарбыттарыгар.
-Аймах-уруу дьоҥҥор кыанар дьон бааллара дуо? Кими холобур оҥостон, сүүрэн саҕалаабыккыный?
-Эбээбит ыһыахтарга эдэр сылдьан сүүрэр этим диэн кэпсээччи. Кини мин спортсмен быһыытынан үүнэн тахсыыбар улахан суолталаах киһи дии саныыбын. Эбээ Шура биһиги аймахха саамай ытыктанар, бас-көс хотун этэ. Оҕолоро бары үлэһит, бэрээдэктээх дьон, наар сүбэлэтэ-амалата, кини санаатын истэ кэлэллэрэ. Хайа да түбэлтэҕэ көнө майгылаах буолан, киһилии сыһыаны, дьоҥҥо-сэргэҕэ, бэйэҕэ чиэһинэй буолууну барыбытыттан ирдиирэ. Мин дьарыктанарбар (сүүрүү дьарыга ыарахан үлэ, сорох дьон ону өйдөөбөт) бэйэбиттэн ирдэбиллээх буолуум төрдө итиннэ сытар диэн тойоннуубун.
Бары «Сүүрэн иһэн тугу саныыгын, тугу толкуйдуугун?” диэн ыйыталаһаллар. Дьарыкка ыарахан үлэлэри оҥорбуккун, күрэхтэһиигэ тиһэх, саамай ыарахан көстөргө, ону барытын санаан кэлэҕин. Билигин ыһыктынан кэбистэхпинэ, оҥорбут үлэм барыта таах сибиэ, халтайга барар буоллаҕа дии саныыгын.
Күүстээх дьарыктан сылайдахпына, наар эбээбин түһүүбүн. Түүлбэр куруук ыбылы кууһан баран сыллыыбын. Эбээ баар эрдэҕинэ «батарейкам» диэн ааттыыр этим. Кылгас кэмҥэ дьиэбэр сыл баһыгар-атаҕар сынньана кэллэхпинэ, дэлби сыллыыр уонна сыллатар этим. Өссө биир сылы дьарыктанарбар бу эбээм миэхэ күүс биэрэр диэн буолааччы.
Аан маҥнай сүүрүүгэ ийэм дьарыктаабыта. Оҕолор сарсыарда бары тахсан ийэбитин кытта таһырдьа сүүрэр этибит. Бу сылларга дэриэбинэбит баһылыга Зоя Ивановна Федорова нэһилиэнньэ чөл туруктаах буоларын ситиһэргэ күүстээх үлэни ыыппыта. Ол үлэ түмүктэриттэн биирдэстэрэ – Тамалакааннааҕы улахан спорткомплекс тутуллубута, түбэһиэх кыаллыбат улахан ситиһии. Ити иһин Зоя Ивановна кыһата мин спорду таптаабыппар улахан суолталаах, онно эмиэ махтаныах тустаахпын.
Саха киһитэ – айылҕа оҕото
-Тренергин Татьяна Жиркованы кытта хайдах булсубуккутуй?
-Хас биирдии киһиэхэ ыарахан, санааҕа-онооҕо баттатар, толкуйдуур кэмнээх. Биир кэмҥэ мин сүүрүүбүн тохтото сылдьыбытым. Улахан ситиһиим суох этэ, көрдөрүүлэрбин сатаан тупсарбатаҕым. Араас быстах үлэлэргэ киирэн үлэлээн көрбүтүм да, барыта миэнэ буолбатах курдуга. Күн аайы таҥараттан көрдөһөр этим, сөптөөх суолу ыйан кулу диэн. Татьяна Юрьевна – дьылҕам бэлэҕэ, кини кэлиэҕиттэн мин олоҕум тосту уларыйбыта. Кыра эрдэхпиттэн сүгүрүйэр кумирым анаан-минээн миигин дьарыктыырыгар махталым муҥура суох. Биһиги бэйэ-бэйэбитин булсубуппут мээнэҕэ буолбатах дии саныыбын. Мин өр да өр толкуйдуу, иитиэхтээн сылдьыбыт санаабын дьэ тобулан, Татьяна Юрьевнаҕа төлөпүөннээн, миигин дьарыктаа диэн көрдөспүтүм. Ол саҕана кини ШВСМ-ҥа үөрэх чааһыгар дириэктэри солбуйааччынан үлэлиир этэ. Өр толкуйдуу барбакка, кини тута сөбүлэҥин биэрбитэ уонна тренер быһыытынан үлэтин-хамнаһын миигин кытта тэҥҥэ саҕалаабыта.
