Тэрилтэ, аҕа саастаах дьонун умнубакка болҕомто уурара хайҕабыллаах. Эдэр саас саайтка бииртэн-биир үтүө сонуннаах суруктар, үөрүүлээх түгэннэри үллэстиилэр тигинээн кэлэллэр.
Ол курдук, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майатааҕы “Сардаана” оҕону сайыннарар киин (сэбиэдиссэй А.Р. Захарова), Профком (бэрэссэдээтэл С.А. Попова), кэлэктиип бары түмсэн, бу күннэргэ бэтэрээннэрин эҕэрдэлээтилэр.
Бэйэлэрин кэмнэригэр «Сардаана» оҕону сайыннарар кииҥҥэ, кырачааннар тустарыгар үгүс сыраларын уурбут бэтэрээннэрин Улуу Кыайыы 75 сылынан эҕэрдэлээн ас-үөл туттардылар.
Бэтээрээннэр үөрүүлэрэ үгүс, махталлара муҥура суох. “Сардаанам” кэлэктиибигэр махтанабын. Бырааһынньыгынан “сухой паек” тутан олус үөрдүм. Куруук дьоллоох буолуҥ”, — диэн үтүө тылларынан махтаналлар.
Людмила ПОПОВА, edersaas.ru
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1