Саҥа төрүүр кырачааннарга сахалыы ааты биэрии

Ааптар:  Эдэр саас
10.07.2024
Бөлөххө киир:
Хаартыска: СИА

Аат-суол киһи арахсыспат аргыһа буолар, олоҕун суолун ыйар, өйүгэр-санаатыгар дьайар. «Саҥа төрөөбүт киһиэхэ өбүгэ үгэһин иҥэриэххин баҕарар буоллаххына, сахалыы ааттыахтааххын» диэн салайтаран, кэнники сылларга сахалыы ааттары тилиннэрэн, оҕо бу дойдуга айыллан кэллэҕинэ, төрөппүттэр сахалыы аат биэрэр толкуйга түһэллэр. Ол курдук, билигин дьон-сэргэ оҕотун сахалыы, уус-уран айымньыга баар ааттарынан ааттыы сатыыр эбэтэр сахалыы ааттарга ыйынньык элбэх, ону туһанан төрөөбүт күнүнэн-дьылынан ааттыыр.

Холобур, бу сыл бастакы кыбаарталыгар төрөөбүт кыыс оҕолору Сандаара, Айыына, Кэрэли, Нарыйаана, Мичийэ уонна Сайаана диэн ааттарынан элбэхтэ сүрэхтээбиттэрэ биллэр. Саха сиринээҕи ЗАГС управлениета ыыппыт ыйытыгын түмүгүнэн, Кэрэли диэн кыыс аатыгар саамай элбэх куолаһы биэрбиттэр — 33%. Салгыы Айыына (19%), Сандаара (18%), Нарыйаана (13%) ааттар кэлэллэр. Оттон уол аатыгар киэҥник биллэринэн Дьулуур диэн ааты талбыттар.

Аат суолтата

Айыы үөрэҕэ этэринэн аат диэн киһи күлүгэ. Бу күлүккэ киһи кутун copoҕo баар, ол иһин аат олус суолталаах. Аат суолтатыгар киһи  уруккута,  бүгүҥҥүтэ уонна кэлэрэ сабыдыаллыыр. Холобур, киһи айылҕаттан ханнык күүһү ылара аатыттан көстөр. Үчүгэй ис хоһоонноох ааттаах дьон үчүгэй күүһү ылаллар. Оччотугар олоҥхолорго айыы бухатыырдара уонна кыргыттара бары сырдык, киһини үөрдэр ааттаах буолалларын бары билэбит. Онон аат айылҕа күүһүн тардар суолталаах. Саха омук өйдүүрүнэн үтүө күүһү биэрэр айылҕа айыы диэн ааттанар. Саха аата ол иһин айыылары кытта сибээстээх буолар. Toҕo диэтэххэ үчүгэй, үтүө ааттаах дьоҥҥо эрэ айыылар хайыһаллар, кинилэр оннук ааты уруургууллар эбит.

Ааты харыстааһын

Киһи атын дьоҥҥо аатынан биллэр, онон Айыы киһитэ аатын булгуччу харыстыахтаах.  Ааты харыстааһын диэн үтүөнү үөскэтии, түһэн биэримии, быстах санааҕа охтумуу суолталанар. Сахаҕа былыргыттан үс суол аат баара биллэр. Бастакы аат — таптал аат. Бу аат оҕоҕо кыра эрдэҕинэ бэриллэр. Таптал аат оҕону үүннэрэр, сайыннарар, үтүөҕэ сыһыарар суолталаах. Иккис аат — Айыы аат. Бу аат киһи киһи быһыытынан олорон бардаҕына бэриллэр уонна киһи айыы суолунан барарыгар көмөлөһөр.Үһүс аат — дьүһүннүүр аат. Бу аат киһини киһиттэн дьүһүнүнэн, бодотунан араарарга анаан бэриллэр.

Ааты талыы

Олоҥхоҕо этиллэринэн киһи аата-суола ханнык үйэҕэ түбэһэ төрөөбүтүттэн тутулуктаах буолар эбит. Ааты биэрэргэ дьыл-күн кэмин кытта дьүөрэлээһин эмиэ баар буолуохтаах. Онон ким ханнык күҥҥэ түбэһэ төрөөбүтүнэн эмиэ ааттаныан сөп буолар.

Ону сэргэ кыыс аата, үксүн, ahaҕac дорҕоонунан бүтэр, ол аата кыыс төрүүр, үүнэр дьоҕурдааҕын көрдөрөр. Оттон уол аата бүтэй дорҕоонунан түмүктэнэр, бу уолга бигэ туругу биэрэр. Кыһыҥҥы ааттарга уол аата инники туруохтаах, оттон сайыҥҥы ааттарга — кыыс аата инники буолар.

