Санаа күүһэ (саҥа кэпсээн)

12.08.2024
Бөлөххө киир:
Хаартыска: PxHere

Күн уота чаҕылыччы тыган таас дьиэ муостатыгар түспүт. Дьиэ иһэ ип-итии, кыараҕас, биир хостоох дьиэ иһигэр киһи күнтэн сатаан саспат.

«Саатар карниз да иилбэтэхтэр, саас буолан итиитэ сүр» диэн саныы-саныы отуччатыгар саҥа үктэнэн эрэр Тина хаһыаттары самсыы тутан түннүгүн бүөлүү сырытта. Аттыгар кыра уола утуйан буккуруу сытар, утары кыра остуолга обургу уол уруок ааҕар, кини да күн уотуттан тиритэн сотору-сотору ийэм хаһан бүөлээн бүтэрэрий диэбиттии кылап-халап көрүтэлиир. Ити Тина карниз иилбэтэхтэр диэн мөҕүттэр дьоно, дьиэ хаһаайыттара. Дьиҥэр, ылан көрдөххө, сүрдээх аһыныгас дьон быһыылаахтар. Эдэрчи ыал ый ахсын хойутата сыһа-сыһа куортам харчытын төлүүллэрин кэтэһэллэр, хаһан да ыксаппаттар. Куортам харчытын төлөөтөхтөрүнэ туох эрэ улахан иэстэн төлөрүйбүттүү өрө тыынар киэһэлэрэ кинилэргэ бырааһынньык курдук буоларын оннооҕор оҕолор билэллэр. Аҕалара Дойдун автосервискэ үлэлиир. Иккиэн орто үөрэхтээх дьон. Тина кэтэхтэн үрдүккэ үөрэнэн иһэн, төлөбүрүн кыайбакка тохтообута. Оттон кэргэнэ төрүкү мэхээник идэлээх киһи, дьиҥэ, сатыыра элбэх эрээри, муҥкук майгытыгар ити биир билэр киһитигэр үлэлээбитэ бэһис сылыгар барда. Куоракка устудьуон саастарыттан олороллор. Уол бастаан аймахтарыгар кыбыллан олорбута, кэлин Тинаны көрсөн баран ыал буолаат куортамҥа көспүттэрэ. Аҕыс сыл устата биир бэйэ бас билэр муннуктара суоҕуттан истэригэр төһө да муҥатыйдаллар, маннык олороллор. Уолларын оскуолата чугас буолан ийэ киһи санаата бөҕөх. Кыралара сааһа иккитэ. Тина үлэлээбэт буолан оҕотун бэйэтэ көрөр. Аҕаларын хамнаһа нэһиилэ куортамнарыгар уонна олус боростуой аһылыктарыгар нэһиилэ тиийээхтиирэ. Тина барахсан бара сатаан дьоҥҥо сакааска бэргэһэ, үтүлүк баайар. Бэйэтигэр, оҕолоругар тугу эмит бааныан, киһилии сап атыылаһарыгар даҕаны харчыта тиийбэт этэ. Иккис уолларын оҕоломмуттарыгар ийэ хапытаалын сертификатын ылбыттара, дьиэлэрин саамай бүөм сиригэр хараллан сытар. Ити сертификат кинилэр инники үүнүөхтээх сырдык олохторун ыллыгын арыйыахтаах. Итинник санааны Тина  соҕотох хаалбыт чуумпу кэмигэр саныыр. Кини ити харчытыгар кыра хос да кыайан кэлбэтин төһө да биллэр, үтүөҕэ, сырдыкка эрэлэ өссө да өлбөөдүйэ илик. Кини төгүрүк тулаайах буолан эрэнэрэ эрэ кэргэнэ. Оттон Дойдун ийэлээх эрэ  этэ даҕаны, ийэтэ өлүөҕүттэн дойдутугар сылдьа илик. Онно тиийэргэ эмиэ туспа үп-харчы наада буоллаҕа. Аҕалара биир күн өрөөтө даҕаны, бу дьиэ кэргэн айахтарын аталларын билэр буолан, киэһэ хойукка диэри үлэлиир.

Уһуннук сыралаһан хаһыатынан күн көрөр өттүн барытын сабан, дьахтар өрө тыынна. Кыһынын бу түннүк туох да көстүбэт гына кырыа буолааччы. Ол кырыаны оҕолор кэлэн тыҥырахтарынан кыһыйа оонньооччулар. Ама, оҕо саастара маннык куортам дьиэ муннугар ааһыа дии санаатаҕына, ийэ киһи уйадыйан ылар. Бэйэтин муҥкук, уустук оҕо сааһын санаан хараастар. Кини оҕо сааһыттан ырааҕынан аймахтарыгар иитиллибит буолан, туора дьон хаҕыс сыһыанын бэркэ билэрэ.

— Ийээ, аҕабыт кэллэ быһыылаах, ким эрэ ааны тоҥсуйар, — диэн сэттэлээх Андрейка, чуор киһи ийэтин ыҥырда. Дьахтар иһигэр дьиибэргии саныы-саныы, аан диэки чугаһаата. Кэргэнэ хойут кэлэригэр үөрэммит киһи, арай күнүс эрдэ баҕайы эрэ үлэтиттэн кэлбитин итэҕэйбэккэ, чочумча турда. Кинилэргэ ким да сылдьыбат ыала. Хардарыта ыалдьыттаһар доҕоттордоох этилэр даҕаны, кэлин бары кыаҕыран дьиэлэнэн-уоттанан, массыыналанан кинилэр олортон хаалан хаалбыт курдук сананан, сыыйа тэйэн барбыттара. Ол доҕотторо сайын ахсын омук сиринэн сынньанар буолбуттара, оттон Тиналаах Дойдун нэһиилэ куортамнарын эрэ уйуналлара. Тастан туох да көмө кэлбэт икки тулаайах дьон нэһиилэ ыйдааҕы төлөбүрдэрин, астарыгар харчы булуннахтарына ол да үөрүү этэ. Итиннэ Тина бэйэтин эмиэ буруйданара, кыра да үлэҕэ иҥнэн үлэлээбэккэ кэргэнигэр иитиллэн боҕуу буоларыттан хомойоро. Бастаан Дойдуннуун билсэллэригэр Тина маҕаһыыҥҥа муоста сууйара. Кэргэнэ ити маҕаһыыҥҥа киирэ-тахса сылдьан кыыһы сэҥээрэ көрөрүн Тина сэрэйбитэ. Түргэн туттуулаах-хаптыылаах сырдык уолу кыыс эмиэ сөбүлүү көрбүтэ. Эдэрдэр ыал буолаат бастаан кыракый хоһу куортамнаабыттара. Сыл буолаат уоллара Андрейка күн сирин көрбүтэ. Андрейка кыратыгар кэргэнин ийэтэ оччолорго тыыннааҕа, дойдугутугар кэлэн олохсуйуҥ диэн ыҥыран көрбүтүн, киэҥ сиргэ талаһаннар, Дьокуускайга хаалбыттара. Түөрт сыл устата кыра хоско олорон эрэйдэммиттэрэ, Дойдун хамнаһа арыый үрдээтин кытта, биир хостоох дьиэни куортамнаан көспүттэрэ. Кинилэр кирэдьииккэ киирэн дьиэ атыылаһаары хаста эмит бааҥҥа кырыммыттара даҕаны, хамнастара эппиэттээбэт буолан бааннар өрүү аккаастыыллар этэ. Онтон кыра уоллара Айсен төрөөбүтэ. Онтон ыла олохторо уларыйа илик. Хайдах ыал буоларыгар кыһыл кууркалаах кэргэн тахсыбытай да, ол кууркатынан кыстыыр. Ардыгар маннык кыһалҕалаах олохтон санаата оонньуур, ол санаата оонньообут кэмигэр кини оччолорго кэргэнин ийэтэ дэриэбинэҕэ ыҥырбытыгар көһөн хаалбатахтарын кэмсинэ саныыр. Аан тоҥсуура күүһүрдэ. Тина ааны арыйбыта, арай кэргэнэ Дойдун турар. Арыгы испит дьаар сыта кэлэриттэн, хаһан даҕаны  кэргэнэ иһэн кэлбитин көрбөтөх дьахтар соһуйан, көрбүтүн итэҕэйбэккэ таалан турда.

— Хайа, доҕоччуок, Дойдун, бу туох буоллуҥ, – эрэ диэмэхтээтэ.

