Сахалыы тыллаах суруналыыстыка күн бүгүн тугунан тыынан олорор? Туох кыһалҕалар бааллар? Аныгы информационнай үйэҕэ сурутуу дьыалата хайдаҕый? Эдэр солбук баар дуо?
Бу уонна да атын боппуруостары ырытыһарга, СӨ Суруналыыстарын сойууһа уонна “Ситим” медиа-бөлөх “Саха бэчээтин сайдыытын саҕахтара” диэн “төгүрүк остуолу” тэрийэн ыыттылар. Маннык “төгүрүк остуол” үһүс төгүлүн ыытылынна. Холобур, былырыын “Саха сирэ” хаһыат тэрийсибитэ.
Мунньахха Ил Дархан уонна бырабыыталыстыба дьаһалтатын информационнай бэлиитикэтин департаменын салайааччы Афанасий Ноев, Инновация, цифровой сайдыы, инфокоммуникационнай технология миниистирин солбуйааччы Чокуур Гаврильев, култуура тэрилтэлэрин идэлээх сойуустарын салайар Анастасия Самсонова, уо.д.а кыттыыны ыллылар.
Суруналыыстар сойуустарын бэрэссэдээтэлэ Галина Бочкарева бэлиэтээн эппитин курдук, хаһыат үлэһиттэрэ уопсастыба, дьон кыһалҕатын туруорсан, сытыы ыстатыйалары суруйаллар, ол эрээри, бэйэлэрин кыһалҕаларын сырдатары, туруорсары сатаабаттар. Саппыкыта суох саппыкыһыт диэн итини этэн эрдэхтэрэ.
Билигин сахалыы тыллаах хаһыатчыттарга кэккэ кыһалҕалар үөскээтилэр. Бастатан туран, кыра хамнас. Миниистири солбуйааччы иһитиннэрбитинэн, судаарыстыбаннай хаһыат үлэһиттэрин орто хамнастара – 38 555 солк., улуус хаһыаттарыгар – 34,9 тыһ. солк. Ол гынан баран, ити орто сыыппара буоллаҕа, суруналыыстар илиилэригэр итинтэн кыраны ылаллар.
Кыһыылааҕа диэн, былаас уонна норуот икки ардыларын ситимниир буолан баран, сулууспалаахтарга да, бүддьүөт үлэһиттэригэр да киирбэттэр, субсидияларынан, чэпчэтиилэринэн туһамматтар. Ол да иһин, билигин үөрэҕэ суох санитарка суруналыыстааҕар үрдүк хамнаһы ылар кэмэ кэллэҕэ. Ону да, холобур, улууска санитарка ахсаана элбэх, оттон суруналыыс ахсаана тарбахха баттанар буоллаҕа.
Нам улууһун хаһыатын эрэдээктэрэ Владислав Касьянов эппитинэн: “Мин отучча саастааҕым буоллар, уурайан, оскуолаҕа, балыыһаҕа дуу, бибилэтиэкэҕэ, мусуойга дуу үлэлии барыам этэ. Хас да үлэһитим оннук бардылар, кинилэри тутар кыаҕым суох. Оҕолорун, кэргэттэрин аһатыахтарын-таҥыннарыахтарын наада буоллаҕа”.
Ону тэҥэ, хаһыат үлэһиттэрин сарбыйыы бара турар. Уопуттаах, идэтийиилэрин толору баһылаабыт суруналыыстары 55 сааскытын туоллугут диэн баран, ууратан кэбиһэллэр. Аны, кэм ирдэбилинэн, электроннай көрүҥҥэ, сайтарга көһүү бара турар. Сайтарга быстах сонуннары эккирэтэ сылдьар киһи улахан, эттээх-сииннээх матырыйааллары суруйара саарбах. Ол да иһин, балаһа элбээбитин үрдүнэн, аҕыйах хаалбыт суруналыыска ноҕурууска улаатыыта хаачыстыбаҕа охсоро биллэр. Онон ырытар, анаарар ыстатыйалар сэдэхсийдилэр, уочарка, фельетон, публицистика курдук жанрдар сүтэн эрэллэр.
“Прочее” диэнтэн хаһан босхолонобут?
Чокуур Гаврильев, Инновация, цифровой сайдыы, инфокоммуникационнай технология миниистирин солбуйааччы:
—Олунньу ыйтан саха тылын, сурук-бичик туругун, кэскилин туһунан кыһалҕалары ырытыһар үс “төгүрүк остуолу” ыыттыбыт. От ыйын саҥатыгар Саха бэчээтин күнүн бэлиэтиири туруорсабыт. 2020-24 сс. орфографическай тылдьыты электроннай көрүҥҥэ угууга судаарыстыбаннай бырагыраама бэлэмнэнэр. Интэриниэккэ саха тылын бэйэ үөрэтэригэр (“самоучитель”) бырагыраама баар буолуохтаах. Саха тылын нуорматын тутуһууга экспертиза ыытыллыахтаах. Суруналыыстар куонкурустарын үбүлүүрү туруорсабыт. Оҕолорго аналлаах мобильнай сыһыарыылар тахсыахтарын наада. Социальнай суолталаах саха бэчээтэ судаарыстыбаттан өйөнүллүөхтээх.
Оптимизацияттан ордубут харчыны үлэһиттэр хамнастарын үрдэтиигэ ыытаары гынабыт. Сурутуу кээмэйэ түһэ турар, быйыл ортотунан 20% түстэ. Буоста тиэрдэр, таһар сыаната ыарахан, ол иһин үгүстэр буоста өҥөтүттэн аккаастанан, альтернативнай сурутууга көһөн, бэйэлэрэ тиэрдэр буолан эрэллэр.
