Санатыма дуу, ааспыты…

Ааптар:  Огдо
14.07.2023
Бөлөххө киир:

Тыйаатыр кэнниттэн Анатолий Пантелеймонович таһырдьа эрдэ соҕус тахсан ааны манаабыта. Баччааҥҥа диэри кими да күүппэтэх, көрсүбэтэх-атаарсыбатах киһиэхэ дьикти соҕус кэтэһии этэ. Суоппарын ыытан бастаан сибэкки ылларыах курдук санаан баран, саараабыта. Аны… Аанчык сөбүлүө суоҕа. Булгуччу бу киэһэ Анна Алтановнаны көрсөн кэпсэтэрэ киниэхэ бэйэтигэр наада курдуга.

Өр буолбатаҕа, Анна икки уолугар арыаллатан бу тахсан кэлбитэ. «Кэргэнэ тоҕо кэлсибэтэх бэйэтэй» диэн мунаарар санаа ханан эрэ охсуллубута да, сонно бэйэтэ хардара охсубута «дьыалабыай киһи, ыраах командировка, дэлэлээх үһүө».

— Анна Алтановна, баһаалыста аҕыйах түгэҥҥэ миигин болҕойоргор көрдөһөбүн, — диэбитигэр уолаттар, хап-сабар ийэлэрин кытта сүбэлэһэн сибигинэһэ охсоот, элэс гыммыттара.

Икки сиппит киһи, дьахтардаах эр киһи, тыйаатыр иннинээҕи болуоссакка туран хаалбыттара. Хайа-хайалара истэриттэн саҥалара тахсыбакка, туох да диэн ылбычча кэпсэтэ охсуохтарын билбэккэ, мух-мах барбыттара. Урут маннык буолбат этэ. Холкутук, аһаҕастык, ыраастык, үөрэ-көтө чэпчэкитик сэлэһэллэрэ. Ол кэмтэн ыла сүүрбэччэ сыл түргэн бэйэлээхтик элэс гыммыт. Ити тухары биирдэ да көрсүбэтэх, оччолорго олус чугастыы Аанчыктаах Толик, билигин ардылара алыс аппыт Анналаах Анатолий, иккиэн да арааһы саныы бу турдахтара. Хайалара да кэпсэтиини саҕалыан бииртэн эрэ куттанар-сэрэнэр.

Аанчык тугу эмэ эттэҕинэ, быһаараары оҥоһуннаҕына, Толик аны: «Санатыма дуу, ааспыты… Барыта бүппүтэ…», — диэн кэбиһээрэй. Оччотугар тугу кэпсэтээри тохтоттоҕой… таабырын дии.

Толик Аанчыктан саллар, уһун киэһэлэргэ, эрэйдээх түүннэргэ сүрэҕэр кистээбит, күүһүнэн саба баттаабыт иэйиитин быктардаҕына, арай: «Санатыма дуу, ааспыты… Барыта ааспыта, симэлийэн сүппүтэ…» — диэтин? Оччоҕо туох диэри кини мааҕыҥҥыттан манаан турбутай… эрэй дии.

Эргиллэ түһээт, икки аҥыы барыахтарын туох эрэ биллибэт саарабыл тутар курдуга. Бэйэ-бэйэлэригэр тардыһалларын курдук, ситимнии сатыыр эмиэ туох эрэ баара. Арай, бу икки киһи курус сүрэхтэрин ириэрэ охсорго соҕотох төрүөт сирэйдэригэр суруллубут этэ: ыраас сүрэххэ, сылаас быарга, чэбдик тыҥаҕа ханан да өстүһүү өһүөнэ, буруйдааһын будула, кэлэйии кэтэмэҕэйэ күлүгүрэн да көстүбэтэ…

Төһө өр маннык чуумпутук туруохтара эбитэ буолла… Тохтоппут, тыл көтөхпүт, таалан туран уу чуумпуну таһаарбыт буруйдааҕын быһыытынан уонна, хайа муҥун, эр киһи буоллаҕа эбээт, эр хаанын ылбыт Толик балаһыанньаттан тахсаары, акаары баҕайытык:

— Аанчык, Анатолий Соргоев мин уолум дуо? — диэн ыйытааччы буолла. Онтукатыттан бэйэтэ соһуйда, сонно бэйэтигэр абаккаран, сымыһаҕын быһа ытырда, модун сүрэҕэ мөҕүл гынна. «Бүттэхпит, кэм буолаахтыам», — диэн, саҥарбытын кытта кэмсиннэ.

— Толик эн биһикки уолбут. Мэлдьи эйигин санатар. Ол иһин куруук эн мин аттыбар баар курдуккун… — умса туттубут сирэйин дьэ өрө көтөҕөн, Аанчык кинини кыл түгэнэ утары көрөн ылла.

