Муус устар 15 күнүгэр бу саас биир саамай күүтүүлээх премьерата — “Агент Мамбо. Truepac” киинэ киэҥ экрааҥҥа таҕыста.
Икки сыл анараа өттүгэр көрөөччүлэр биһирэбиллэрин ылбыт “Агент Мамбо” киинэни салгыыр ыччат кэмиэдьийэтэ тахсара биллэр этэ. Ол эрэн, чуолкайдаан эттэххэ — бу киинэ иккис чааһа буолбатах, “спин-офф” диэн ааттанар, биир ордук өйдөнөн хаалбыт дьоруой дьылҕатын туспа кэпсиир, ааспыт киинэҕэ хоһуллубут кэмнэр иннинээҕи быһылааннары сэһэргиир хартыына. “Мамбостар” диэн ааттанар массыына уорар бөлөх биир кыттыылааҕа, Дьулус “Truepac” хайдах итинник олоххо тиийбитин, тоҕо рэп муусуканан үлүһүйбүтүн, дьикти хос ааттаммытын туһунан сэһэргиир.
ТУОХПУТ ЭМИЭ “ТРУПАГАЙ”?
Санатан эттэххэ, режиссер уонна сценарист Алексей Амбросьев-Чоох Мунду, “Suorat” уонна “Hits prod.” вайн бөлөхтөрү кытта холбоһон икки сыл анараа өттүгэр бэрт сэргэх ыччат кэмиэдьийэтин устубуттара. Бу киинэҕэ эдэр полицейскай (Иннокентий Хобуев) массыына уоруутунан идэтийэр баанданы арыйаары албыннаан киирэр, онтон сылтаан мүччүргэннээх сырыылара саҕаланар. Бу баанда биир чилиэнэ “Truepac” диэн ааттанар рэп муусуканан үлүһүйэр эдэр бандьыыты (Альберт Ноговицын) кытта истиҥ сыһыан олохтуур.
Бу дьоруойу ааспыт киинэҕэ көрөөччү астына көрбүтүн киинэ хамаандата бэлиэтии көрөн, киинэ сэһэнин эбэн биэрэр саҥа хартыына устарга санаммыттар. Онон, эрдэ былааннаммыт “Агент Мамбо-2” оннугар бу киинэ оҥоһуллан тахсыбыт.
Саҥа хартыына маҥнайгы киинэ жанрын салгыыр — пародия хабааннаах кэмиэдьийэ. Элбэх омуннаах, күүркэтиилээх, улахан киинэ ньымаларын үгэргиир түгэннэрдээх чэпчэки кэмиэдьийэни, бастатан туран, ыччакка анаан устубуттара көстөр. Холобур, дьоруой ылыммыт аатын рэп муусука устуоруйатын билбэт дьон сүөргүлүү истиэхтэрин сөп — “трупак” буола сытыйан, ол эмиэ туохпутуй? Дьиҥэр, бу арыый эмэ уустук суолталаах, дьоруойун Дьулуһу элэктиир аат. Аан дойду биир саамай аатырбыт рэпера 90-с сылларга айа сылдьыбыт Тупак Шакур (Tupac Amaru Shakur ) аатын чиэстээн, арыый уларытан True — “дьиҥнээх” диэн тылы кыбытан оҥорбут аата. Нууччалыы соччото суох суолталааҕын өйдөөбөт уолчаан талбыт “псевдонима” кини өйүн таһымын көрдөрөр.
ДЬИҤ МУУСУКАЛААХ КИИНЭ
“Агент Мамбо. Truepac” муусукалаах киинэ. Киинэ айааччылара бу өттүгэр олус күүстээх үлэни ыыппыттара көстөр. 90-с сылларга аатыра сылдьыбыт Саха сирин рэп хамаандаларын хомуйан, билиҥҥи кэм бу хамсааһын ааттаах артыыстарын ыҥыран, уустук таҥыылаах, култуура бу хайысхатынан үлүһүйэр дьоҥҥо сөбүлэтэр муусуканан арыаллааһыны оҥорбуттар. Биир киһини сөхтөрөр чахчы – маннык улахан үлэни киинэ композитора Андрей TETIM Федоров тэйиччиттэн олорон оҥорбут. Андрей аҕыйах кэм анараа өттүгэр Өймөкөөