«Билигин дьон-сэргэ санаатын ууран, араас көҕүлээһини тэрийэн бырайыактары олоххо киллэрэн эрэрэ – нэһилиэнньэ өрөспүүбүлүкэ күннээҕи олоҕор актыыбынайдык кыттарын туоһулуур», — диэн бэлиэтиир Гражданскай уопсастыба институттарын сайдыытын миниистирэ Сардаана Гурьева. Кини бүгүн – хаһыаппыт ыалдьыта.
Кэпсэтиибитигэр киириэх иннинэ, ааҕааччыларбар санатан этиим, бу саас кулун тутарга Юстиция, Национальнай бэлиитиикэ госкэмитиэттэрэ, Гражданскай уопсастыба көҕүлээһинин өйүүр, Бэчээт, телевидение уонна радио департаменнара холбоһоннор биир министиэристибэ буолбуттара. Миниистиринэн Юстиция госкэмитиэтин салайа олорбут Сардаана Михайловна Гурьева анаммыта. Министиэристибэ уопсастыба уонна былаас бииргэ үлэлээһиннэригэр, дьон-сэргэ өрөспүүбүлүкэ күннээҕи олоҕор көхтөөхтүк кыттарыгар көмө-тирэх буолуохтаах. Ону сэргэ биир улахан «миссиятынан» төрүт үгэспитин, култуурабытын, тылбытын-өспүтүн харыстыахтааҕа, суут-сокуон өттүнэн көмүскүөхтээҕэ буолар. Онон бу министиэристибэ олус суолталаах уонна инники кэскилбитин түстүүр сүгэһэри илдьэ сылдьар.
Сөптөөх усулуобуйа тэрилиннэ
— Сардаана Михайловна, министиэристибэ саҥалыы тэриллэн үлэлээбитэ сыл аҥара буолла. Билигин оннугутун булан, үлэҕит хайысхатын торумнаан олороҕут.
— Бастатан туран, биһиги, толорор былаас уорганын быһыытынан, быраап, сокуон өттүгэр, ол эбэтэр министиэристибэ ылыммыт хайысхаларыгар сөптөөх сокуон ылыныллыытыгар, ону сэргэ Россия, Саха сирин Төрүт сокуоннарын тутуһууга эппиэттиирбитин, былаас норуотун кытта хайдах алтыһарын көрөрбүтүн, ол иһигэр билиҥҥи кэм ирдэбилин кытары тэҥҥэ хаамсар уопсастыбаны сайыннарыыга көмө-тирэх буоларбытын бэлиэтиэм этэ. Онуоха уопсастыба уонна былаас бииргэ үлэлээһиннэригэр усулуобуйа тэрийиэхтээхпит, өрөспүүбүлүкэҕэ туох саҥа, сонун үтүө холобурдар баалларын тарҕатыахтаахпыт. Итиннэ барытыгар бу холбоспут хайысхаларбыт – юстиция, дьон-сэргэ көҕүлээһинин өйөөһүн, национальнай бэлиитикэ боппуруостара, информацияны киэҥник тарҕатар сириэстибэлэр эйгэлэрэ – көмө-тирэх буолуохтаахтар. Быһатын эттэххэ, систиэмэлээн, күүһү бииргэ түмэн, үлэ көдьүүстээх буоларын ситиһиэхтээхпит.
Атын регионнары ылан көрдөххө, гражданскай уопсастыбаны сайыннарыы институттара тус-туһунан ааттанан бааллар эрээри, үксүгэр губернатордар дьаһалталарыгар управление, отдел быһыытынан сылдьаллар эбит. Онон биһиэхэ туспа министиэристибэ тэриллибитэ бу үөһэ ааттаммыт хайысхаларга салалта өттүттэн улахан суолта ууруллубута көстөр.
Манна даҕатан, бу кэнники сылларга биһиэхэ дьон көҕүлээһинин өйүүр систиэмэ тэриллибитэ Россияҕа харахха быраҕыллар буолбутун бэлиэтээн этиэм этэ.