— Санаам оонньоон истим, Тина, үлэбиттэн уурайдым, аны мантан антах хайдах буолабыт, — диэн баран нэһиилэ өйөнөн туран атаҕын таҥаһын, сонун уһулла. Илиитин да сууммакка саалаҕа ааста. Истибэтэҕин истэн Тина тааһырбыттыы биир сиргэ хараҕаланан турда. Онтон хайыай, кэргэнин кытта кэпсэтэ сатаабакка кыракый куукунатыгар хаамта.

Киэһээҥҥи аһылыкка диэн уурбут кууруссатын биир буутун хобордооххо кыра гына кырбастаан буһара уурда. Иһигэр үөскээбит кураанахсыйыы кини сүрэҕин төһө да тууйдар, кырачаан Айсиэнчигэ ас сытын ылан сүүрэн кэлэн ийэтин кууспутугар барыта ааһарга дылы буолла. Аҕалара киирэн ороҥҥо сытта быһыылаах. Оннооҕор уолугар Андрейкатыгар кыһаммата. Кини уолунуун олус иллээх буолааччылар. Аҕата уларыйан кэлбитин көрөн кини да чугаһаабата быһыылаах.

Салгыы хайдах буолабыт эрэ диэн санаа дьахтар өйүттэн сүппэтэ. Өрүү иэстээх сылдьыы, дьон сирэйин-хараҕын манааһын, баҕарбыт аһы-таҥаһы атыылаһар кыаҕа суох эрээри тоҕо эмиэ да дьиэ кэргэн тэриммиттэрэ буоллаа… Тина оргууй остуолга олорон ытаата. Хараҕын уута иэдэстэринэн тохтоло суох сүүрдэ. Аны куортамнарын туохтарынан төлүүллэр, бу  кыс ортото кини кэргэнин ким үлэҕэ ыла охсор үһүнүй? Итинник санааларга аралдьыйа олорон чэйин куоттарда. Оргуйбут чаанньык хаппаҕа өрө талыгыраан бириэмэни ыгар-ыксатар курдук буолла. Ити күн Тина киэһээҥҥи аһылыгы оҕолорун эрэ кытта аһаата. Аҕалара хайдах кэлбитин курдук уһуктубакка утуйда.

Сарсыарда уолун Андрейканы атаараары дьахтар бэрийэ сырыттаҕына, куруук эрдэ турар кэргэнэ дьэ, уһугунна. Улахан саҥата-иҥэтэ суох чааскыга уу куттан иһэн киллиргэттэ. Ити бириэмэҕэ оруобуна кэргэнин төлөпүөнүгэр дьиэ хаһаайыттара эрийдилэр. Кинилэр бу иккис ыйдарын төлөбүрү күүтэллэр. Дойдун тугу эрэ кэпсэтэр быһыылаах. Туман курдук санааларын быыһыгар муммут дьахтар түннүгүнэн оҕото оскуолаҕа барарын көрөн турда. Олох, уустуккун даҕаны, эн уустуккуттан эбэтэр биһиги мөлтөхпүтүттэн, эн очургун сатаан уйбаппытыттан, биэрэр бэлэхтэргин сатаан туһаммаппытыттан ама манныкка тиийдибиэт…. Тина эмиэ хараҕын уута сүүрбүтүн билбэккэ хаалла. Кини оҕо сааһыттан сылаас бас билэр дьиэ эркинэ диэни билбэт. Куруук аймахтарыгар үтүрүм-хатырым сылдьыбыт буолан, туспа дьиэлэниэн-уоттаныан, дьиэ кэргэннэниэн наһаа баҕарара… ол да иһин Дойдуну наһаа чугастык ылыммыта. Биирдэ да ар-бур дэспэккэ иллээхтик олорбуттара. Кини Дойдуҥҥа бүк эрэнэрэ, тугу эрэ толкуйдуо дии саныыра. Ама, Дойдун, кинилэр аҕалара, эрэллэрин кэстэҕэ дуу, аны мантан салгыы арыгы дьаатыгар сутуллуо дуо, оннук эрэ буолбатын…

-Тина, туох эмит ас баар дуо, дэлби аччыктаатым, — кэргэнэ кэлэн остуолга олордо. Кини кэнниттэн кыра уол турда. Эмиэ ас көрдөөн ийэтин атаҕар эриллэ сырытта. Дьахтар бэҕэһээҥҥи соркуой тобоҕун сылытан, килиэп быһан остуолун тарта. Кэргэнэ саҥата суох аһыы олордоҕуна, дьахтар бэҕэһээ киэһэттэн быһа санаа аалыыта буолбут ыйытыытын дьэ, ыйытта.