Галина Бочкарева, СӨ Суруналыыстарын сойууһун бэрэссэдээтэлэ:
—Урут суруналыыс “үтүөлээх” ааты ыллаҕына хамнаһа 20%, “бэчээт туйгуна” буоллаҕына 10% үрдүүр этэ. Билигин ол да сотуллан турар. Хамнас чааһын, Арассыыйа суруналыыстарын сийиэһигэр бара сылдьан, РФ үлэ миниистирин солбуйааччытыттан ыйыппыппар, ону “таһаарааччы быһаарар” диэбитэ. Онон, бу чааһыгар, хаһыаты таһаарааччыны кытары үлэлэһиэххэ наада. Ону тэҥэ, “сааһырдыҥ” диэн үлэттэн устуу бара турар. Суруналыыстарга сааһырдыҥ диэн кыһарыйыы суох буолуохтаах.
Анастасия Самсонова, култуура тэрилтэлэрин идэлээх сойуустарын салайааччы:
—Доруобуйа харыстабылын, үөрэҕирии үлэһиттэрэ бүддьүөккэ туспа устуруоканан сурулла сылдьаллар. Оттон эһиэнэ “прочее” диэн сурулла сылдьар. Бэйэлэрэ киллэрэр үптэриттэн хамнас 30%-нын эбиэхтээхтэр диэн. Биһиэхэ аҕыйах эрэдээксийэ профсойуустаах. Бу “төгүрүк остуол” түмүгүнэн этиилэри хомуйан, суругунан СӨ Идэлээх сойуустарын бэрэссэдээтэлэ Николай Дягтеревка киллэрдэххитинэ, салгыы туруорсарга да чэпчиэ этэ.
“Батсаап байыастара” буолбатахпыт
“Төгүрүк остуолга” мустубут суруналыыстар санааларын толору этиннилэр. Холобур, Анатолий Павлов-Дабыл аныгы суруналыыстыка ис хоһоонугар тохтоото. Кини хаһыакка ырытыы сүтэн эрэриттэн, “батсаап” таһымнаах эдэр суруналыыстар баар буолбуттарыттан, анал үөрэҕэ суох блогердары өрө тутуу баран эрэриттэн хомойорун биллэрдэ.
Иван Ущницкай: “Оҕотун хайдах аһатарын толкуйдуу сылдьар киһи үчүгэй суруналыыс буолбат, онон хамнас эппиэттэһэр буолуохтаах. Урут биһиги “Эдэр коммунист” 12 балаһатыгар 14 буолан үлэлиирбит. Билигин ноҕурууска үрдээтэ, онон хаачыстыба түстэ. Өрөспүүбүлүкэ хаһыата дьон-сэргэ трибуната буолуохтаах этэ. Билигин кэлэктиип хаһыатын курдук, тоҕо диэтэр, хамнас кыра буолан, гонорар аахсаары, үксүн бэйэлэрэ суруйаллар”.
Бэтэрээн суруналыыс Иван Ксенофонтов тус-туспа сокуоннаах, ирдэбиллээх бэчээти уонна электроннай таһаарыылары араарарга эттэ. Владислав Касьянов: “Улуус хаһыаттарын биир “Сахабэчээккэ” киллэрдэххэ, ити эстии саҕаланыыта буолуо. Ити соруйан оҥоруу, мин оннук өйдүүбүн”.
Манна да көстөрүнэн, сахалыы бэчээт эйгэтигэр тыын кыһалҕа элбээбит, ону быһаарар кэм уолдьаспыт курдук. Тоҕо диэтэр, сахалыы тыллаах хаһыаттар эһиннэхтэринэ, аҥаардас саайтарынан, “батсаабынан” бардахха, ол тылбыт туругар үтүөнэн дьайбата биллэр. Сүүс сыллаах уопуту туора сотон кэбиспэккэ, охтон эрэри кэнниттэн тэппэккэ, илиини уунан көмөлөһүү – салалта сиэрдээх быһыыта буолуох этэ…
Мунньах түмүгүнэн, 9 пууннаах этиилэри ылыннылар. Ол онно саха бэчээтин күнүн олохтооһун, алтынньыга буоста үлэһиттэрин кытта “төгүрүк остуолу” ыытыы, хамнаһы үрдэтиини, улуус хаһыаттарын автономнай хаалларыыны, идэни үрдэтиигэ тус сыаллаах үбүлээһини, оҕо бэчээтин үөрэтэн, дьайыылаах бырагыраамалары ылыныыны туруорсуу, “Земскэй суруналыыс” бырагырааманы олоххо киллэрии, о.д.а. боппуруостар киирдилэр.
Манна киирбит этиилэр Ил Дархан Айсен Николаевка уонна Саха сирин идэлээх сойуустарын федерациятын бэрэссэдээтэлэ Николай Дегтяревка тиийиэхтэрэ.
Түмүккэ, сахалыы тыллаах суруналыыстарга аналлаах “Уһун Дьурантаайы” диэн куонкурус түмүгүн таһаардылар. Төһө да бастакытын ыытылыннар, суруналыыстар олус көхтөөхтүк кыттыбыттар, 101 сайаапка, 300-тэн тахса үлэ киирбит. Улуус суруналыыстарыттан элбэх үлэ киирбит, сорохтор кыайыылаах үрдүк аатын сүктүлэр. “Уһун Дьурантаайы” куонкуруһу сыллата ыытарга былаанныыллар.
Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Сыыппара
38 555 солк. — судаарыстыбаннай хаһыат үлэһиттэрин орто хамнастара;
34,9 тыһ. солк. — улуус хаһыаттарын үлэһиттэрин орто хамнастара.