Манна даҕатан, бу кэнники сылларга биһиэхэ дьон көҕүлээһинин өйүүр систиэмэ тэриллибитэ Россияҕа харахха быраҕыллар буолбутун бэлиэтээн этиэм этэ. Ол туоһутунан Уһук Илин регионнарга коммерческайа суох уопсастыбаннай түмсүүлэри сыаналаан көрөр рейтиҥҥэ инники күөҥҥэ тахсыбыппыт, Россияҕа социальнай бырагыраамалар сайдыыларыгар туһуламмыт куонкуруска үһүс миэстэни ылбыппыт, о.д.а. граннарга, куонкурустарга кыттан кыайбыппыт буолар. Сыыппараларынан ылан көрдөххө, холобур, 2010 с. өрөспүүбүлүкэҕэ 1243 коммерческайа суох тэриллии баар эбит буоллаҕына, бу сыл аҥарынан, 2066 түмсүү баара бэлиэтэннэ. Бу – Россияны кытары тэҥнээтэххэ, олус үчүгэй көрдөрүү.
Уонна бырабыыталыстыба хас сылын аайы нэһилиэктэргэ барыларыгар тиийэн үлэлэрин-хамнастарын отчуоттуура, олохтоохтор өрөспүүбүлүкэ салалтатын кытары атах тэпсэн олорон улуустарын, нэһилиэктэрин инники кэскилин торумнууллара, мин санаабар, хас биирдии киһи дойдубут сайдыытыгар көхтөөхтүк кыттарыгар, онно санаатын уурарыгар төһүү күүс буолла. Ону ааһан өссө атын регионнар бу үтүө уопуппутун сэргээн, бэйэлэригэр киллэрэргэ үөрэтэн көрө сылдьаллар. Онон биһиэхэ дьон-норуот көҕүлээһинин өйүүргэ усулуобуйа барыта тэрилиннэ диэх тустаахпыт.
Ыччат көхтөөхтүк кыттар
— Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн барыта икки тыһыынчаттан тахса коммерческайа суох түмсүүлэр бааллар диэтиҥ. Түмсүүлэр ордук ханнык тиэмэҕэ бырайыактарын суруйалларый уонна куонкурустарга төһө кыттар буоллуларый?
— 2013 с. коммерческайа суох түмсүүлэр үлэлэрин көҕүлээһиҥҥэ улахан докумуон, Ил Дархан ыйааҕа, ылыныллан, муниципальнай таһымҥа эмиэ анал бырагыраамалар оҥоһулланнар базаны оҥостууга бу кэккэ сылларга өрөспүүбүлүкэ да, муниципальнай да таһымҥа биир систиэмэлээх үлэ барда.
Холобур, 2013 с. Россия граныгар 14 эрэ түмсүү кыттыбыт, кинилэртэн ким да кыайбатах эбит буоллаҕына, 2014-15 сс. барыта холбоон 15 түмсүү Россия гранын ылары ситиспитэ. Ити олус үчүгэй көрдөрүү. Онтон быйылгы сылга Россия таһымыгар 88 түмсүү кытынна, билигин да куонкурустар бара туралларынан өссө да кытта сылдьаллар. Балартан номнуо биэс тэрилтэ кыайда. Онтон өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурустарга 2014-15 сс. барыта 117 бырайыак киирбитэ. Быйылгы сыллаах куонкурустар өссө да бара тураллар.
Ханнык тиэмэҕэ кытталларый диэтэххэ, үксүн социальнай эйгэҕэ, култуураҕа, спорка, доруобуйа харыстабылыгар, үгэстэри тириэрдиигэ, о.д.а. хайысхаларга бырайыактарын суруйаллар.
