Бүгүн, тохсунньу 25 күнүгэр, Устудьуоннар аан дойдутааҕы күннэрин бэлиэтиибит. Сэргэлээх сэргэх ыччатын туһунан суруйабыт. Ол курдук, М.К.Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет устудьуоннары тиһигин быспакка дойду араас муннугар стажировкаҕа үөрэтэ ыытара ыччакка араас кыаҕы биэрэр. Сардаана Ховрова Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттар тылларын уонна култуураларын институтун үһүс кууруһун устудьуона сыл аҥаара кэмҥэ Кытай Өрөспүүбүлүкэтигэр үөрэнэн кэллэ. Кини тас дойдуга үөрэх, олох туһунан санааларын, сүбэлэрин, тугу билбитин-көрбүтүн хаһыаппыт ааҕааччыларыныын үллэстэр.
Бары диэбэппин, ол эрээри үгүспүт тас дойду олоҕо хайдаҕын, оннооҕу үөрэх бырагырааматын сэмээр интэриэһиргиир буолуохтаах. Үөрэх тугун-ханныгын, ханнык докумуоннар ирдэнэллэрин сорохпут хасыһа даҕаны барбат, ол сылдьан испитигэр омук сиригэр үөрэниэхпитин, көрүөхпүтүн-истиэхпитин баҕарарбыт ханна барыай? Көрдөөбүт көмүһү булар диэбиккэ дылы, иһитиннэриини киһи хантан баҕарар булуон сөп. Оттон мин дьүөгэбин кытта кэпсэтэн билэргэ-көрөргө сананным.
Туохтан саҕаламмытай?
Сардаана кэпсээнин маннык саҕалыыр:
— Бастаан утаа тас дойдуга үөрэх миэхэ ыраах халлааҥҥа умайар сулус курдук этэ. Онтон хас даҕаны доҕорум оннук үөрэнэн кэлбитин кэнниттэн сиһилии ыйыталаһарга санаммытым. Бэйэм Соҕуруу Кэриэйэ олоҕун, үөрэҕин интэриэһиргиирим, ол гынан баран, онно сыана ыараханын иһин аккаастаммытым. Онон, Кытай Харбин куоратыгар баар Хэйлунцзянскай омук тылын университетыгар үөрэнэргэ санаммытым. Кырдьыгынан эттэххэ, бу үөрэх аата эриэккэһэ болҕомтобун тардыбыта. Үөрэтэллэрэ уонна олордоллоро босхо этэ, айаммын, визабын, страховкабын уонна аһылыкпын төлөөбүтүм.
Тургутар эксээмэн
Кытайга үөрэнэ бараары, аангылыйалыы өйтөн суруйан, тургутууну ааспыппыт. Онно тоҕо, туох сыаллаах Кытайга үөрэнэ барарбын, эбии туох билии ылыахпын баҕарарым туһунан суруйбутум. Салгыы атах тэпсэн олорон сэһэргэһиигэ ыҥырбыттара. Ол кэпсэтиибит барыта аангылыйа тылынан буолбута, эбии кытайдыы билэриҥ сэҥээриллэрэ. Семестр саҕаланыыта барар буоламмыт, бу тургутуу барыта саас эбэтэр күһүн ыытыллар. Аны бу кэнниттэн ыҥырыы суругу кэтэспиппит. Тургутууну этэҥҥэ ааһан, ирдэнэр докумуоннарбын хомуйсан, күһүҥҥүттэн үөрэх дьылын Кытайга саҕалаабытым долгутуулаах этэ. Атын дойду, саҥа доҕоттор, сонун университет олоҕунан олоруу…
Кытай университетыгар
Хэйлунцзянскай университет ханнык баҕарар үөрэх кыһатын курдук улахан кампустаах, уопсай дьиэлэрэ киэҥ-куоҥ хостордоох. Күнү быһа араадьыйа тыаһыыра үөрэх тэтимигэр киллэриэн киллэрэрэ. Аны пааралар быыстарыгар сынньалаҥҥа Кытай Өрөспүүбүлүкэтин өрөгөй ырыата тыаһыыра, ол норуот патриоттуу тыынын ыһыктыбатын туоһулуур эбит. Үс мэндиэмэннээх остолобуой баарын сөхпүппүт. Кытайдар эбиэттэрэ күнүс 11 чаастан саҕаланар. Элбэхтэрэ бэрт буолан, остолобуойу биирдэ толоро түһэллэр этэ. Астарын хаачыстыбатыгар болҕомтону наһаа уурбаттар быһыылаах диэн бэлиэтээбитим.
Үөрэххэ ураты сыһыан
Кытай тылын үөрэтээччилэри хас да бөлөххө араараллар. Биһиги бөлөхпүтүгэр сэттиэ этибит — икки кэриэй уонна биэс саха. Паараларбыт барыта кытай тылынан ыытыллаллар. Бастакы күннэргэ, биллэн турар, ыарахан. Уопсайа, түөрт диссипилиинэлээх этибит. Үөрэххэ тугу ыарырҕатаргын, туох мунаахсыйардааххын ыйытар кыргыттары анаабыттара, кинилэрдиин нэдиэлэҕэ иккитэ көрсөр этибит. Иероглифтары үөрэтэри ыарырҕаппытым. Бэл, саҥарар ньымалара түөрт араастаах эбит. Иероглибы хайдах суруйары, саҥарары дьаныһан туран үөрэппиппит. Алтынньыга биир нэдиэлэлээх сынньалаҥ биэрбиттэрэ. Оттон үөрэхпитин бүтэрэрбитигэр эксээмэн туттарбыппыт, кытайдыы саҥаран иһитиннэрбиппит. Ол түмүгүнэн, ситиһиилээхтик үөрэммиппитин туоһулуур сэртипикээттэри туттартаабыттара. Манна диэн эттэххэ, кытайдар үөрэххэ сыһыаннара олус ирдэбиллээх, куруук инники күөҥҥэ сылдьыахтарын баҕараллар, онно дьулуһаллар. Үлэҕэ киирэллэригэр улахан тургутууну, эксээмэни ааһаллар. Биһиги кинилэр үтүө холобурдарыгар үөрэниэх тустаахпыт эбит диэн санааҕа кэллим.
Бу университекка үөрэнэн, олус элбэх саҥа доҕоттордоннум. Бэйэм биир санаалаахпын булан, билигин чугас дьүөгэм буолбут киһини кытта билсибитим. Кини сүбэтигэр-аматыгар, үтүө сыһыаныгар махтанабын.
Оскуола оҕолоро, ыччат куруук олоххо бэйэбит миэстэбитин, бэйэбитин көрдүү, араас толкуйу тобула, сорох санааларбытыгар муна-тэнэ даҕаны сылдьыахпытын сөп. Ордук үөрэҕи бүтэрээччилэр, салгыы ханна барабыт, тугу гынабыт диэн саныыбыт. Кыах баарын тухары сайдар суол биһиги иннибитигэр тэлгэнэн сытар. Онно таба тайанан, этэргэ дылы, сүрэх баҕарарын толоруҥ. “Тылы билии – хайа баҕарар ааҥҥа күлүүс” диэн санааны кытта өссө төгүл сөбүлэстим. Олоҕу көрүүм уларыйда. Тылы үөрэтиҥ, үөрэниҥ, билиитэ сомсуҥ!” – диэн кэпсэтиибитин түмүктээтибит.
Сардаана кэпсээнэ ыччакка сүбэ-соргу буолуо диэн эрэнэбит!
Уйгулаана ПОРТНЯГИНА,
ХИФУ устудьуона.