Санаам сырдык ырата (Сэһэнтэн быһа тардыы)

10.03.2018
Бөлөххө киир:

Эдэрдэр үс-түөрт ый билсээт, Тамара үөрэҕин бүтэрэр сайыныгар саахсаланан, кыыс төрөөбүт улууһугар кэлэн үлэлээн эрэллэр. Анатолий үлэтиттэн нэһиилэ көҥүллэтэн, Үөһээ Бүлүү аэропордугар диспетчеринэн ананна.

edersaas.ru

Үөрэҕи саҥа бүтэрбит эдэр дьон билиҥҥитэ бас билэллэрэ суоҕун кэриэтэ. Ыал дьиэтин уларсан олороллор. Ол гынан баран, кинилэр дьоллоохтор. Сарсыарда аайы кэргэниҥ кулгааххар этэр таптал нарын сипсиэрин, мэлдьи бииргэ буолар андаҕар тылларын истэр курдук дьол ама, орто дойдуга баара буолуо дуо?

Тамара учуутал миэстэтэ суох буолан, пионер баһаатайынан үлэлээ диэбиттэрин үөрэ-көтө сөбүлэстэ.

Владимир Ильич Ленин аатынан Бүтүн Сойуустааҕы пионер тэрилтэтин үлэтигэр саҥа үлэ хайысхата саҕаланан сэргэхсийии тахсыбыт кэмэ. Өргүөт оскуолатын пионердарын дружината онтон хаалсыбат, Саха сиригэр олорор биир саастыылаахтарын кытары тэҥҥэ үлэлиир-хамсыыр. «Бэлэм буол» пионерскай маршка бэлэмнэнии, этэрээттэринэн речевка ааҕыыта, этэрээт бэрэссэдээтэллэрэ араапардааһыҥҥа, горнҥа, барабааҥҥа оонньуурга эрчиллэллэрэ уо.д.а. үлэ эдэр пионер баһаатай салалтатынан барар.

Анатолий кэргэнэ пионердарын кытары араас бэстибээлгэ, кэнсиэргэ хонуктаан баран хааллаҕына, тэһийбэт, үлэтэ да тахсыбат.

Тамарата Мирнэйгэ командировкаҕа барбыта хаһыс да хонугар барда. Мэлдьи буоларын курдук, үлэтигэр төбөтүн оро­йунан түстэ быһыылаах. Саатар переговорнайга да ыҥыран кэпсэппэт. Тамаркатын санаабатах, ахтыбатах күнэ суох. Кэргэнэ кини олоҕор саамай күндү, уостубат таптал ымыыта буолбутун өссө төгүл өйдөөтө.

Бүгүн эмискэ хаар түһэн, сир-дойду ньуура көмнөх суорҕанын бүрүннэ. Ыраас хаарга сүүрэн тахсан Тамаратыгар анаан, истиҥ иэйии оһуорун түһэриэн баҕарда да, оһоҕун испиэскэлиэхтээҕин өйдөөн кэллэ. Үлэтин бүтэрэн: «Дьэ эрэ, тэлгэһэбит маҥхайда, оһохпут эмиэ маҥхайда», – диэн ботугураан ылбытыттан бэйэтэ да сонньуйда.

Киэһэлик ороннорун таһыгар турар улахан туумбаттан иккиэн санааларын суруйан хаалларар уопсай тэтэрээттэрин ылан бооччойбутунан барда:

«Вот выпал первый долгожданный снег. Как я радовался, когда увидел этот снег. Мы встретили этот пушистый первый снег вместе. Думаю, что ты тоже радовалась вместе со мной.

Вот я сейчас побелил печку и думаю, что откроешь дверь и скажешь: «Вот мы раньше закончили и приехали».

Жду, Тамарка, любимая моя. Скорее приезжай.

Первый пушистый снег и моя Тамарка!

Твой Толик».

Бу тэтэрээттэрин иккиэн олус таптыыллар, олохторун сиэркилэтин курдук санаан, харахтарын харатын курдук харыстыыллар. Ким урут кэлбит аан бастаан таптал илдьитин ааҕа охсоору, хоско сүүрэн киирэр.

