Сандаара алгыстаах мөһөөччүктэрин илдьэ барыҥ

Ааптар: 
29.05.2017
Бөлөххө киир:


«Саха — буор куттаах» диэн мээнэҕэ этиллибэт. Саха киһитин биһигин ыйаабыт, дьоллоох оҕо сааһа ааспыт алааһын, ийэтин-аҕатын тапталын иҥэриммит алаһа тиэргэнин буора араҥаччылыыр, кутун-сүрүн бөҕөргөтөр.

Раиса СИБИРЯКОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru


Ити иһин өбүгэлэрбит төрөөбүт сирдэриттэн тэлэһийэн, ыраата баралларыгар алаастарын буорун оҕус хабаҕар куттан илдьэ барар үтүө үгэстээхтэрэ. Оттон сүктэр кыыс барахсан дойдутун буоруттан илдьэн, иккис дойду оҥостуохтаах сиригэр куттаҕына, айылҕа ситимин сиэригэр сиэтиллэн төрүүр-ууһуур аналланара.

Сандаара диэн ааттаах саха Далбар Хотуна өбүгэбит бу үтүө үгэһин утумнуур бэрт туһалаах дьыаланы саҕалаабыт. Араас улуустар гиэрбэлэрэ ойуулаах, эмэгэттээх эмчит Тирэх Уйбаан алгыһа суруллубут аккырыыккалаах, буору кутан илдьэ сылдьыллар кырачаан мөһөөччүктэри оҥорбут. Ис хоһоонноро дириҥин иннигэр, сыаналара удамыр, биир мөһөөччүк баара эрэ 100 солк.

Хас да нэһилиэк баһылыга алгыстаах мөһөөччүктэри ылан, дойдуларын буорун кутан, оскуоланы бүтэрэр ыччаттарга туттарда, — диир Сандаара. — Ону нэһилиэк олохтоохторо сүрдээҕин сэҥээрдилэр.

Төрөппүттэр кэмитиэттэрэ оскуоланы бүтэрэр оҕолорго тугу бэлэхтиир туһунан сыл аайы төбөлөрүн сынньаллар. Дьэ онуоха Сандаара алгыстаах мөһөөччүктэрэ олус тоҕоостоох эбиттэр. Орто оскуоланы бүтэрэн олох киэҥ аартыгар үктэнэр эдэр дьоҥҥо дойдуларын буорун тупсаҕай оҥоһуулаах мөһөөччүккэ уган, сахалыы алгыс тылы этэн-тыынан туттарартан ордук, ама, туох истиҥ-иһирэх бэлэх баар буолуой?

Алгыстаах мөһөөччүк оскуоланы бүтэрэн үөрэххэ барар оҕолорго эрэ буолбакка, кимиэхэ баҕарар наада: дьылҕатын батыһан атын сиргэ үлэлии-олохсуйа барар ыалга, эргэ сүктэр кыыска, «итии туочукаларга» ытык иэстэрин толоро сылдьар байыаннай сулууспалаахтарга, дойдутуттан ыраах тэлэһийэн олорор дьоҥҥо.

Билигин Улуу тунах ыһыахтар  кэмнэрэ. Тоҕо сатаныа суоҕай дойдутугар ыһыахтыы барар киһи Сандаара мөһөөччүгэр төрөөбүт алааһын буорун эбэтэр сибэккитин куттан кэлэн, санаатаҕын ахсын сыттаан, сүрэҕин-быарын сылаанньытара, ахтылҕанын таһаарара? Олохтоохтор ыалдьыттарыгар үтүө өйдөбүнньүк буолар гына буору дуу, сир симэҕин кэһиилээн ыытыахтарын сөп.

Аҕыйах хонугунан Бүлүү куоратыгар Олоҥхо ыһыаҕа ыһыллыаҕа. Дьэ манна Сандаара алгыстаах мөһөөччүктэрин  көдьүүстээхтик туһаныҥ — араас улуустартан хомуллан ыһыахха барар дьон өйдөбүнньүк оҥостон, Хотун Бүлүү аакка-суолга киирбит, ыллыыр кумаҕын куттан кэлиҥ, оттон ытык Бүлүү дьоно ыалдьыттаргытыгар дойдугут кумаҕын бэлэхтээн ыытыҥ.

Үөһээ Бүлүүгэ от ыйын 5 күнүттэн «Манчаары Оонньуулара» буолуоҕа. Бу улахан түһүлгэҕэ күрэхтэһэр спортсменнар дойдугут буоруттан куттан илдьэ барыҥ, араҥаччы буолуоҕа.              

Сандаара алгыстаах мөһөөччүктэрин «Книжный маркет» маҕаһыыннарыттан, «Сахабэчээт» киоскаларыттан атыылаһыҥ, элбэҕи ылааччылар 89142743661 нүөмэринэн ыйыталаһыҥ.

Раиса СИБИРЯКОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыскаҕа: араас улуустар  гиэрбэлэрэ ойуулаах, дойду буорун кутан илдьэ сылдьарга аналлаах алгыстаах мөһөөччүктэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0