-Аан дойду аатырбыт уһун тыыннаах сүүрүктэрэ Африкаттан сылдьалларын бары билэбит. Оттон бу эн, саха кыыһа, кинилэри кытта тэҥҥэ күөн күрэстэһэр туох ордук ураты айылҕалаахпын дии саныыгын?
-Саха дьоно, биһиги тыйыс айылҕалаах дойдулаахпыт. Былыр-былыргыттан дьоҥҥун-сэргэҕин иитэр баҕаттан түүннэри-күннэри үлэлээн-хамсаан эрэ сырыттаххына киһи буолаҕын. Тымныы кыһын устатыгар, көмүлүөк оһоҕунан балаҕаҥҥын сылытаары, күн аайы мас мастыыгын. Үүт-эт аһылыктаах буолаҥҥын, хотон үлэтиттэн ордубаккын. Ол тухары тоҥо-хата, тиритэ-хорута сылдьаҕын. Аны куйаас сайын кэллэҕинэ, оҕолуун-улаханныын, бука бары от үлэтигэр умса-төннө түһэбит. Мин тыа сиригэр улааппыт буоламмын, итини барытын эппинэн-хааммынан аһардыбытым. Тыйыс айылҕа, күүстээх үлэ, битэмииннээх, нууччалыы эттэххэ, натуральнай ас – бу барыта миигин утарсааччыларбыттан биир төбөнөн ордук оҥорор. Ол иһин, Саха сиригэр төрөөбүппүнэн киэн туттабын уонна дойдум миэхэ күүс-уох биэрэригэр махтанабын.
-Дьарыгыҥ барыта Киргизияҕа ааhар. Бу дойдуну төhө сөбүлээтиҥ?
-Киргизияны олус сөбүлээтим. Бу дойду муора таһымыттан лаппа үрдүк сиргэ сытар, салгын баттааһына кыра, онон дьарыктанарга табыгастаах сир диэн, тренербин кытта талан ылбыппыт. Дьарыгым үксэ хайаҕа өрө дабайан тахсыы, онно киһи ордук сылайар-илистэр. Аллараа дьарыктаммыттааҕар, манна этиҥ-сииниҥ ордук күүскэ сайдар.
Сорох дьон ыйыталлар, наар Киргизияҕа сылдьаҕын, эйиэхэ иккис дойдуҥ буолла быһыылаах диэн. Оттон мин, саха киһитэ – айылҕа оҕото дии саныыбын. Айылҕаны кытта алтыһан, аһаан-таҥнан үүнэн тахсыбыт норуот буоллахпыт. Аан дойду дьоно бары биир сиргэ олоробут, ол аата, биир айылҕалаахпыт. Ол иһин, ханна тиийдэрбин, дьиэбэр курдук сананабын, сирбин-уоппун аһата, сахалыы үгэһи тутта сылдьабын. Хас сбор бүттэҕин ахсын, олорор күөлбүн (Иссык-Куль — киргиистии «Ытык күөл» диэн тылбаастанар) бараммын аһатабын, көрдөһөбүн. Киһи 80% ууттан турар, онон күөлүм миигин эмиэ сэрээттиир быһыылаах.
Ойуурдаах куобах охтубат эбит
-Дьокуускайга быстах кэлэн барар кэмнэргин хайдах атаараҕын, хайдах сынньанаҕын?
-Дьокуускайга кэлэн барарым миэхэ наар сүпсүлгэннээх, киириилээх-тахсыылаах. Кэллим да, эдьиийим дьиэтигэр, Саталга тиийэбин. Онно мурун бүөтэ, мэник киһи – Дьулус баар. Игирэм аҥарын оҕото – бэйэм оҕом кэриэтэ, кинини наһаа таптыыбын. Кылгас кэмҥэ тиийдэхпинэ, чугас дьоммун кытта сылдьа сатыыбын эрээри, син биир күн аайы дьарыктанар буоламмын, бириэмэ тиийбэт курдук. Ону тэҥэ, күрэхтэһииттэн кэллэхпинэ, тэлэбиидэнньэҕэ, араадьыйаҕа ыҥыраллар, аккаастанар эмиэ олуона курдук. Сахам дьоно барахсан истиэн-билиэн баҕарар буоллаҕа.