— Дойдун, дьиэ куортамын тугунан төлүүбүт, тоҕо үлэҕиттэн уурайдыҥ?

Онуоха эр киһи тугу да хардарбата, аһыы охсоот, сүр ыксалынан ойон тураат таҥнан, сонун кэтэн хачыгырайбытынан барда.

-Дойдун, туох буоллуҥ, ханна бардыҥ?, — дьахтар өйдөөбөккө уйадыйбыт куолаһынан кэргэнин ыҥыран көрдө да, эр киһи онно кыһаммакка тахсан барда. Куортам, уларсык дьиэ… бүгүн сарсын төлөөбөтөхтөрүнэ сир-халлаан икки ардыгар хаалар кутталламмыт эдэр ыал дьиэлэригэр ыар санаа баттыга бүрүүкээбитинии, барыта кэри-куру курдук буолла. Тина кыратын аһатан баран саалаҕа киирэн төлөпүөнүн көрдө. Кэргэнигэр эрийэн көрдө да, төлөпүөнэ арахса сылдьар. Барар сирэ баҕана үүтэ, кэлэр сирэ кэлии үүтэ буолбут Тина эрэйдээх көмүскэнэрэ эрэ көмүскэ уута буоллаҕа, оронугар сытан уйа-хайа суох ытаата. «Маннык хаһан эрэ буолуохтааҕа, бу мин сатаан үлэлээбэккэ оҕолорбун дьиэтэ-уота суох олоххо тэбэн эрдэҕим” диэн эмиэ бэйэтин буруйданна. Кини кыра сааһыгар ийэтэ өлбүтүн кэннэ, аҕата хаалларан барбыт. Биэс сааһыгар диэри эбэтэ оҕолообут, онтон эмээхсин өлбүтүн кэннэ тастыҥ аймахтарыгар кыбыллан оҕо сааһа ааспыта. Ол сыллары санаатаҕына, бу сибилиҥҥи олоҕо үчүгэй да курдук. Таптыыр дьоно аттыларыгар, арай бэйэ бас билэр дьиэтэ-уота суох, куруук көһөн күккүрүүр сүпсүлгэнин кини кэлин аҕыйах сылтан бэттэх ыарырҕатар буолла. Барыта быстах олох курдук. Быстах олорор куукунатыгар аһын астыыр, туора дьон оронугар утуйар… Албын олох диэҕи аттыгар оҕолоро, кэргэнэ бааллар. Ол эрээри аны кэргэнэ ити үлэтиттэн уурайда, арыгы истэ. Салгыы итинник санаата оонньообута аатыра сылдьан иһээччи да буолан хаалыах курдук. Бу санаатыттан өссө эбии ыгылыйда.

-Ийээ, ити аҕам ханна бардай, оттон Андрейка хаска кэлиэй, — Айсенчик кэлэн ийэтин таһыгар кэлэн төгүрүк харахтарынан утары көрөн турда. Кини ийэтэ ытаабытын көрбөтөх буолан, олус дьиктиргээтэ. Онуоха дьахтар сирэйин-хараҕын соттон баран оҕотун көтөҕөн ылла. Кини уолчаанын түөһүгэр сыһыаран олорон кууспахтаата, сыллаата.

Дойдун таһырдьа тахсан тымныы салгыны эҕирийэн төбөтө ыалдьыбыта арыый ааһа быһыытыйда. Атаҕа кинини үлэлиир сиригэр тиэртэ. Автосервискэ кинини суохтаабыт көрүҥ суох, арай үлэ күөстүү оргуйар. Хаһаайын уолун кытта доҕордоһор икки эдэр уол үлэлээн тигинэтэллэр. Дойдуну көрөн сапсыйан ыраахтан дорооболостулар. Дойдун дьиҥэ бу тэрилтэҕэ бэркэ үлэлээбитэ. Ол эрээри тоҕо уураппыттарын өйдөөбөт. Уһуннук үлэлээбит киһини хаалларыахтарын да сөп этэ.