Тамарката биир киэһэ үҥкүүлүү сылдьан кинини олус таптыырын туһунан этэн баран, хап-хара, уп-­улахан харахтарынан имэрийэ көрбүтүн санаан ылла уонна:

«Олус да ыраас, үтүө санаалаах, тапталга эрэ ананан төрөөбүт киһигин. Эн миэхэ мэлдьи соҕотох тапталым буолуоҥ. Дьон бары улахан тапталы уонна дьолу баҕарар. Таптал олус нарын иэйии, үлтүрүйэн да хаалыан сөп. Онон Тамаркам биһикки тапталбытын үйэбитин тухары харыстыахтаахпыт», – диэн эбии суруйда.

Чуҥкуйар чуумпуну сөбүлүүр киһи баара дуу, суоҕа дуу? Кэтэстэххэ, күн-дьыл бытаан да эбит. Ол аайы тапталлааҕын ахтара күүһүрэн, аҥаара эрэ хаалла. Мэктиэтигэр чэйин бэйэтин уонна Тамарка үрүҥ көмүс солотуулаах ыстакааныттан иһэр буола сылдьар…

Ардыгар кэргэнэ бастакы ­миэстэҕэ кинини буолбакка, үлэтин туруорар диэн хомойо да санаатар, тапталлааҕын сэмэй ситиһиилэриттэн иһигэр үөрэр. Соторутааҕыта пионер этэрээттэрин кытары шефтэһэн, Грузияҕа баран кэлбиттэрэ. Грузинкалар курдук Тамара диэн ааттаах саха кыыһын олохтоохтор ханна олордуохтарын бил­бэккэ, ытыс үөһэ түһэрбиттэрин туһунан тапталлааҕа хараҕа уоттанан олорон кэпсээбитин астына истибитэ. «Мин киһим ханна да тиийдэр булан сылдьыах, сөбүлэтиэх сытыы киһи. Этэҥҥэ эрэ сырыт!» – диэн куруук иһигэр алгыс тылларын этэр, арчылыыр.

* * *

«Мин тапталым Тамаарка,

Мин күндү кэргэним.

Үс буолбуппутуттан улаханнык үөрэбин.

Биһиги дьолбут өссө инники. Биһиги үспүт».

Маннык ис сүрэхтэн тахсар махтал тыллар саҥа ыал «Семейный альбом для сына» диэн суруктаах, кугас өҥнөөх уопсай тэтэрээттэрин кытары оҕо төрөтөр балыыһаҕа көтөн тиийдилэр.

Федотовтар бастакы оҕолоро күн сирин көрбүт үөрүүтүгэр уопсай тэтэрээт бастакы лииһэ арылынна. Эдэр ийэ оҕо күүтэр кэмигэр чэпчэкитик сылдьыбыта таайан, кылбардык оҕолонно. Кыра киһиэхэ саҥа олох саҕаланна. Бу күнтэн ыла Тамара кыыс оҕо орто дойдуга кэлбит аналынан ийэ буолар дьолу биллэ, оҕотун кырачаан ситиһиилэрин тэтэрээтигэр сурунан иһэр. Оччоҕо кэргэнин уонна кырачаан киһитин кытары кэпсэтэр курдук сананар.

Эдэр ийэ үүтэ киирэн биэрбэккэ, аҕыйах хонуктааҕыта оҕоломмут Катя Николаева үүтүн оҕотугар иһэрдэр. Суукка аҥаарынан эрдэлээн төрөөбүт Варвара Сергеева эмиэ уолламмытын истэн, ийэлэр уолаттарбыт улаатан, аармыйаҕа баралларыгар көрсүөх­тэрэ диэн үөрэллэр. Балыыһаҕа бу күннэргэ үс уол, биир кыыс төрөөннөр, ааттана да илик кыыстарын кийиит гынаары күлэ-үөрэ былдьаһаллар, инники олохторун оҥорон көрөллөр.

Уолчаана эмэн чуубурҕата-чуубурҕата аҥаар хараҕынан ийэтин кыҥастаһар. Тоттум, сөп буоллум дии санаатаҕына, утуйан киирэн барар уонна түүл түһүү сытар киһилии кырачаан уостарынан мичиҥниир.

