Сардаана хас биирдии ынаҕыттан 5325 киилэ үүтү ыан, ырыынак үйэтин рекордун олохтоото

Бөлөххө киир:

 Ил Дархан тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыы туһунан ыйааҕар сүөһүттэн ылыллар бородууксуйаны элбэтэри, ол иһигэр 2024 сылга диэри үүт аһы оҥорон таһаарыыны 61 бырыһыан улаатыннарары бастакы уочараттаах сорук быһыытынан туруорда. Горнай улууһугар бу соругу толорорго, бородууксуйаны үрдэтэргэ, биир ынахтан элбэх үүтү ыырга ис кыахтар баалларын билиһиннэрээри гынабын.

Ырыынак сыһыаннаһыытын кэмигэр хаачыстыбаннай көрдөрүүлэри тупсарыы олус улахан суолталаах. Мин «Горнай-Ас» ТХППК толорооччу дириэктэрэ Н.Н.Ефремовтан нэһилиэктэринэн бааһынай уонна кэтэх хаһаайыстыбаларга бастыҥнар кимнээхтэрин суруйан ыытарыгар көрдөспүппүн тута толордо. Хомойуох иһин, тыа хаһаайыстыбатын управлениета бастыҥнары түмэн, кэмиттэн кэмигэр сырдатан, иһитиннэрэн, дьону көҕүлээн, күүрдэн  испэт. Онон быһаччы үүтү тутар, астыыр Николай Николаевичтаах кэпэрэтииптэрин    чахчыларыгар олоҕурдум.

Солоҕон нэһилиэгэр Дмитрий Степанович Степанов балта Сардааналыын бааһынай хаһаайыстыба тэринэн, уһуннук сыралаһан, биир бастыҥ үлэлээхтэринэн биллэллэрэ. Улуус сайдарын туһугар көмүс көлөһүннэрин тохпут чахчы үлэһит дьон. Иккиэн тыа хаһаайыстыбатыгар сыһыаннаах үрдүк үөрэхтээхтэр.

Степановтар бааһынай хаһаайыстыбалара,  муҥутаан, 2005 сыллаахха 90 туонна 109 киилэ  үүтү судаарыстыбаҕа туттара сылдьыбыта. Кэлин сааһыран, «Тулуур» бааһынай хаһаайыстыбаларын тохтотон, сүөһүлэрин лаппа аҕыйатан, ыабыт үүттэрин ыал кэтэх хаһаайыстыбатын быһыытынан «Горнай-Ас» кэпэрэтиипкэ дуогабарынан туттараллар.

2018 сыл сэтинньи ыйын түмүгүнэн, ыанньыксыт Сардаана Степанова улууспутугар уһулуччулаах көрдөрүүнү ситистэ: судаарыстыбаҕа 34757,29 киилэ үүтү туттаран, ньирэйдэригэр иһэрдибиттэрин эбэн туран, хас биирдии ынаҕыттан 5325,2 киилэ үүтү ыата. Ити көрдөрүүгэ бэйэлэрэ туһаммыттара уонна ахсынньы ыйдааҕылара киирэ илик. Билигин даҕаны күн аайы 60 киилэни ыы олорор.

Онон бу Сардаана көрдөрүүтэ улууспутугар хаһан да ситиһиллибэтэх кирбии! Эбэн эттэххэ, Саха сиригэр 21-с үйэҕэ биирдии ынахтан үүтү ыаһыҥҥа рекорд буолуохтаах.

— Быйыл сэттэ ынаҕы ыабытым, — диир Сардаана Степановна. — Күһүн идэһэҕэ кырдьаҕас, үүттээх ынахпытын туттубуппут. Онон билигин алта ынахтаахпын, күҥҥэ уончалыы киилэ үүтү биэрэллэр. Икки тыһы тыһаҕастаахпыт, икки бороонноохпут, онон уону кыстатан турабыт. 19 туонна оту Хатастан атыылаһан аҕалтарбыппыт. Бэйэбит сирбит ууга баран, уот хаарыйан, ситэ оттооботохпут. Сылга отучча туонна уотурбаны аҕалтарабыт. Онон ынахтарбытыгар уотурбаны харса суох сиэтэбит. Сайын күҥҥэ ынах аайы 5-6 киилэ тиксэр. Биирдии, төрөөбүттэргэ иккилии солуур болтушка, сылаас ууну төһөнү иһэллэринэн биэрэбит.

Аҕыйах сүөһүлээх буолан, сарсыарда 7 чаас 30 мүнүүтэттэн барабын, киэһэ сөпкө бүтэбин. Уруккум курдук, күнү быһа сылдьыбаппын. Бэйэм суоттуурбунан,  былырыын даҕаны биэс тыһыынчалаах кирбиини ылбытым. Ону ким да ыйыталаһа, сураһа барбатаҕа, бэйэбит да кэпсии сатаабатахпыт. Тэрээһиннээх хаһаайыстыба буолбатах буоламмыт бэйэбит тус интэриэспитигэр эрэ үлэлиир курдукпут. Ол гынан баран, судаарыстыбаҕа 35 туонна кэриҥэ үүтү туттаран, Саха сирин элбэх олохтооҕун үрүҥ аһынан хааччыйдахпыт. Бука, үгүс бааһынайдары куоһардахпыт.

Быйылгы Үлэ сылыгар СӨ тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Сардаана Степанова улууһун историятыгар киирэр ситиһиилэннэ. Ол эрээри, салгыы кэскиллээхтик үлэлиирин Солоҕон нэһилиэгэр сиэмэлээһин тэриллибэтэ харгыстыыр туруктаммыт. Ил Дархан тустаах ыйааҕар төрүөхтээх сүөһүнү сиэмэлээһини 48-тан 60 бырыһыаҥҥа тириэрдэр соругу туруорбутун улууспут исписэлиистэрэ болҕомтоҕо ылан, суһаллык хамнаныахтара дии саныыбын.

Бэйэ сиригэр, аттыгар баар чулуу үлэһиттэртэн үөрэнии, сэҥээрии, инники күөҥҥэ тутуу, салалта өттүттэн истиҥник кэпсэтии,  чиэстээһин-бочуоттааһын, кинилэр кирбиилэрин ыларга дьулуһуу умнулла быһыытыйбыттара хомолтолоох. Төһө даҕаны сүөһүнү аҕыйаппыт иһин, дьулуһан туран үлэлээтэххэ, хаачыстыбаны биллэрдик тупсардахха, кэтэх  хаһаайыстыбаҕа да дохуоту киллэриниэххэ сөбүн, онон судаарыстыба өттүттэн аҕыйах сүөһүлээхтэри кытта өйүүр наадалааҕын Солоҕон Степановтара итэҕэтиилээхтик дакаастыыллар.

Василий АЛЕКСЕЕВ,

“Үлэ күүһэ” хаһыат эрэдээктэрэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0