«Саҥа ырыа» кэнниттэн санаалар (ВИДЕО)

Ааптар: 
24.02.2017
Бөлөххө киир:

«Саҥа ырыа» кыттыылаахтарын уонна кыайыылаахтарын санааларын ыйыталастыбыт:

Самаана:

— Мин Семен Ченянов устуудьуйатыгар хаһыс даҕаны сылбын дьарыктанабын. “Саҥа ырыаҕа” уруккуттан кытыахпын баҕарар этим, ол баҕа санаам быйыл туолбутуттан олус үөрдүм. Гала-кэнсиэргэ Наталья Бриһы кытта ыллаатым. Миэхэ куоластаабыт дьоҥҥо, чугас дьоммор махталбын тиэрдэбин. “Звезды Туймаады” сурунаал олохтообут анал бирииһигэр тигистим.

Егор Садовников:

— Биһиги Дарианна Мигалкиналыын дуэтынан ыллаатыбыт. Киһи олус долгуйар эбит. Саала ытыс тыаһынан көрсүбүтүгэр үөрдүбүт. Долгуйдарбыт даҕаны, хата, сыыспакка ыллаатыбыт. “Саҥа ырыаттан” уопут бөҕөтө ыллым, саҥа доҕоттордоннум. Аныгыс куонкуруска эмиэ кыттыахпыт.

Николай Гоголев, гала-кэнсиэри ыытааччы, Эстрада тыйаатырын үлэһитэ:

— Мин “Саҥа ырыа” куонкурус гала-кэнсиэрин ыытааччынан уонна гостуруоллуур биригээдэҕэ салайааччынан сырыттым. Илин эҥэр улуустары кэрийдибит. Нэһилиэк дьоно оҕолору үөрэ-көтө көрсүбүтүттэн олус үөрдүм. Онно номнуо кинилэри билэллэр, күүтэллэр эбит.

Василена Шарина:

— Барыта наһаа үчүгэй! Киһи тылынан сатаан быһаарбат, эппэт үчүгэйэ! Саамай сүрүнэ – куонкуруска кыттыы. Маннык тэрээһинээх, эппиэтинэстээх куонкурска кыттыбыппыттан олус үөрдүм, астынным, дуоһуйдум. “Саҥа ырыа” өрүү баар буоллун!

Эрхаан Попов, “Snow voise” бөлөх ырыаһыта, «Сыл бастыҥ арыйыыта» номинация кыайыылаахтара:

— Мин эмиэ Семен Ченянов устуудьуйатын иитиллээчитэбин. Үс доҕордуулар буоламмыт “Snow voise” бөлөх тэринэн кытынныбыт. Урут бу куонкуруһу көтүппэккэ ымсыыра көрөр этибит. Оттон быйыл бэйэбит ыллаатыбыт, улахан сыанаҕа ыллыыр олус долгутуулаах эбит.

Сергей Сорокин, «Кэскиллээх ырыаһыт» номинация кыайыылааҕа:

— Барыта этэҥҥэ ааста. Куонкурус таһыма үөрдээбит, ыыра кэҥээбит. Саҥа доҕоттордоннум, эстрадабытыгар саҥа ырыаһыттар тахсалларыгар, суол арыналларыгар саамай наадалаах куонкурус.

Иннокентий Лебедев – Лоокуут, «Кэскиллээх ырыаһыт» номинация кыайыылааҕа:

— Саамай сүрүнэ – биһиги манна эт куоласпытынан ыллыыбыт. Саҥа тахсар эдэр талааннар маннык саҕалыыллалара бэйэлэригэр улахан үөрэх буолла. Сахалыы дьиҥнээх ырыалары истээччилэрбитигэр таһаарабыт. Улахан ыараххаттары көрсүбэтим, барыта үчүгэй баҕайытык табыллан истэ.

«Саҥа ырыа» кыайыылаахтара:

Айыллаана Семенова:

— Киһи манык куонкурустартан олус элбэххэ үөрэнэр: сыанаҕа тутта-хапта сылдьарга, дьону кытта биир тылы буларга… Салгыы өссө саҥа ырыалары ыллаан иһиэҕим. Аны “Этигэн Хомуска” ыллаары эмиэ олуһун долгуйа сылдьабын.

Юрий Гольдеров:

— Куонкурус үрдүк тэрээһиннээхтик ааста. Мин сыанаҕа кэтэр көстүүммүн таларбар ыараххатары көрүстүм. Хас биирдии кыттааччы кыайыыга эрэллээх ыллаабыт, “Саҥа ырыаҕа” кыттыбыт буолуохтаах, миэхэ даҕаны ол баара. “Саҥа ырыа” эдэр ырыаһыттарга кынат биэрэр диэтэхпинэ сыыспатым буолуо. Миэхэ куоластаабыт дьоммор, тэрийээччилэргэ, кэргэммэр, чугас дьоммор барҕа махталбын тиэрдэбин.

Айтана Аммосова, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0