-Хайа, Дойдун, тугу дьарыктанар былааннааххын, — диэн Вася уол табаҕын уматта туран ыйытта. Ити ыйытыыга чопчу эппиэти оннооҕо бэйэтигэр сатаан эппиэттиир кыаҕа суох Дойдун тугу саҥарыай, арай «Ээ, билбэтим» эрэ диэтэ. Оҥоттоороору уочараттыы кэлбит балачча улахан саҥатык массыынаны одуулуу турдулар. Сиэрэй улахан саҥатык массыынаттан арай Дойдун биир дойдулааҕа Анатолий тахсан кэллэ. Кини Дойдуну көрөөт тута биллэ, манна үлэлиир дии санаата быһыылаах, мичээрдээбитинэн илии тутуһан дорооболостулар.

-Дойдун уолу көрбөтөх ыраатта, бу атыыбын тиэнэн айаннаары гыммытым, аны массыынам туга эрэ тыаһаан киһини куттаата, туорумаһа үчүгэй ини, ити аллараанан кыычыгырыыр, — дии-дии кэпсэтэн-ипсэтэн барда.

-Анатолий Васильевич, туох солун кэлиэй, олоробут, — диэн иһигэр үлэтиттэн уурайбытыттан кыбыстыбыттыы, атын тугу да ыйыппатар ханнык диэн саныы турдаҕына, Анатолий Васильевич:

-Ээ, манна үлэлиигин дуо, хас оҕолоннуҥ?, — диэн төрүт да ыксаабакка кэпсэтэр былааннаах массыынатын уочаракка туруоран баран, мас ыскамыайкаҕа «лах” гына олорунан кэбистэ. Тэҥнэһиэ дуо, аҕам саастаах биир дойдулааҕын көрсөн үлэтэ суох сылдьарын, куортамҥа олорорун кэпсээтэ. Ити кэпсээбититтэн хайдах эрэ чэпчээбиккэ дылы буолла. Анатолий Васильевич кини ийэтин эмиэ бэркэ билэр этэ. Онон бу судургу майгылаах аҕам саастаах киһини оҕо эрдэҕиттэн ытыгылыы саныыра.

-Оо, ыарахан балаһыанньа эбит. Кэргэниҥ эмиэ үлэтэ суох эбит дии. Дьэ, куоракка бэйэ дьиэтэ-уота, эбиитин үлэтэ суох иэдээн дии. Оттон эн тоҕо дойдугар көһөн тахсыбаккын. Биһиэхэ сайдыы бөҕө киирэн эрэр, сотору кэминэн киин ититиигэ холбонуохтаахпыт. Эдэрдэр сүөһү-сылгы бөҕө ииттэн бааһынай хаһаайыстыба тэринэллэр. Бу мин Иркалааҕым ханнык эрэ бырагыраамма нөҥүө үс сылга ынах босхо ылан ииттэн тиҥэһэни төннөрүөхтээхтэр, саҥа сүөһү-ас ииттэр дьоҥҥо дьэ, өйөбүл элбэх. Эн ийэҥ дьиэтэ таах турар дии. Саатар сайын тахсан дьоҥҥун сайылаппаккын. Киин ититии киирдэҕинэ, ийэҥ да дьиэтэ хапсар буоллаҕа дии. Атыылаһыан да баҕарар дьон баар быһыылаах, эдэрдэр дьэ, олохсуйан эрэллэр, — диэн нэһилиэк олоҕун Дойдуҥҥа сырдата, кэпсии олордо.

-Ийэм дьиэтэ… Чахчы, онно үктэммэтэҕим бэһис сылыгар барда быһыылаах. Саатар кустуу, сайынын аймахтарбар окко да тахсар кыайтарбат, куортаммын төлөөрү түүннэри-күнүстэри үлэлиирим, бу бэҕэһээ кэлэн ууратан кэбистилэр…