Сып-сырдык, дьэп-дьэҥкир, ардах уутун санатар харах уута, кыламан быыһынан кыырпах саҕа таммах буолан, мүччү ыстанан тахсан тохтубата, иэдэһинэн сүүрбэтэ. Аанчык бу да сырыыга кыатанна, биллэ сиигирбит үчүгэйкээн харахтарынан халлааны симириктии одуулаата. Толик соһуйбута арай бииртэн. Кини хайыы үйэ умнубут эбит, Аанчык ханнык да түгэҥҥэ соһуйан өрө көтөр, сөҕөн өрө көрөр омуна суох биир мээрэй майгылааҕа, онто билигин да баар…

— Оччоҕо… тоҕо Анатольевич диэбэтиҥ?

«Оо, мас акаарыа! Итини ыйытаары Аанчыгы бачча өр күүппүтүөҥ? Бэйи, бу туох абааһыта имнэннэй?!»

— Эйиэхэ мэһэйдээмээри, олоҕу уустугурдумаа-ры… — олох холку харда хап-сабар иһилиннэ.

— Альфред эмиэ… Алтанович… тоҕо?

«Оо, сүрүн, доппуруостаан эрэбин дуу? Наадам атын да киси эбиппин…»

— Алигы Толябар доҕор гынаары детдомтан иитэ ылбытым, — Аанчык кыыһырыахтааҕар кыл түгэнэ өссө мичилийэн ылла ээ!

— Ээ…

Эмиэ саҥата суох турдулар. Өр турдулар. «Оо, сордоох, туохта эмэ саҥарыый даа! Бачча тухары этиэххин баҕарбыккыттан туохта эмэ быктарыый?!» Толик, биир сиргэ тэпсэҥэлии-тэпсэҥэлии, сиэбигэр уктубут илиилэрин иһирдьэ мускуйбахтаан, наар иһигэр бэйэтин кытта бэйэтэ эрэ кэпсэтэ турдаҕа үһү.

— Чэ, мин барыым… оҕолор күүтүөхтэрэ.

— Ыык…

* * *

Аанчык оргууй аҕай бара турда. Эчи, хаамара чэпчэкитин, таһаата чарааһын… Букатын туга да уларыйбатах, хаардаах-самыырдаах сыллар ааспатахтарын курдук… Толик оннуттан харыс да хамсаабакка, турбутун курдук туран хаалла. Аппайан. Алааран. Аҥаарыйан. «Аата, сүрүн! Бар, эккирэт! Атаар!» Арааһа, ити болуоссакка турбутунан букатын да хаалыах киһини, киһилии кута быһыылаах, эмискэ үчүгэй аҕайдык кэдэйэ биэриэр диэри кымньыылаата ээ!

— Аанчык! Аанчык! — үөгүлээбитинэн, үстэ-түөртэ эрэ ойдо, ситэ баттаата, инниттэн күөйдэ.

— Аанчык, мин эмиэ соҕотохпун. Ахтабын эйигин. Олус суохтуубун. Таптыыбын ээ! Таҥнарыахсыты туох да диэ! Ол эрээри, бука баһаалыста, үүрүмэ! Оҕобун… оҕолоргун кытта билиһиннэр! Көҥүллээ, буруйбун саптыахпын кыахта биэр! Көрдөһөбүн!

Аанчык тохтоон, үс хаамыы икки ардыгар эппэҥнэс буолбут, кытара буспут, тыын быһаҕаһынан тыынар Толигы тонолуппакка көрөн турда уонна оргууй аҕай эр киһи иэдэһинэн халыйан иһэн тохтообут кэмчи сылаас таммаҕы чап-чараас, нап-нарын сөмүйэтинэн сотон ылла.

— Сөп, Толик, биһиэхэ кэлээр. Күүтүөхпүт, — диэтэ кини нэһиилэ иһиллэрдик уонна бара турда…

Оо, Айыы Сээн! Бааргын эбит, буолбаат?! Аанчык кинини үүрбэтэ, утарбата, мөхпөтө, үөхпэтэ, сэмэлээбэтэ, саатырдыбата ээ! Өссө көрдөһүүтүн ылынна, тук курдук сөбүлэстэ, ол аата… кини киниэхэ өстүйбэт эбит буолбаат?! Толя битигирэс сүрэҕин уоскутар кыаҕа суох эмиэ туран хаалла. Хайа диэки бардаҕына дьиэтигэр тиийиэхтээҕин толкуйдаабат да туруктаах чочумча тыйаатыр иннигэр тэпсэҥэлээтэ, ааныгар билигин да уоттаах киирэр холлороону манаата.