Төрөөбүт күнүнэн Айыы ааттарын биэрии

I.ТОХСУННЬУ

1, 2 — Тускун, Кэскилээнэ
3, 4 — Албан, Айыына
5, 6 — Харысхан, Барахсаана
7, 8 — Эркин, Хотууна
9, 10 — Талбан, Сахаайа
11, 12 — Талыман, Күндүүнэ
13, 14 — Арылхан, Саргылаана
15, 16 — Айастаан, Сайдыына
17, 18 — Мургун, Намыйа
19, 20 — Дойду, Чөмчүүнэ
21, 22 — Айхал, Сыралыма
23, 24 — Хомус, Алаайа
25, 26 — Алгыс, Туйаарыма
27, 28 — Уран, Уйгууна
29, 30 — Дабаан, Алгыстаана
31 — Айаал, Санаайа

II. ОЛУННЬУ

1, 2 — Одун, Арчыына
3, 4 — Сулустаан, Тупсууна
5, 6 — Өркөн, Күбэйэ
7, 8 — Тулуй, Туйгууна
9, 10 — Сүргэн, Мичийэ
11, 12 — Тускун, Сандаара
13, 14 — Талбан, Харыстаана
15, 16 — Эрчим, Дойдууна
17, 18 — Тургун, Нарыйа
19, 20 — Кэскил, Күндүүнэ
21, 22 — Мургун, Хотууна
23, 24 — Ньургустаан, Талбаана
25, 26 — Арчын, Кэрэчээнэ
27, 28 — Далан, Умсуура
29 — Айастаан, Алгыстаана

III. КУЛУН ТУТАР

1, 2 — Айастаан, Күннэй
3, 4 — Саарын, Сахаайа
5, 6 — Айан, Тускулаана
7, 8 — Аталамы, Айгыына
9, 10 — Айаал, Барахсаана
11, 12 — Аман, Туйаарыма
13, 14 — Ньургун, Айыына
15, 16 — Мүлдьү, Айаана
17, 18 — Туйгун, Мичийэ
19, 20 — Айхал, Дойдууна
21, 22 — Тулуй, Алгыстаана
23, 24 — Күндүмэн, Санаайа
25, 26 — Толбон, Туллуктаана
27, 28 — Тускун, Кэскилээнэ
29, 30 — Дьулустаан, Тупсууна
31 — Быйаман, Арчыына

IV. МУУС УСТАР

1, 2 — Сайдам, Нарыйа
3, 4 — Уран, Айыына
5, 6 — Ньургун, Күндүүнэ
7,8 — Сандал, Сааскыйа
9, 10 — Чаҕыл, Кыталыына
11, 12 — Айтал, Чэмэлиинэ
13, 14 — Эрчим, Туйаарыма
15, 16 — Айаал, Күбэйэ
17, 18 — Хомустаан, Талбаана
19, 20 — Айан, Сандаара
21, 22 — Арылхан, Сахаайа
23, 24 — Саарын, Кэрэчээнэ
25, 26 — Кэрэмэн, Сайыына
27, 28 — Толбон, Күннэй
29, 30 — Алгыс, Намыына

V. ЫАМ ЫЙА

1, 2 — Ньургууна, Эллэй
3, 4 — Сарыада, Харысхан
5, 6 — Сааскыйа, Айастаан
7, 8 — Ньургуһун, Арылхан
9, 10 — Чэлгийээнэ, Күндүмэн
11,12 — Күөрэгэй, Сандал
13,14 — Күннэй, Талыман
15,16 — Күбэйэ, Ньургун
17,18 — Сыралыма, Хомустаан
19,20 — Туйаара, Алаас
21,22 — Айыына, Талбан
23,24 — Тупсууна, Дьулустаан
25,26 — Нарыйа, Тускун
27,28 — Чэмэлиинэ, Айаал
29,30 — Айгыына, Аман
31 — Дойдууна, Арчын

VI. БЭС ЫЙА

1, 2 — Уйгууна, Эллэй
3, 4 — Күөрэгэй, Сандал
5, 6 — Самаана, Кэскил
7, 8 — Алгыстаана, Байан
9, 10 — Чэлгийээнэ, Байдам
11, 12 — Туйаара, Харысхан
13, 14 — Сардаана, Эрэл
15, 16 — Ньургуйаана, Мургун
17, 18 — Долгууна, Далбар
19, 20 — Сарыада, Күндүл
21, 22 — Сыралыма, Сэргэ
23, 24 — Сайыына, Барахсан
25, 26 — Саргылаана, Ньургун
27, 28 — Намыына, Тайбыыр
29, 30 — Дайаана, Кудук