-Санааҕын түһэримэ доҕор, мэхээник этиҥ дуо? Дойдун, дойдулаах киһи буоллаҕыҥ, хаһан да, ханна да сырыттаххына, эн дойдулааххын умнума доҕор. Нэһилиэкпитигэр саҥа хочуолунайга туох эрэ үлэһит тиийбэт дииллэр, ону убайгыттан Трофим Сергеевичтэн ыйыт. Ийэҥ быраата этэ дии. Кини ОДьКХ тойоно буолбута, — диэн эр киһиэхэ аҕалыы амарах сүбэлэри биэрдэ. Дойдун бу биир дойдулааҕын көрсөн көхсө кэҥээбиккэ дылы буолла. Санаатыгар дойдутун салгына илгийэн ылбыттыы, хайдах эрэ ис иһиттэн санаата көтөҕүллэн кэллэ. Быраһаайдаһан баран ханна да ыксаабакка санааларын сааһылыы олунньу өссө да томороон салгынын эҕирийэ аа-дьуо дьиэтин диэки хаамта. Бу хааман иһэн кини дойдутун, ийэтин уонна оҕо сааһын санаата. Ийэтэ Прасковья Валерьевна сааһын тухары пуочтаҕа үлэлээбитэ. Кини аҕатын өйдөөбөт. Онон аҕа таптала, көмүскэлэ диэни билбэккэ улааппыта. Ол да буоллар ийэтэ барахсан оҕотун туһугар олус да кыһаллар этэ. Уола кэргэн ылбытыгар тыа сиригэр ыҥыра сатаабыта, барахсан, сааһыран олорон сиэннэрин көрүөн-истиэн баҕараахтаабыт эбит. Ону кинилэр киэҥ сиргэ таласпыта буолан, киһилии үлэтэ суох сылдьан куортамтан-куортамҥа олорон бу эрэйи көрөн эрэллэр. Дойдун ити биир дойдулааҕа эппит тылларын инникигэ эрэл кыымын саҕар санаа курдук ылыммыта. Дьиэтигэр тиийэн кэргэнин кытта сүбэлэһиэн наадатын өйдөөбүтэ. Ол быыһыгар кыратык кэтэмэҕэйдээн, ийэтин тастыҥ быраатыгар Трофимҥа субуоннууруттан иһигэр толло саныыра «Таах аны Анатолийтан Трофим нүөмэрин көрдөөтүм дуу», — диэн иһигэр кэмсинэ саныы-саныы, ууга түһэн эрэр киһи оттон тардыһарын кэриэтэ, суотабайын ылан эрийэн көрөргө быһаарыммыта…

Күн куорат таас дьиэлэрин кэтэҕэр түһүүтэ, Дойдун дьиэтигэр кэлбитэ. Уола Андрейка номнуо оскуолаттан кэлэн уруок ааҕа олорооохтуур. Оттон кэргэнэ сэрэхэдийбит эмиэ да ыйыппыт курдук көрөн утары көрсүбүтэ.

-Хайа, Дойдун, бу хантан кэллиҥ… Кэргэнин куолаһа титирэстээн ыларга дылы. Барахсан, хомойон ытаабыт быһыылаах. Иһигэр кэргэнин Тинаны аһына санаата. Таҥаһын-сабын устан илии суунар кэмигэр дьахтар остуолун тардан бэлэмнээтэ. Эр киһи остуолга кэлэн олордо. Аҕаларын көрөн оҕолор сэргэхсийэ быһыытыйдылар, бары остуол тула олорон аһаабытынан бардылар. Дойдун чэйин сыпсырыйбахтаан баран кэргэнин диэки утары көрдө. Онуоха Тина эмиэ ыйыппыттыы, муммут тугут оҕотун курдук кэргэнин көрөн олордо.

-Тэрилтэбит барыһа суоҕунан үгүс үлэһиттэри сарбыйдылар. Үлэлээбит хамнаспын ый бүтүүтэ биэриэх буоллулар, — диэн бүрүүкээбит чуумпуну үргүттэ.

-Оччоҕо салгыы хайдах буолабыт, — дьахтар иһиллэр-иһиллибэттик саҥарда.

-Тина, биһиги толкуйданар кэммит кэллэ, салгыы маннык олордоххо, оҕолор улаатыылара хайдах буоларбыт биллибэт… диэтэ. Ити тыллартан Тина тыына хаайтаран ыларга дылы буолла. Ама дуу, Дойдун арахсаары гыннаҕа дуу, биһигини сир-халлаан икки ардыгар хаалларан ханна бараары гыннаҕай… Дьахтар уйадыйбыт харахтарынан эрин диэки көрдө.

-Тина, арай ийэм дойдутугар көһөн таҕыстахпытына хайдах буолуой? Ийэм дьиэтэ сэнэх, уһаайбата киэҥ. Оҕуруот олордуохпут, сүөһү ииттиэхпит. Манна куортам төлүү-төлүү дьон хармаанын хаҥата олоруохпут дуо? Эн туох дии саныыгын?

Дьахтар санаабытыттан букатын атыны, кэскиллээҕи кэргэнэ саҥаран барбытыгар, Тина эрэйдээх үөрэн хайдах буолуон билбэккэ, сирэйэ сырдыы түстэ. Онуоха кэргэнэ:

-Бүгүн биир дойдулаахпын көрүстүм, тастыҥ убайбын кытта нүөмэрин ылан төлөпүөнүнэн кэпсэттим, убайым кэлэ сырыт диэн ыҥырда…диэн сонунун саас-сааһынан кэпсии олордо. Дьахтар кэргэнин туһунан саарбахтыыр санаалар киирбиттэрин киэр кыйдаата, ис иһиттэн наһаа үөрдэ, хайдах эрэ сүрэҕэ, дууһата чэпчииргэ дылы буолла уонна :

-Көһүөххэ, доҕоччуок, көһүөххэ, антах тиийэн туох эмит үлэ көстүөҕэ, — диэн тыынын-быарын хаайар кыараҕас дьиэттэн куота охсубут киһи диэбиттии Тина барытыгар сөбүлэһэ олордо. Ол күн кинилэр олохторугар хараҥа бүрүүкээбит ыар кэмҥэ хантан эрэ сырдык уот кыыма тыкпытын курдук эрэл санаа үөскээбитэ. Ый бүтүүтэ кэргэнэ хамнаһын ылла да дойдутугар билсэ-көрсө барарга быһаарыммыта.

Дойдун хамнаһын ылаат дойдутугар тахсан олохтоох хочуолунайга үлэҕэ киирэр буолбута. Ийэтин дьиэтин оһоҕун абырахтаан, хаһан киин ититии киириэр диэри оттук маһын, иһэр мууһун убайын көмөтүнэн дьаһайан, куоракка кэлбитэ. Тина хобул малын-салын кыралаан хомуйа сылдьан оҕолоро олбуордаах дьиэҕэ, дэриэбинэ чэбдик салгыныгар сылдьыахтарын санаан иһигэр наһаа үөрэрэ. Арай, баҕар, от атах тэптэҕинэ, киниэхэ эмиэ үлэ көстөөрөй, оччотугар төһөлөөх табыллар этилэрэй?

Сотору кэминэн эдэр ыал аҕаларын дойдутугар, дэриэбинэҕэ көһөн кэлбиттэрэ. Тыа сирин чэбдик салгына куорат курас салгыныгар тэҥнэһиэ дуо? Оҕолорун оскуолаҕа, уһуйааҥҥа олохтоон баран, ийэлэрэ иһит сууйааччынан оскуола остолобуойугар үлэҕэ киирбитэ. Бу күнтэн кинилэр олохторугар саҥа кэрдиис кэм саҕаламмыта. Үөрэнэн бүтэн кэлээт, Андрейка үөрэ-көтө аҕата оҥорон биэрбит дьоҕус күрдьэҕинэн олбуорун иһин күрдьэр.  Тина эбиэттэн киэһэ үлэтиттэн кэлэн дьэ, бас билэр дьиэлэммит киһи быһыытынан, олбуорун иһигэр хаамыталыыр. Бу сылдьан кини аны кэлэр сайын ханан теплица оҥотторорун, хортуоппуй сирэ тиэрдэрэрин санаан сүрэҕэ үөрэр. Аҕалара киин ититиигэ холбонуохтаах хочуолунайга үлэҕэ киирбитэ, онон  бүгүн кини дьуһуурустубата. Табылыннаҕына, тыа хаһаайыстыбатын бырагырааматын нөҥүө сүөһү ылан ииттиэх курдуктар. Кэргэнэ сайынын илиинэн да оттуурга бэлэм. Оччотугар кинилэр туспа хаһаайыстыбалаах ыал буолаллар. Бэйэ бас билэр дьиэлэммит дьон, эрэх-турах сананан, киэһээҥҥи күөстэрин астаары, киирэллэригэр тыа сирин үлэтигэр номнуо үөрэнэн эрэр Андрейка, биир көтөх маһы көтөҕөн дьиэҕэ киирбиттэрэ. Ол аайы кинилэр аны хаһыатынан бүөлээн күн сылааһыттан куоппаттар. Тигинэччи оттуллубут оһох суоһугар бигэнэн, ыраахха көстөр тыа саҕатын одуулаан, Тина уоскуйан турбута.

Ульяна ЗАХАРОВА. Олунньу 24 күнэ. 2021 сыл

+1
16
+1
0
+1
1
+1
1
+1
0
+1
0
+1
1