Тамара кини оҕотун төрөппүт быраас Ася Петровна Долгаеваҕа, сиэстэрэ Рая Сунтароваҕа уонна оҕо көрөөччү Лиляҕа хайдах махтаныан билбэт. Орто дойдуга саҥа олоҕу бэлэхтиир амарах санаалаах үлэһиттэр: «Уолгут дьулайа кыра, онон ытанньаҕа уонна иринньэҕэ суох буолсу. Ийэтин курдук нус-хас майгылаах буолсу», – диэн үөрдэллэр. Уолчаана ардыгар уоһун киһи күлүөх кыбыс-кытаанахтык ньимиччи туттар. Киһи эрэ таптыах киһитэ. Аҕыйах хонук иһигэр эмиийин болточчу уоба сытан утуйарга үөрэннэ.

Аҕалара Анатолий Петрович сотору-сотору кэлэн, итии аһылык аҕалар. Бииргэ сытар дьахталлара дьиктиргиэхтэрин иһин, хантан эрэ гвоздика сибэкки булан аҕалар. «Биһиги эмиэ оҕолоннубут да, кэргэттэрбит тоҕо эрэ сибэккилэрэ суох ээ. Сорохторбут баҕас «сууйа-сото» сырыттахтара. Эн кэргэниҥ арамаантык киһи эбит», – дэһэллэр.

Онтон аҕалара саҥа киһичээни илиитигэр ыла охсоору дьонун тиэтэ­тэр, хаһан тахсалларын ыйыталаһан тахсар. Уолчааннарын эһэтин аатынан Бүөтүр, Петя, Петенька диэн ааттыыр буоллулар.

«Бүгүн от ыйын 13 күнэ 1978 сыл.

Ыал буолбуппут 11-с ыйа. Почти биир сыл уже буолбут. Наһаа да түргэн.

Сарсын оҕолору көрдөхтөрүнэ, тахсабыт. Папабыт өрөбүлэ. Тамара эдьиийбит бэҕэһээ суорҕан аҕалбыта.

Билиҥҥи аһылыкка уолум дэлби саахтаан кэбистэ. Онтун тыаһын иһиллиир. Улааттаҕына олох папата папатынан буолсу. Хараҕа хара.

Хаһан сарсын буола охсорун кэтэһии. Папабытын дэлби аҕынныбыт», – диэн эдэр ийэ күннүгэр суруйан баран, сарсын дьиэтигэр тахсар эрэллээх утуйан хаалла.

* * *

Тамара Ивановна суруйтаран ылбыт сурунаалларын эрэсиэбинэн өрөбүл күннэригэр ас эгэлгэтин астаан, кэргэнин, оҕолорун үөрдэр.

Оҕо саадыгар сылдьар иккис оҕолоро Юленька ыалдьан балыыһаҕа киирэн хаалла. Ийэтэ оҕом түргэнник үтүөрдүн ­диэн балыыһаҕа күн аайы битэмииннээх астары булан илдьэ сатыыр. Арай биирдэ кыыһыгар тиийбитигэр балаатаҕа сытар дьахталлар күлсүү бөҕө буоллулар.

Тамара Ивановна, дьиэҕитигэр компуот үүннэрэр үһүгүт дии. Тугу да гынара ­суох туос иллэҥ дьоҥҥо хата кистэлэҥҥин кэпсээ эрэ, – дии тоһуйдулар.

Арай кыысчаанын ороно кураанах. Соһуйан эргим-ургум көрбүтэ кыыһа компуотун эриэхэлэрин үүт иһэр ыстакааныгар симэн-симэн кэбиспит уонна онтун дьахталларга түҥэтэ сылдьар эбит.

— Эппитим дии, ийэм дьиэтигэр компуот үүннэрэр, ол иһин, миэхэ күн аайы компуот аҕалар диэн, – Юленька ийэтин көрөн, лыҥкынас куолаһынан саҥарда.

— Дьэ, онон балыыһаттан тахсан баран, эһиги курдук эмиэ компуот үүннэрээри сылдьабыт. Арааһа, бу сиэмэлэри буорга батары астыбыт да, биһиги да компуоттанарбыт буолуо, – дэһэ-дэһэ бэ­йэ-бэйэлэрин хаадьыластылар.

Тамара Ивановна кыыһын толкуйуттан күлэн уҥа сыста. Кини маҕаһыынтан атыыласпыт араас фруктатыттан компуот оҥорорун кыра киһи хантан билээхтиэй?

Надежда ЕГОРОВА-НАМЫЛЫ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0