Аанчык, оо, Аанчык… ыраас да киһигин, судургу да быһаарыылааххын, кэмчи да тыллааххын… Ол эрээри ити Толя уруккуттан билэр, өрдөөҕүтэ умнубут майгыта. Ол иһин соһуйар, симиттэр, саллар… Аанчык курдук кырдьыксыт, туох да ордук-хос кэтэмэҕэйэ, үөнэ-көйүүрэ суох ыраас кэрэ кыыһы тоҕо да эрдэ сыаналаабатаҕай? Суох, булгу туох эрэ оччолорго булкуспут буолуохтаах… Кини Аанчыкка убаммыт сүрэҕэ үйэлээх дьиҥнээх тапталга кубулуйарыгар мэһэй баара эбитэ ини. Ол туорайга туһах курдук бэйэтинэн иҥнибит, мүччү көтөн сатаан туораабатах, тиһэҕэр дьылҕатын сарбыммыт тус кыһалҕалаах кини буолан бу турдаҕа…

Нөҥүө күн, үлэ чааһа саҥардыы саҕаланыыта, Анатолий Пантелеймонович оҥостон олорон «Күнчээҥҥэ» эрийдэ. Эрдийбиччэ, бэҕэһээҥҥи кэпсэтииттэн чэпчээбиччэ, Аанчыгы кытта бастаан итинник кэпсэтэргэ быһаарынна.

Кырдьыга, бу сыллар усталарыгар хаста-хаста кинилиин көрсүһүөҕүн санаатыгар кытта кистээн, оҥорон көрөн, таайа сатаабытай? Бэлэм да буолуон сөбө курдуга. Онто баара – олоххо атын. Ордук уустук.

Көһүппэтэх өттүттэн көрсүһүүгэ өмүттүбүтүттэн ыксаабыта даҕаны. Санаатыгар сыл-хонук быыһыгар, хараҥа чуумпуларга, сыттыгар соҕотох кирийэн сытан кистээн иитиэхтээбит, элбэҕии-элбэҕи этиэхтээх нарын тапталын тыллара сол түгэҥҥэ ханна сайҕанан хаалбыт абатай. Хата, Аанчык билигин да холкута, судургута, онон-манан эрийэн-эриллэн киирбэтэ-тахсыбата… Оо, куттаатыҥ даҕаны… чыычааҕыам, Аанчыгым-баанчыгым, сиэри таһынан холкугунан, искэр буһарар толкуйгунан, таскар табан этэр дьоҕургунан! Эн төрүкү даҕаны ис-искиттэн иһирэх-намыын майгыгын умна охсубутум ырааппытыан…

Чахчы, төлөпүөнүнэн этинэр судургу соҕус буолсу. Сирэй кэпсэтэртэн саллааччы куттамсах, чачырбас киһи быһыыта диэччилэр эрээри, субу түгэҥҥэ итинтэн атын ньымата киниэхэ суох. Эрийэн, уһуун да уһун, харахха көстүбэт, өрдөөҥүтэ быстыбыт ситими холбооттоон, ол эрэ нөҥүө быһаарыстаҕына сатаныыһы. Сэрэнэн, үгүһү ыаһыйалаабакка, көннөрү көрсүһүүнү эрэ көҥүллэтэр дии…

Итинник бэлэмнэнэн-оҥостон, холкутуйа сатыы-сатыы, Анатолий Пантелеймонович бу киэһэ киниэхэ булгу тиийиэҕин сэрэттэ. Аанчык аккаастаабата, утарбата.

Киэһэлик сибэккилэнэн, кэмпиэттэнэн тиийбитэ, уолаттар, дьарыктарыгар буолан, суохтар эбит. Аанчык субу бэлэмнээбит киэһээҥҥи аһылыгынан Толигы күндүлээтэ. Дьиэ аһа амтанныын атын. Онуоха эбии күннэтэ дьонугар, оҕолоругар астыы үөрүйэх ийэ барахсан аһылыгын амтана туохха тэҥнэһиэ баарай? Син биир тус тапталын кэриэтэ, кини соркуойун да минньигэһэ хаһан да хатыламмат, кимиэнигэр да маарыннаабат дьиктилээх.

Бүгүн дьэ, арыый айахтара аһыллан, үлэни-хамнаһы тула сэһэргэстилэр, уопсай билэр дьоннорун аа-дьуо хардарыта сурастылар. Ордук Марыына эбээ туһунан күлэ-үөрэ кэпсэттилэр.

Хойутуу кэлбит уолаттар хойукку ыалдьыттан олус соһуйдулар эрээри, саҥарбатылар. Успуонсар Астахов хараҕын араарбакка кинилэри одуулуурун тириилэринэн таайаллар, истэригэр дьиибэргииллэр. Бэҕэһээ ийэлэрэ уруккуттан билсэр этибит диэн быһаарбыта. Онон буоллаҕына, билэр дьахтарын оҕолорун сэҥээрэрэ эмиэ да сөпкө дылы диэн уолаттар тугу да уорбалаабатылар.