Дьокуускайга табаарыстарым элбэхтэр, кинилэри кытта бириэмэ атаарарбын эмиэ сөбүлүүбүн. Мин доҕотторум бары уһулуччу талааннаах, ураты дьон. Хас биирдиилэриттэн элбэххэ үөрэнэбин, хас биирдиилэрэ миигин киһи быһыытынан толорон биэрэллэр. Маннык дьонноохпуттан киэн туттабын уонна кинилэри кытта алтыһарбыттан олус үөрэбин.
-Олимпиадаҕа ыыппатахтарыгар, бу куһаҕан сонуну хантан күүс-уох ылан аһарыммыккыный?
-Сайыны быһа “бараҕыт”, “барбаккыт” диэн саҥаттан-саҥа быһаарыылар тахсыталаабыттара. Арааһынай, бииртэн-биир уларыйа сылдьар сонуннар биһигини өй-санаа өттүнэн илиһиннэрбиттэрэ. Ол иһин, Олимпиада субу саҕаланаары аҕай турдаҕына, чахчы барбат буолбуппутун истэн баран, оннук улаханнык соһуйбатаҕым-уолуйбатаҕым. Ол эрээри, өйүм-санаам кураанахсыйбыт, спортивнай уоҕум уостубут курдуга. Дьарыгым уруккум курдук күүстээхтик ааспат буолбута. Маннык турукка сырыттахпына, чугас дьоммуттан, аймахтарбыттан элбэх күүс-көмө кэлбитэ. Дурда-хахха туттар дьонум санааҕа-онооҕо баттатар күннэрбэр тирэх буолбуттарыгар улаханнык махтанабын.
Сахам дьоно, интэриниэт ситиминэн элбэх, санаа көтөҕөр ис хоһоонноох суруктары суруйан, ыарахан түгэммэр миигин өйөөбүттэрэ. Онно өйдөөбүтүм, соҕотох буолбатахпын, бу кыһалҕаны дьонум-сэргэм миигин кытта бары бииргэ үллэстэр эбит диэн. Бу мин хаттаан атахпар турарбар уонна салгыы инним диэки дьулуһарбар олук буолбута. Биһиги аймаҕы дьон «Куобахтар» диэн, эһээбит хос аатынан, таптаан ааттыыллар. Чахчы да, ойуурдаах куобах охтубат эбит. Итиэннэ мин ханнык да куһаҕан түбэлтэҕэ үчүгэйи эрэ көрдүүргэ үөрэммитим. Бу аата, таҥара миэхэ атыҥҥа былааннардаах эбит диэн өйбөр тоһоҕолоон бэлиэтээбитим.
Хас биирдии киһи олоҕор бэйэҕиттэн тутулуга суох араас түгэн баар буолар. Ону эн тургутуу курдук ылыныахтааххын. Төһө даҕаны кыһыылааҕын-абалааҕын иһин. Маннык ыарахаттары кытта сатаан охсуспаккын, ол гынан баран, бу ырахаттар эйигин күүстээх оҥороллор. Ол иһин этиэм этэ, ханнык да куһаҕан түгэҥҥэ, үчүгэйи, бэйэҕитигэр туһалааҕы көрө сатааҥ. Оччоҕо эрэ олох очурдарыттан тостубакка, салгыы сайдан, саҥа таһымҥа тахсыахха сөп.
Баҕа санаам — Олимпиада
-Бу сайын Кореяҕа баран сынньанан кэлбиккин интэриниэт ситимиттэн булан көрөбүт, билэбит. Тоҕо бу дойдуну таллыҥ уонна туох саҥаны биллиҥ?
