Соторутааҕыта Хаҥалас улууһугар отоннуу сылдьан сүппүт 70 саастаах Людмила Кириллина биэс хонон баран көстүбүтүн туһунан сурах өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун барыларын үөрдүбүтэ.
Биэс күнү быһа чараас таҥастаах саастаах дьахтар аһаабакка-сиэбэккэ сылдьара – хорсун быһыы.
Бүгүн биһиги Людмила Кириллинаны кытта ол биэс күҥҥэ төннөн ылабыт уонна санаа күүһэ ыксаллаах кэмҥэ киһини хайдах тургутарын туһунан сэһэргэһэбит. Кэпсэтиибитин сэһэргэһээччим аатыттан тиэрдэбин.
Балаһыанньаны холкутук ылыныы
— Бастатан туран, мин “Саха сирэ” хаһыаты ыкса сибээстээҕим туһунан кэпсиим. Бу хаһыат миэхэ наһаа күндү. Ытыктыыр убайым, аҕам бииргэ төрөөбүт кыра быраата Василий Кириллин – “Саха сирэ” хаһыат эрэдээктэрэ этэ. Наһаа истиҥник санаһар этибит.
Кэпсиитибигэр киирдэххэ, ол күн биһиги сыалай хамаанда буолан, кэргэмминээн Алексей Павловичтыын өрөбүллэргэ аймахтарбытын кытта сынньанаары, икки хонукка суоттанан, отоннуу барсыбыппыт.
Дьоммут уруккуттан отоннуур сирдэрэ эбит. Бу Буотама диэки этэ. Киэһэ аһылыкпытын аһаан баран, балааккаларбытыгар киирэн утуйбуппут. Сарсыныгар кэргэним “ол диэки барабыт” диэн ыйбыт сиригэр, дьонум хаһан хомунуохтарыгар диэри, инники барааччы буоллум. Кэннибиттэн тута эккирэтиэхтэрэ диэн “сир ыла туруум” дии санаабытым. Кэннибин хайыспакка эрэ, уонча мүнүүтэ хааман баран, “хайа чугаһаатыгыт дуо?” диэт, кэннибин хайыспытым, арай дьонум суохтар. Хаһыытаан көрдүм, уу-чуумпу. Кэлин билбитим, халыҥ тыаҕа киһи хаһыыта олох иһиллибэт эбит. Иннибэр Буотама суола баар курдук өйдүүбүн. Онно таҕыстахпына, суолу буллум эрэ, муппаппын дии саныыбын. Арай күнүм киэһэрэн барда. Суолум кэлбэт да кэлбэт. Олох куруҥ дойду эбит. Түүн олох дөйбүт курдук буолан хааллым. Биир да тыынар тыыннаах, суох: чыычаах да ыллаабат, үөн-көйүүр да суох. Туох дьикти остуоруйа дойдутугар кэллим дии санаатым. “Муннум…” диэн толкуй киирээтин кытта, бэйэбэр кытаанах санааны ылыммытым: “Аймаммаппын, ытаабаппын-соҥообоппун. Хаамыахха, биир сиргэ турумуохха!”. Хара маҥнайгыттан итинник санаа киирбит буолан, олох долгуйбатаҕым, ыксаабатаҕым. Буола турар балаһыанньаны холкутук ылыммытым. Биэдэрэ аҥара сугуннаах этим. Күнү быһа онтубуттан сии сылдьыбытым.
Таммах уу баҕалаах!
Бастакы түүммэр наһаа тоҥмутум. Ол иһин ирээри, инним хоту хааман барбытым. От олох суох сирэ эбит. Кыраны буллахпына, көстүүммэр симэбин. Оччоҕо итийэргэ дылы буолар. Хата, үс чаастан сырдаан барбыта. Иккис күммэр эмиэ хааман тахсыбытым. Бытааннык хаамар буолан сылайбатаҕым. Эмиэ хараҥаран барыытын саҕана, лабаалары булан, олорор олбох оҥостубутум. Хаалбыт лабаанан саптыбытым уонна сылайбыт киһи быһыытынан, нухарыйан ылбытым.
