“Сардаанабыт тылынна!” диэн Сардаана Трофимова бастакы улахан ситиһиитин кэнниттэн суруйбут ыстатыйам тахсыаҕыттан элбэх хаар уулунна, ситиһии да үгүс, ол быыһыгар Олимпиадаттан да маппыппыт.
Сардаана дойду саамай ааттаах-суоллаах Москватааҕы марафонун кыайбыт дуораана өссө да ааһа илик. Саха сиригэр көтөн кэлээри сылдьан, аэропортка биэрбит интервьютун ааҕыҥ.
edersaas.ru
— Марафоҥҥа бэлэмнэнии хайдах ааспытай?
— Уопсайа түөрт ый дьарыктанным. Бастаан харантыын саҕаланыытыгар Саха сиригэр баар этим. Хааччах кэмигэр былаанынан, хата, сынньалаҥ кэмэ түбэспитэ. Дьиэбэр физическэй эрчиллиилэри оҥорор этим, Бүлүүлүүр суолга дьарыктанар этибит. Сүүрүүгэ, хата, тустуу дуу, буокса курдук дуу ыкса чугас алтыһан дьарыктаммаккын. Онон, харантыын улахан мэһэйдэри үөскэппэтэҕэ.
Кыраныысса сабыллан турар буолан, урукку курдук Киргизияҕа дьарыктамматаҕым. Элбэх туруору сыырдардаах Кисловодскайга үөрэтэр-дьарыктыыр түмсүүбүн ааспытым. Москватааҕы марафон трассата эмиэ элбэх сыырдардаах.
— Тириэньэргин кытары дистанцияны хайдах былааннаатыгыт?
— Нормативы уонна рекорду толоробут диэн сыаллаах этибит. Бу сырыыга сүрүн утарсааччым бириэмэ этэ. Социальнай ситимнэринэн да буоллун, барыллаан ким хайдах туруктааҕын билэр этим. Ол эрээри, тириэньэрим, хаһан да утарсааччы кыаҕа кыра диэмэ диэччи.
— Быйылгы марафон тэрээһинэ хайдаҕый?
— Урукку курдук. Күүрээнинэн арыый кыратык тиийбэтэ да быһыылаах. Быйыл трасса кыра уларыйыылаах. Арба, пейсмейкердэрим (эрдэттэн этиллибит кэрчиги бэриллибит тэтиминэн анал сүүрэр дьон) туһалаабатылар: биир уолум 28-c килэмиэтиргэ туораабыта, иккиһим – 37-кэ. Саамай ыарахан бүтэһик килэмиэтирдэрбэр, хата, биир уол көмөлөспүтэ. Күрэхтэһии кэнниттэн аатын билбитим, Артем Новиков диэн эбит. Киниэхэ махтанабын.
— Салгыы туох былааннааххын?
— Билигин дьиэбэр кыратык сынньанабын. Марафонецтар чөлбүтүгэр түһэрбитигэр массаас, баанньык туһалыыр. Онтон ахсынньыга Сочига ыытыллыахтаах Арассыыйа чөмпүйэнээтигэр бэлэмнэнэн киирэн барабын.
— Арассыыйа чэпчэки атлеттарын балаһыанньата билигин хайдаҕый?
— Чэпчэки атлетика федерациятын норуоттар икки ардыларынааҕы түмсүүтэ (ИААФ) туох диирин эрэ кэтэһэбит. Түмсүү Арассыыйа уон атлетка “дойдута суох” кыттарга сөбүлэҥ биэрэн олорор. Ханнык спорсменнары талаллара биллибэккэ турар. Онон, биһигиттэн тутулуктааҕы оҥордубут эрэ диибит.
Сардаана Трофимова тус тренерэ Татьяна Жиркова санаатын үллэһиннэ:
— Сардааналыын иккиэммит үлэбит түмүгэ буолар. Былааммыт туолан үөрэ сылдьабыт. Мин өттүбүттэн Сардаанаҕа туох да сэмэ, бэлиэтээһин суох, үчүгэйдик сүүрдэ.
Дойду таһынааҕы күрэхтэһиилэргэ кыттыы тиийбэт курдук. Пандемиянан сибээстээн билигин наар Арассыыйа иһигэр сүүрэ сылдьабыт. Ону таһынан, Араассыыйаҕа даҕаны күрэхтэһиилэр былааннара күн-түүн уларыйыан сөп. Онон, былааны оҥорорго, дьарыгы аттарарга олус уустук.
Норуоттар икки ардыларынааҕы чэпчэки атлетика федерацияларын тэрилтэтин быһаарыытын ким да билбэт. Уопсай балаһыанньабыт ыарахан соҕус. Ахсынньыга өссө суут буолуохтаах.
Артур Егорович Феофанов, Сахалартан сүүрүүгэ Сэбиэскэй сойуус бастакы маастара, СӨ үтүөлээх тренерэ:
— Төһө даҕаны Москубаҕа тыал-куус, сөрүүн күннэр турдаллар, Сардаана бэртээхэйдик сүүрдэ. Сарсыарда старка тоҕус эрэ кыраадыс сылаас, оттон сүүрэн истэхтэринэ уон биир кыраадыс сылаас буолбута. Сардаана Олимпийскай нормативы толорбута, рекорду тупсарбыта бу барыта талаантан, улахан үлэттэн тахсар буоллаҕа.
Успуорка бэлиитикэ орооспута наһаа хомолтолоох. Ол да буоллар, чэпчэки атлетика муҥутуур тэрилтэтэ дойдута да суох кыттарга көҥүл биэриэ диэн биһиги эрэнэбит, кэтэһэбит.
Быйыл хаһааҥҥытааҕар да элбэх саха ыччата Москубатааҕы марафоҥҥа кытынна. Тоҕо маассабас элбээтэ диир буоллаххына, ыччат билигин интэриниэт үйэтигэр элбэх информацияны ааҕар, үөрэтэр. Онон, спорт чахчы туһалааҕын өйдөөннөр, дьарыктаналлара наһаа үчүгэй.
Виктория Бястинова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru