Сардаана Авксентьева: “Куоракка сахалыы кылааһы элбэтиэхпит”
Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүн үөрүүлээх тэрээһинигэр, Дьокуускай куорат мэрэ Сардаана Авксентьева мустубут дьону бэлиэ күнүнэн эҕэрдэлээтэ. Итиэннэ 2010 сыллааҕы биэрэпис көрдөрбүтүнэн, төрөөбүт тылын билэр саха ахсаана 99,9 % тэҥнэспитин, онтон 2014 сыллааҕы куоракка ыытыллыбыт биэрэпискэ омук бэйэтин тылын төрөөбүт тылынан билиниитэ 82,4 % буолбутун, бу Дьокуускай куорат дьаһалтата туруорунар соруктарыттан биирдэстэрэ буоларын ыйда.
Саха тылын оскуолаҕа “үөрэтии” уонна “үөрэнии” диэн атын-атын суолталаах тыллар буолалларын эттэ. Дьокуускай куоракка сылтан-сыл сахалыы кылаас эбиллэн иһэрин иһитиннэрдэ. Ол курдук, холобура, ааспыт 2018-2019 үөрэх дьылыгар 415 сахалыы кылаас баар буоллаҕына, быйылгы сылга номнуо 440 кылаас аһылынна диэн бэлиэтээтэ. “Биһиги итиннэ үлэни салгыы ыытыахпыт. Билигин сахалыы кылааска 12 тыһыынча кэриҥэ оҕо үөрэнэр, ити куоракка үөрэнэр оҕо ахсааныттан 25 % буолар”, — диэтэ.
Күн бүгүн куорат 40 оскуолатыгар сахалыы кылаастар аһыллан туралларын, кэлэр үөрэх дьылыгар өссө сүүрбэччэ кылааһы аһар былааннаахтарын биллэрдэ. Ону таһынан, 26-с нүөмэрдээх оскуолаҕа эбэҥкилии тылынан үөрэтэр кылаас аһылларын биллэрдэ. Үлэ салгыы барар диэн эттэ.
Людмила ПОПОВА, edersaas.ru
Мария ВАСИЛЬЕВА (СИА) хаартыскаҕа түһэриитэ.