Үһүс күммэр утатан бардым. Отонум бүттэ. Сытыы уһуктаах маһы булан, сииктээх курдук диэбит сирбин хаһан, уу көрдүү сатыыбын. Суох, кыраам да уу мэлигир. Салгына ырааһа. Чыычаах саҥатын суохтаан аҕай биэрдим. Бу тухары Таҥараттан көрдөһө сылдьабын – “уу көһүн даа…” диэн. Наһаа утаттым. Санаабар, Ылдьыын Таҥарата кэлэрин кэтэһэбин. Арай ардах түһэр курдук. Наһаа үөрдүм уонна биэдэрэбин тоһуйдум: “Топ, топ, топ…” – үс эрэ хааппыла уу түстэ. Онон бүттэ. Наһаа хомойдум. Халлаан сырдыырын саҕана, сыыйа ардах сибирээннээн түһэн барда. Таҥаспын илиттэ эрээри, уу иһэр гына айахпар уу көстүбэтэ. Онтон арай хатыҥ сэбирдэҕэр, сэппэрээккэ таммахтары көрө түстүм. Биэдэрэбин тута сылдьан ол таммахтары биэдэрэбэр тэбээтим. Син балаччаны хомуйдум. Оо, бачча сааспар испэтэх минньигэс уу дьэ ол эбит этэ! Сэбирдэх уута буолан, үүнээйи амтаннааҕа өссө минньитэр эбит. Утах курдук. Аны айылҕа уута эмтээх буоллаҕа дии. Утахпын хаммыта буоллум.
Төрдүс күммэр син сынньанан турдум. Тугум да ыалдьыбатах. Таҥаһым куурбут. Эмиэ хаамтым. Бу тухары санаабар “бөртөлүөт көтөн кэлээрэй” диэн халлааны одуулаһабын. Туох кэлиэй, халлааным мэлдьэспиттии, ырааһа дьикти. Саһархай биэдэрэлээхпин, кыһыл футболкалаахпын, онон ыраахтан көрүөхтэрин сөп диэн эрэх-турах сананабын. Кэлин истибитим ыттаах дьон көрдүү сылдьыбыттар үһү да, ыт сыппын ылбатах.
Быыһаныы дьоло
Бэһис күммэр киэһэ алта чаас саҕана хараҥара илигинэ диэн, эмиэ лабаа быстан, олорордуу олбох бэлэмнэнним. Бу тухары наар “Быыһааҥ…” диэн хаһыытаан ылабын. Баҕар, көрдүүр дьон истиэхтэрэ диэн. Онтон уочараттаах хаһыыбын хаһыытаан баран, нуктаан ыларга сананным. Ол олорон эр киһи хаһыытын иһиттим. Наһаа үөрдүм уонна “Бу баарбын!” диэн хаһыытаатым. Арай талах быыһыттан сиэн быраатым Андрей тахсан кэллэ. Онтон кини кэнниттэн Нөмүгүтээҕи сиэн быраатым Павел ойон таҕыста. Үөрбүппүөн! Куустуһа түстүбүт. Уолаттарым бэчиэнньэлээх утахтаахтар эбит. Ол үрдүгэр түспүппэр: “Кыралаан сиэ, элбэҕи тута ыйыстыма” диэтилэр. Мин наар уу иһээри баҕа бөҕө.
Уолаттарым көтөҕөн илдьээри гыммыттарыгар, сөбүлэммэтим – биэс күнү быһа хаампыт киһи, үөрүйэх буоллаҕым. Сотору кэминэн миигин көрдүүр сылдьар дьон баазаларыгар тиийдибит. Онно кыргыттарым, уолум көрсөн куустуһан ыллыбыт, ытамньыйдыбыт даҕаны. Оҕолорум миигин көрдүүр 60 киһини аһата сылдьыбыттар.
Оҕом үлэтиттэн биир УАЗ массыынаны көрбүттэр, кыыһым уонна күтүөтүм үлэлиир үөрэхтээһин управлениетыттан, чугастааҕы нэһилиэктэр баһылыктара баҕа өттүнэн көрдүүр дьону кэпсэппиттэр. Чурапчы Арыылааҕын баһылыга Николай Сыромятников кэргэнинээн дьонноругар сынньана кэлэ сылдьан, миигин анаан хаалан көрдөспүттэр. Онон олох билбэт дьонум миигин буларга көмөлөспүттэриттэн наһаа үөрдүм. Киһи күннээҕи олоҕор дьон итинник сыһыанын сыаналаабат эбит. Муна сылдьан бэрт арааһы санаабыт буолан, дьон үтүө санаатыттан мин туспар кыһаллыбыттарыттан наһаа үөрдүм.
Санаа күүһэ туохха да тэҥнэспэт!
Киһи олоҕор араас ыарахан түгэн тирээн кэлэр. Маныаха саамай кылаабынайа – санааны түһэримиэххэ, ыгылыйымыахха наада. Хаһан баҕарар сөптөөх толкуй, муударай быһаарыы холкутуйдаххына бэйэтэ тиийэн кэлэр. Мин өбүгэлэрбиттэн, хаан уруу аймахтарым истэриттэн холку дьон, быһаарыныыны толкуйдаан баран ылыналлара үһү. Оҕо сырыттахпына эһээм, аҕам үөрэтэллэр-такайаллар аҕай этэ. Ону кыра киһи баардыылаабат курдук этим да, ыксаллаах кэмҥэ ол барыта күөрэйэн кэлэр эбит. Кэргэним Алексей Павлович булчут да, балыксыт да. Кинилиин тыаҕа сырыттахха, айылҕа сокуонун кэпсии сылдьааччы. Ол барыта түмүллэн, муммут кэммэр өйөбүл буолта.
Дьиктитэ баар, саастаах киһи буолан, араас хроническай ыарыылаах этим. Биэс күнү быһа аччыктаан, ол ыарыыларым ааһан хаалбыт кудуктар. Онон аччыктыыр туһалаах дииллэрин итэҕэйдим. Арай организмым уута суох эрэйдэнэн, билигин да утаҕым хаммат. Өрүү уу иһиэхпин баҕарабын.
Итэҕэл күүһэ
Людмила Михайловнаны кытта кэпсэтэн баран, икки дьикти түгэни холобурдаары гынабын. Ылдьыын ардаҕа мин сэһэргэһээччим сынньана түспүт сиригэр эрэ арыылаан түһэн ааспыт. Уонна ханна да түспэтэх. Онон кинини туох эрэ биллибэт күүс араҥаччылыы сылдьыбыт диэххэ сөп. Аны Людмила Кириллина кыыһа Марина Аргунова кэпсииринэн, ийэтэ көстөр киэһэтигэр таһырдьа тахсан, биир тиит анныгар алаадьы ууран баран, ис сүрэҕиттэн Ийэ айылҕаттан ийэтэ көстөрүгэр көрдөспүт аҕай. Чааһынан аахтахха, оруобуна ол кэмҥэ Андрей эдьиийин булбут эбит…
Онон сири-уоту аһата, Ийэ айылҕаттан көрдөһө-ааттаһа сырыттахха, бары барыта быһаарыллар, туолар эбит. Ол да иһин ыксаллаах кэмҥэ кытаанах санаатын ыһыктыбатах, уолуйбатах буолан, Людмила Кириллина бүгүн биһиги аттыбытыгар күлэ-үөрэ сырыттаҕа.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска — Людмила Кириллина дьиэтээҕи архыыбыттан.