Улуустарынан ыллахха, муниципальнай таһымҥа бу маннык түмсүүлэри өйөөһүҥҥэ туһуламмыт 25 бырагыраама таҕыста. Холобур, Аллараа Халыма 4400-тэн тахса нэһилиэнньэлээх буоллаҕына, номнуо 14 социальнай түмсүүнү тэриннэ. Түмсүүлэр сайдыыларыгар улуус 1 мөл. кэриҥэ солкуобайы угар.
Оттон түөлбэлэри регистрациялааһыҥҥа Уус Алданы уонна Намы ааттыам этэ. Манна даҕатан эттэххэ, түөлбэлэри хайаатар да регистрациялыыбыт диэн буолбатах. Түөлбэлэр бэйэлэрэ быһаарынан регистрацияланаллар. Ол эрээри өскөтүн түөлбэ регистрацияны ааһан, коммерческайа суох түмсүү аатын ыллаҕына, араас куонкуруска, граҥҥа кыттан бырайыагын, саҥа, сонун этиилэрин олоххо киллэрэригэр механизма элбэх буолар.
Манна сыһыаран эттэххэ, кэлиҥҥи кэмҥэ ыччат түмсүүнү тэрийиигэ да, бырайыактары суруйууга да олус көхтөөхтүк кыттар буолла. Эдэр дьон маннык хамсааһыннарга санааларын уураллара – олус үчүгэй бэлиэ. Ити дьон-сэргэ санаата уларыйан эрэрин көрдөрөр.
Юристар съезтэрин туһунан
— Сардаана Михайловна, бүгүҥҥүттэн юристар иккис съезтэрэ саҕаланна. Кэпсэтиибит түмүгэр бу туһунан билиһиннэр эрэ.
— Бастакы съезпит 2013 с. буолбута. Манна 558 делегат кыттан, санааларын атастастаһан, этэргэ дылы, атах тэпсэн олорон сэһэргэһэн, уопут ылынан барбыттара. Маннык тэрээһин ыытыллара, мин санаабар, хайаатар да наада. Тоҕо диэтэргин, сокуоннар ылыныллан олоххо киирэн дьон-сэргэ күннээҕи кыһалҕатын быһаарыыга көдьүүстээх уонна туһалаах буолуутугар, юристар эмиэ үлэлэһэллэр. Бу съезкэ өрөспүүбүлүкэбит ааттаах-суоллаах юристара кэлэн, сокуону ылыныы, быраап култууратын, Төрүт Сокуон, олохтоох салайыныы боппуруостарын, суут хаамыытын, сэтээтэллэр, о.д.а. тустарынан кэпсэтиэхтэрэ.
— Тус бэйэҥ нэһилиэнньэҕэ босхо юридическай көмө тиэмэтигэр кыттыахтааххын.
— Биһиги, өссө Юстиция кэмититиэтэ буолан олорон, нэһилиэктэри үгүстэрин кэрийэн суут-сокуон, быраап боппуруостарыгар кэпсэтиилэри ыыппыппыт, сүбэ-ама биэрбиппит. Билигин дьон-сэргэ, урукку буолбатах, быраабы, сокуону билии чааһыгар сүрдээҕин тардыһар. Улахан баттаамалаах сокуоннар тахсыыларыгар санаатын этэн туруорсар буолла. Холобур, «Төрөппүт эппиэтинэһин туһунан» сокуон барылыгар барыта 415 этии киирбитэ.
Онон сууту-сокуону билэр, быраап өттүнэн сайдыылаах, киэҥ билиилээх-көрүүлэх уопсастыбаны иитэн таһаарыыга юристар өҥөлөөхтөрүнэн, киллэрэр кылааттаахтарынан сибээстээн, бу ыытыллар съезд суолтата улахан. Мин санаабар, юристар биир сомоҕо, түмсүүлээх буолан, өрөспүүбүлүкэ күннээҕи олоҕор актыыбынайдык кыттан, көҕүлээһиннэри киллэрэн, гражданскай уопсастыба сайдыытыгар кыттыылара күүһүрүөхтээх.