Сакалааттаах Сандаара

06.08.2019
Бөлөххө киир:

Аҕыйах сыллааҕыта тас дойдуларга, Арассыыйа атын куораттарыгар оҥоһуллубут сакалааты маҕаһыынтан эрэ атыылаһар кыахтаах этибит. Оттон билигин өрөспүүбүлүкэбитигэр сакалааты оҥоруунан дьарыктанар дьон баар буоллулар. Бэйэ дьоно оҥорон таһаарбыт араас тупсаҕай көрүҥнээх, минньигэс амтаннаах сакалаатын сиир, чугас дьоммутугар бэлэх уунар кыахтанныбыт.

Бу дьыаланан өссө эдэр дьон дьарыктанара, ылсара, Саха сиригэр суоҕу айара-тутара, оҥороро, саҥаттан-саҥаны киллэрэрэ – хайҕаллаах дьыала.

Бүгүҥҥү ыалдьыппытынан сакалаат оҥоруутунан дьарыктанар Сандаара Чемезова буолар. Бу ураты дьарыкка хайдах быһаа­рыммытын, “минньигэс мастарыс­кыайа” хайдах үлэлиирин туһунан Сандаара “Эдэр сааска” кэпсиир.

Сэһэргээччибит бэйэтин туһунан маннык билиһиннэрэр:
— Мин Сунтаар улууһун Кэмпэндээйи сэлиэнньэтиттэн төрүттээхпин. М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет сервискэ уонна туризмҥа салаатын туйгуннук үөрэнэн бүтэрбитим. Билигин 23 саастаахпын, былырыын кэргэн тахсыбытым. Кэргэним Александр диэн. Кини физкултуура учууталынан үлэлиир.

— Сакалаат оҥорор санаа эйиэ­хэ хайдах киирбитэй? Бэйэ дьыалатын арынар төһө уустуктар­даах эбитий?
— Оҕо эрдэхпиттэн бэйэ дьыалатын тэринэн, бэйэм-бэйэбэр үлэлиир буолуом диэн билэрим. Ол эрээри, сакалаатынан дьарыктаныам диэн санаабат даҕаны этим. Оскуолаҕа үөрэнэр сылларбар хаһыат атыылаан, киэр­гэл оҥорон эргиниинэн дьарыгырарым. Университеты бүтэрэн баран, маҕаһыыҥҥа салайааччынан үлэлээбитим. Ол сырыттахпына сакалаат оҥорор санаа киирбитэ. Онтон “Инстаграм” социальнай ситимҥэ Москваҕа бэйэ оҥоруу сакалааттара муода буолбуттарын бэлиэтии көрбүтүм. Аны бэйэм минньигэһи сиирбин олус сөбүлүүбүн, онон бары өттүттэн табыгастаах буолсу диэн санааттан дьарыктанан саҕалаабытым. “Тото Choko” диэн ааттаммытым. “Тото” диэни кэргэн тахсыам иннинэ араспаанньабыттан – Тотонова, “сhoko” – английскайдыы “сакалаат” диэнтэн таһаарбытым.

— Сакалааты оҥорор кондитер эбэтэр асчыт үөрэхтээххин дуо? Үөрэх наада дии саныыгын дуо?
— Чопчу сакалаат оҥоруутунан дьарыктанар эбиппин диэн быһаа­рынан бараммын, Москваҕа анал кууруска үөрэммитим. Билиҥҥи үйэҕэ идэни таларга булгуччу үрдүк үөрэхтэниэхтээххин диэн олоҕурбут санааны кытта сөпсөспөппүн, оннук буолбатах эбит.

— Бу дьарыгыҥ ылбычча киһи дьарыктанар дьыалата дуо? Үлэҕэр саамай сүрүнэ туох дии саныыгын?
— Тугунан дьарыктанаргын, үлэлииргин сөбүлүүр, ол сүрэҕиҥ нөҥүө ааһар буоллаҕына – бу эйиэ­нэ. Мин оннук санаа­лаахпын. Үлэбэр саамай сүрүнэ, дьону дьоллооһун, үөрдүү буолар. Мантан сиэттэрэн, сакалааппын оҥорорбор хаачыстыбатын күүскэ көрөбүн, бэрэбиэркэлиибин. Хаачыстыбаны кытта тас көрүҥэр болҕомтобун уурабын. Сакалааттарбын дьон үксүн бэлиэ түгэннэргэ, бырааһынньыктарга бэлэххэ ылар. Онон, дьон үтүөтүк саныыр киһитигэр кыбыстыбакка биэрэр бэлэҕэ буоларын ситиһэбин.

— Оттон сакалааттаргын хайдах оҥороҕун? Үлэһиттэрдээххин дуо?
— Хас биирдии сакалааты илиибитинэн ууран-тутан, тапталы кытта оҥоробут. Оччоҕо табыллар уонна минньигэс буолар дии саныыбын. Билигин көмөлөһөөччүлээхпин, онон үлэбит түргэтээтэ уонна оҥорон таһаарыыбыт элбээтэ.

— Маҕаһыыҥҥа атыыланар сакалааттартан туох ураты­лааҕы оҥороҕут?
— Дьокуускай маҕаһыыннарыгар да, атын дьарыктанааччыларга да сыырдаах, манголаах, бергамоттаах сакалааттары көрө иликпин. Биһиги саҥаттан-саҥаны, ураты амтаннааҕы толкуйдуу сатыыбыт.

— Минньигэһи сиирбин олус сөбүлүүбүн диэтиҥ. Киһи элбэх сакалааты сиэтэҕинэ, боруоба­лаатаҕына хал буолар дии. Оттон эйиэхэ хайдаҕый?
— Мин билигин да хал буола иликпин. Сакалааттарым ураты оҥоһуулаах, амтаннаах буоланнар, хайдах эрэ өлүүлээн, харыс­таан сиэхпин баҕарааччыбын. Онон, бэйэм да дэҥҥэ сиибин диэххэ сөп. Боруобалыырбар бытааннык, амтанын амсайа-амсайа сиибин.

— Сандаара, сакалаат дьыалатыгар идэтийбит киһи буоларыҥ быһыытынан, ааҕааччыларбытыгар сүбэлээ эрэ, үчүгэй сака­лааты хайдах талан атыылаһыахха сөбүй?
— Сакалаат суутугар арыы уонна мэлиллибит какао баар диэн суруктааҕы талар ордук. Ити – сүрүнэ. Оттон хас биирдии киһи атын-атын амтаннаах, оҥоһуулаах сакалааты сөбүлүүр. Онон, бу сакалаат үчүгэй, ол куһаҕан диэн сатаан быһаарар кыаҕым суох.

Сонун дьарыктаах Сандаара сакалааттаах дьыалата сайда, кэҥии турдун!

Айтана Аммосова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыскалар дьоруой архыыбыттан.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0