Бу Орто дойдуга дьоллоох буолаары кэлэбит. Онтон дьол диэн тугуй? Холобур, саха өһүн хоһоонноругар: “Эр киһи дьоло алаһа дьиэни тэриниитигэр”, “Дьахтар алаһа дьиэтинэн дьоллоох” диэн этиллибит. Судургу уонна муҥура суох дириҥ этиилэр эбээт. Кырдьык, бары даҕаны алаһа дьиэни тэринэн, оҕо — уруу төрөтөн, үүнэн — сайдан тахсыахпытын баҕарабыт. Ыал буолуу диэн айылҕа уһулуччулаах, кэрэттэн кэрэ анала буоллаҕа.
Бүгүн биһиги элбэх оҕолоох Дьячковскайдар дьиэ кэргэн амарах ийэлэрин, куйаар ситимигэр биир бастакынан дьиэ тутуутун тиэмэтигэр блог арыйбыт Мария Дьячковскаяны кытта кэпсэттибит.
-Кэргэммин Егору кытта 2009 сыллаахха холбоспуппут, түөрт оҕолоохпут. Аҕабыт Дьокуускай куораттааҕы национальнай гимназияҕа омук тылын учууталынан үлэлиир. Улахан уолбут Коля 7 кылаас үөрэнээччитэ, кыргыттарбыт Эля — төрдүс, Лена үһүс кылааска үөрэнэллэр. Муннубут бүөтэ, саамай кырабыт 4 саастаах Димоська, уһуйаан иитиллээччитэ. Оҕолорбут үөрэхтэрин таһынан эбии куруһуоктарга сылдьаллар. Биһиги дьиэ кэргэн үлэни өрө тутабыт. Аҕабыт уолаттары аҕабыт саха төрүт үгэһинэн от үлэтигэр, уһаныыга кыра эрдэхтэриттэн уһуйар, кыргыттар миэхэ дьиэҕэ сүрүн көмөлөһөөччүлэр буолаллар. Бары бииргэ остуол оонньууларын оонньуурбутун, араас тематическай бырааһынньыктары тэрийэрбитин, бииргэ бэлэмнэнэрбитин сөбүлүүбүт.
-Куйаар ситимигэр блоккар биир бастакынан тутуу тиэмэтин арыйбытыҥ, бу манна эн дьиэни нус барааннык тутуу туһунан кэпсиигин. Дьиэҕитин хас сыллаахха туттан киирбиккитий? Дьиэ ис-тас былаанын ким толкуйдууруй?
—Дьиэбитин бэрт ыксаллаахтык, үс ый иһигэр оҥостон, 2020 сыл ахсынньы ыйыгар, Саҥа дьыл иннинэ, туттан киирбиппит. Бу маннык тутуулар Москуба аттынааҕы куораттарга саҥа баар буолан эрэллэр этэ, ону наһаа сэргии көрбүппүт уонна олоххо киллэрбиппит. Элбэх оҕолоох ыал буоларбыт быһыытынан, хас биирдиилэригэр кыра тус — туспа хостоохтор. Онон дьиэбитин бэйэбитигэр сөптөөх алаһа дьиэлээхпит дии саныыбын.
-Мария, дьиэҕин киһи хараҕын манньытар гына кэрэтик, уратытык оҥостор эбиккин, онно эйигин ким уһуйбутай?
-Мин ийэм Светлана Степановна уонна аҕам Семен Владимирович Тобоховтар иккиэн уруһуй уонна черчение учууталлара этилэр, кинилэр тарбахтарыгар талба талааннаах дьон буолан, дьиэбитин наар уратытык киэргэтэр, симиир этилэр. Ол иһин, мин эмиэ кэрэ көстүүлээх эйгэҕэ талаһабын. Куйаар ситимигэр дуу ымсыыра көрбүт хартыынабын өйдөөн хаалабын уонна олоххо киллэрэргэ дьулуһабын.
-Куйаар ситимигэр блог арынар, тус олоххутун кэпсиир санаа хаһан киирбитэй? Тоҕо gnezdo_na_novoy диэн ааты иҥэрбиккитий?
-Блог арыйар туһунан толкуйдаабакка эрэ, көннөрү бэйэбитигэр тус архыыппытыгар хааллын диэн, дьиэбит тутуллан эрдэҕинэ хаартыскалары куйаар ситимигэр таһааран саҕалаабытым. Күн ахсын интэриэһиргиир киһи, ааҕааччы элбээн испитэ. Онон дьиэбит ис-тас оҥоһуутун туһунан сиһилии кэпсиир буолбутум.
Биһиги “Новая” диэн ааттаах уулуссаҕа олоробут. Билигин блогпутугар сүрүннээн дьиэ-уот, тутуу эрэ туһунан сырдаппаппын, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн олоҕуттан араас көрдөөх видеолары, тэттик кэпсээннэри таһаарабыт. Онон бу биһиги дьиэ кэргэни түмэр өссө бир интэриэһинэй дьарыкпыт буолар.
-Эн санааҕар иллээх, толору дьоллоох дьиэ кэргэн кистэлэҥэ туохха сытарый?
-Хаһан да кыыһырсыбат дьон аҕыйаҕа буолуо. Олоххо араас түгэн буолар. Мин санаабар, өйдөһүү кэм — кэрдии аастаҕына биирдэ кэлэр. Аан бастаан икки тус — туспа иитиилээх, сиэрдээх — майгылаах дьон холбоһоллор, оттон иккиэн тэҥҥэ үүнэн — сайдан, биир ситим буолаллар. Ол иһин, бэйэ — бэйэбитин өйдөһөн — өйөһөн, убаастаан сырыттахпытына эрэ дьоллоох буолабыт.
Түгэнинэн туһанан, хас биирдии киһи дууһалыын сынньанар дьиэлээх, дурдалаах — хаххалаах буоларыгар баҕарабын.