Чэйдээн-аһаан баран, Анатолий Пантелеймоновиһы хосторугар ыҥыран элбэх кыайыыларын туоһулуур мэтээллэрин, кубоктарын, дипломнарын көрдөр дүлэр, өргө диэри сэһэргэстилэр. Онтон ыалдьыттара дьиҥинэн архитектор идэлээҕин истэн сирэй-сирэйдэрин көрүстүлэр. Саала хоско тилигирэһэн тиийэн эркиҥҥэ сыста турар, багдаллыбыт, сымнаҕас дьыбаан олбоҕун үөһэ күөрэтэн таһаардылар. Чочумча букунаһаат, ол иһиттэн салапаанынан кичэйэн бүрүллүбүт балачча улахан кумааҕы макыаты, былдьаһа-былдьаһа ороон, сэрэнэн тутан хосторугар киирдилэр.

— Бу биһиги кырабытыгар, бэһис кылааска сылдьан, дизайн студиятыгар оҥорбуппут. «Күнчээн» детдом оҕо куората буолуохтаах макыата. Куоракка бастаабыта ээ, — уолаттар омуннаахтык кэпсээтилэр.

— Ол эрээри манна сыыһалардаах. Ону сатаан көннөрбөтөхпүт, ол иһин салгыы быыстапкаларга биэрбэтэхпит,- Алик быһаарда.

— Дьиҥэр, наһаа үчүгэйдик үлэлээбиппит эрээри, кэнники атыҥҥа, акробатикаҕа көспүппүт. Ол иһин хаалбыта, — дэстилэр.

— Ол иһин дизайн салайааччыта кыыһырбыта диэриий, «бачча үчүгэй илиилээх оҕолору таах эчэтээри акробатикаҕа ыыттыҥ» диэн маамабытын мөхпүт этэ буолбат дуо, — Алик сөбүлээбэтэх салайааччыны үүт-тирии үтүктэн көрдөрөр.

Анатолий Пантелеймонович макыаты көрөн ах барда, сөхтө. Бэһис кылаас оҕото диэн кыра буоллаҕа эбээт. Ол холугар сүрдээх да үлэ эбит.

— Ким көмөлөспүтэй? — кини уорбалаан ыйытар.

— Ийэбит… ити куоракка туох баар буолуон сөбүй диэбиппитигэр бэйэтин баҕа санаатын эппитэ. Онтон салгыы бэйэбит айбыппыт да, табыллыбатах…

— Тоҕо табыллыбатах? Сүрдээх интэриэһинэй бырайыак, доҕор. Мин архитектор сыыспат хараҕынан этэбин. Көрүҥ бу, билиҥҥи ирдэбилинэн кыратык көннөрүөххэ эрэ наада. Кыра сыысхал дьыаланы буортулаабат. Дьэ бу, наукаҕа куруук этиллэр: оҕоҕо аналлаах оонньууртан, таҥастан-саптан саҕалаан, дьиэҕэ-уокка тиийэ оҕо бэйэтин толкуйунан сирдэтиэххэ, киниэхэ табыгастааҕынан оҥоруохха диэн. Маны улахан киһи тобуларыгар олус уустук. Уолаттар, хайдаҕый, дьээбэҕэ көннөрөн көрөбүт дуо? Мин хайдах гынары сүбэлиэм, эһиги оҥоруоххут, — Анатолий Пантелеймонович күө-дьаа буолла.

— Оттон… арай киэһэтин, дьарык кэнниттэн кыра-кыралаан эрэ олордоххо, — диэн мунаардаллар да, сэмээр сөбүлэстилэр.

Сарсыныгар кумааҕы, силим, анал кыптыый уонна да атын матырыйаал көтөхпүтүнэн, Толя дьиэҕэ биирдэ баар буола түстэ. Аанчык соһуйбутугар күллэ:

— Бу киэһэттэн ыла уолаттар урукку макыаттарын сөргүтүөҕүҥ диэн бэҕэһээ сүбэлэспиппит.

— Ээ, ол хаалбыты баран, хаһан олоххо киириэн… — Аанчык сэҥээрбэт курдук эттэ да, утарбата.

— Мин да итинтэн тэйбитим ырааппыт эбит, хата кыратык санаан ыларга, ааспыты сөргүттэххэ… — диэн иһэн тоҕо эрэ ах барда.

Аанчык куукунатыгар киирэн иһэн эмиэ дьиибэргээбиттии эргиллэн көрдө эрээри, тугу да саҥарбата.

Огдо «Санатыма дуу, ааспыты…» (Айар, 2023) кинигэтиттэн быһа тардан.

Кинигэ «Айар» бары маҕаһыыннарыгар атыыланар

+1
9
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
2
+1
3