Сандал саастыы сандааран

Ааптар: 
27.04.2021
Бөлөххө киир:

САХА КҮНЭ

Сандал саастыы сандааран
Саха күнэ үүннэ дии!
Үүттээх чэйдии манньыйан
Саха тыллаах үөрдэ дии!

Айылҕаттан бэрдэрбит
Алмаас, көмүс дойдута!
Айыылартан анаммыт
Айдарыылаах айылҕа!

Мантан ордук көстүүнү
Ханна уонна көрүөмүй:
Хайалара, алааһа,
Өлүөнэбит очуоһа!

Бурҕаа тымныы кыһына,
Чаҕыл сандал сааскыта,
Сырал куйаас сайына,
Өлгөм быйаҥ күһүнэ!

Саха дьоно ураты:
Булчут, асчыт, иистэнньэҥ,
Быһый, боотур, тойуксут,
Мындыр мэйии, хомусчут.

Саха тыллаах чөрөйөн,
Сахабытын киэн туттан,
Санаабытын сааһылаан
Сайдар суолу тутуоҕуҥ!

Полина-Победа,
Уус Алдан.

ИЙЭ ТЫЛЫМ

Мин төрөөбүт ийэ тылым
Саха тылым, төрүт тылым
Саабылата суох саадаҕым!
Куйах тэҥэ кириэппэһим!

Араас омук быыһыгар
Ымсыырдарым тылбынан:
Икки тылы билэрбинэн,
Көҥүл иккис тыллаахпынан.

«Саха тылгар
ТАПТЫЫБЫН
Хайдах дэнэр?» дэһэллэрэ,
Этэн көрөн күлсэллэрэ,
Бэйэм тэҥҥэ үөрсэрим.

Ити курдук эдэрбэр
Хатылааммын элбэхтэ
Ийэ тылбар тапталы
Иҥэриммит эбиппин.

                                                     Полина-Победа,
Уус Алдан
2021 сыл

Хаартыска: yakutia24.ru ылылынна

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0