VII. ОТ ЫЙА

1, 2 — Нарыйа, Байдам
3, 4 — Мичийэ, Тайбыыр
5, 6 — Дойдууна, Кудук
7, 8 — Айгыына, Алгыс
9,10 — Умсуура, Быйаман
11,12 — Чэлгийээнэ, Дьулуур
13,14 — Самаана, Кунай
15,16 — Күннэй, Кустуктаан
17,18 — Байаана, Күндүл
19,20 — Чэмэлиинэ, Толлуман
21,22 — Сайыына, Дэлэгэй
23,24 — Намыына, Быйаман
25,26 — Далаана, Тургун
27,28 — Күөрэгэй, Уйгун
29,30 — Дайаана, Дойду
31 — Арчыына, Алаас

VIII. АТЫРДЬЫХ ЫЙА

1, 2 — Ньургустаана, Уйгун
3, 4 — Сарыада, Күндүмэн
5, 6 — Айыына, Арчын
7, 8 — Долгууна, Сандаман
9,10 — Барахсаана, Ньургун
11,12 — Тускулаана, Кэнчээри
13,14 — Талбаана, Кустуктаан
15,16 — Күннэй, Харысхан
17,18 — Сайыына, Эрэл
19,20 — Саргылаана, Толлуман

25, 26 — Байаана, Быйаман
27,28 — Дайаана, Таман
29,30 — Намыйа, Талыман
31 — Мичийэ, Талбан

IX. БАЛАҔАН ЫЙА

1, 2 — Умсуура, Уран
3, 4 — Урсууна, Дархан
5, 6 — Айыына, Кудай
7, 8 — Намыйа, Эркин
9, 10 — Санаайа, Талбан
11, 12 — Айталыына, Сүргэн
13, 14 — Саргылаана, Далан
15, 16 — Кэскилээнэ, Тулуй
17, 18 — Арчыына, Кэнчээри
19, 20 — Талбаана, Сулустаан
21, 22 — Чөмчүүнэ, Харысхан
23, 24 — Хаачылаана, Эрэл
25, 26 — Туйгууна, Добун
27, 28 — Сыралыма, Уххан
29, 30 — Күндүүнэ, Айтал

X. АЛТЫННЬЫ

1, 2 — Хотой, Тускулаана
3, 4 — Дархан, Айаана
5, 6 — Боотур, Хотууна
7, 8 — Саарын, Туймаада
9,10 — Албан, Туйгууна
11,12 — Саргын, Хаачылаана
13,14 — Айан, Туйаарыма
15,16 — Дьулусхан, Нарыйа
17,18 — Долун, Санаайа
19,20 — Сулустаан, Туллуктаана
21,22 — Күндүмэн, Кэскилээнэ
23,24 — Хоһуун, Айталыына
25,26 — Толлуман, Күндүүнэ
27,28 — Ньургустаан, Алгыстаана
29,30 — Өркөн, Харыстаана
31 — Ньургун, Сыралыма

XI. СЭТИННЬИ

1, 2 — Байанай, Уйгууна
3, 4 — Барылан, Айталыына
5, 6 — Байдам, Барахсаана
7, 8 — Дэлэгэй, Далбаара
9,10 — Саргын, Хаачылаана
11,12 — Сулустаан, Харыстаана
13,14 — Талбан, Тускулаана
15,16 — Уххан, Сахаайа
17,18 — Добун, Нарыйа
19,20 — Дабыл, Байаана
21,22 — Айтал, Мичийэ
23,24 — Байан, Айыына
25,26 — Дархан, Ньургустаана
27,28 — Кэрэмэн, Санаайа
29,30 — Айаал, Күбэйэ

XII. АХСЫННЬЫ

1, 2 — Добун, Саргылаана
3, 4 — Сүргэн, Сайаана
5, 6 — Таман, Кэрэчээнэ
7,8 — Барылан, Туймаада
9, 10 — Эрэл, Айыына
11, 12 — Аман, Кэскилээнэ
13, 14 — Тускун, Ньургуйаана
15, 16 — Талбан, Хаачылаана
17, 18 — Мургун, Сайдыына
19, 20 — Дабаан, Намыына
21, 22 — Түмэн, Сахаайа
23, 24 — Дьулуур, Айталыына
25, 26 — Сайдам, Туйгууна
27, 28 — Тургун, Алгыстаана
29, 30 — Саргын, Күбэйэ
31 — Айастаан, Күндүүнэ

«Айыы ааттара» кинигэ туһанылынна

+1
2
+1
0
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0