-Корейскай медицина чахчы да олус күүстээх уонна спортсменнарга чопчу сөп түбэһэр туһалаах эбит дии санаатым. Эмтэрэ, эмтиир ньымалара барыта натуральнай, химията суох. Кореецтар олус култууралаах, симик норуот, бэйэ-бэйэлэригэр сыһыаннарын киһи сөҕө-махтайа көрөр. Куораттара ып-ыраас, барыта дьоҥҥо анаан оҥоһуллубут: сынньанар сирдэрэ, суоллара-иистэрэ киэҥэ-куоҥа. Күҥҥэ 11-12 чаас үлэлииллэр, бырааһынньык күн, уоппуска диэн суох. Аҥардас үлэ, наука күүһүнэн аатырбыт дойду. Ону таһынан, олус бэрээдэктээх омуктар, хаһан эрэ Сеулга биирдэ массыынаны күрэппиттэрин туһунан билиҥээҥҥэ диэри дьон уоһуттан түспэт кэпсээҥҥэ сылдьар.
-Саҕалааччы спортсменнарга, эдэр ыччакка тугу сүбэлиэҥ этэй?
-Киһи үчүгэйи эрэ ыраланыахтаах, сахалар мээнэҕэ «киһи тыла – ох» диэн эппэттэр. Мин кими эрэ эҕэрдэлээри гыннахпына «ыалдьыма» диэбэппин. Ол оннугар «Доруобай буол!» диибин. «Ыалдьар» диэтэхпинэ, чахчы ыалдьыан сөп буоллаҕа. Итинник курдук, арааска барытыгар. Тугу эрэ баҕарбыккын наар төбөҕөр эргитэн саныы сырыттаххына, хаһан эмэ, хайаатар да туолар. Тоҕо диэтэххэ, бэйэҥ да билбэккинэн ол сыалгар-соруккар чугаһыыр хамсаныылары оҥоро сылдьаҕын. Холобур, спортсмены ылан көрүөх. «Бастыахтаахпын» дии сылдьар бөҕөс күн саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри ону эрэ толкуйдуур. Санаата батарбакка, өссө эбии дьарыктанар, үлэтин хара маҥнайгыттан бүтүөр диэри кыһаллан, суобастаахтых оҥорор. Туохха да атыҥҥа аралдьыйбат, толкуйа бүтүннүү күрэхтэһии туһунан. Маннык киһи, биллэн турар, туруоруммут сыалыгар атыттардааҕар түргэнник тиийэр.
Киһи тыла-өһө, санаата-оноото барытын тардар күүстээх. Куһаҕаны-үчүгэйи араара барбакка, аҥардастыы. Чугас дьоммор, доҕотторбор этэбин: «Наар үчүгэйи ыраланыҥ, онуоха тылгытыттан-өскүтүттэн саҕалааҥ» диэн. Сороҕор ити тиэмэҕэ наһаа лэбэйдээн, күлүүгэ барабын, эмиэ эмээхсин курдук тыллаһан барда дииллэр (күлэр). «Секрет» диэн документальнай киинэни хайаатар да көрүҥ, онно ити туһунан үчүгэйдик, сааһылаан кэпсииллэр.
-Инники былааннаргын сырдата түһэриҥ буоллар.
-Биллэн турар, саамай улахан сыалым-соругум, баҕа санаам – Олимпиада. Манна тиийэргэ барытын хаттаан, ыраас лиистэн саҕалыахха наада. Олимпийскай циклгэ саҥа, үчүгэй көрдөрүүлэр наадалар. Өйбүн-санаабын сааһылаан, күүспүн-уохпун барытын мунньан, өссө күүскэ үлэлиирим эрэйиллэр. Билигин Россия чэпчэки атлетикаҕа спортсменнара тас дойдуларга кыттарбыт бобуллан турар, ол эмиэ кэккэ ыарахаттары үөскэтэр.
Санааргыыр, мунчаарар кэмнэрбэр «Биир паара таҥастаах, параадтаан хаамыаҕыҥ» диэн эбээ Шура хоһоонун тылларын испэр хатылыыбын. Хайаатар да Олимпиаданы өтө көрөн суруйбут эбит диэн итэҕэйэбин, ыра санаа оҥостобун. Оччоҕо мин уоскуйбукка, санаам чэпчээбиккэ дылы буолар.
—Сардаана, хоруйдарыҥ иһин махтал, ситиһиилэри баҕарабын.
Кэпсэттэ: Сахамин ТРОФИМОВ.