“Саҥа сылынан!” диэн этиллиэхтээх

Ааптар: 
31.12.2016
Бөлөххө киир:

Саҥа 2017 сылбыт бу тиийэн кэллэ. Сорохтор “Саҥа дьылбыт” диэхтэрэ. Ол эрээри, тохсунньу 1 күнүттэн саҕаланар сылы “дьыл” диир сыыһа. Дьыл диэн сахаларга Бокуруоптан (алтынньы 14 күнэ) Ньукуолуҥҥа (ыам ыйын 22 күнэ) диэри кэми бэлиэтиир тыл.

Оттон “сыл” диэн, 365 хонуктаах кыһыннаах, сааскылаах, сайыннаах, күһүннээх кэми ааттыыбыт. Онон “сыл” уонна “дьыл” диэн тыллары бутуйар сөбө суох. Саҥа сылынан эҕэрдэлиирбит оннугар “Саҥа дьылынан!” диир, суруйар сыыһа. Маны дакаастыы сатыыр да наадата суох. Ол эбэтэр, тылга-өскө, сурукка-бичиккэ “сылы быһа”, “сыл аҥаара”, “ааспыт сыллаахха”, “уонча сыллааҕыта”, “сыллааҕы былаан”, “сыллааҕы бүддьүөт” эҥин диибит, тоҕо эрэ “дьыллааҕы былаан”, “дьыл түмүгэ” эҥин диэбэппит эбээт. “Сыл дьиэ кэргэнэ”, “Сыл бастыҥ спортсмена”, “Сыл бастыҥ учуутала” о.д.а. куонкурустар, фестиваллар, номинациялар бааллар.

Дьыл – бу кыһыҥҥы кыстыгы кытта силбэһэр өйдөбүл. Дэлэҕэ даҕаны саас кэлиитигэр биһиги: “Хайа, дьылы (кыстыгы) хайдах туораатыгыт?”, “Дьыл хайдах ааста?”, “Быйыл дьылбыт олус тымныы буолла” эҥин дэһэбит. Дьыл – бу кырдьык да сылбыт саамай тымныы кэмэ. Баччаҕа өйү-төйү, санааны-оноону, билиини-көрүүнү, бити-билгэни, таайыыны-таабырыны, таҥханы, сэрэйиини-сылыктааһыны, түүлү-түөрэҕи, көрүүлэниини-көрбүөччүлэниини, о.д.а. быһаараллар, тойоннууллар. Ону сэргэ араас дьоҕуру-сатабылы, ырыаны-хоһоону, олоҥхону-тойугу, кэпсээни-ипсээни өрө туталлар, суолта биэрэллэр. Бу барыта тымныыга дьиэҕэ-уокка, сылааска хаайтаран олорон оҥоһуллар, сааһыланар, олоҕун-тойун булар, сайдар, кэскиллэнэр. Ол иһин сыл бу кэмигэр саха дьонун олоҕун-дьаһаҕын оҥкула оҥоһуллар, кэмэ кэрдиитэ кэрэһилэнэр, ычата-ыырата ыпсарыллар, устата-туората ууруллар.

Дьэ, ол иһин маны өйдөөн, билэн, ол аата тымныыбытын сөпкө, сатаан туһанарбыт наада. Бу ордук оҕону, ыччаты билиигэ-көрүүгэ, өйү-санааны иитиигэ, сайыннарарга табыгастаах кэм.

Ким ДЬЯЧКОВСКАЙ – Анаарар, ХИФУ доцена.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0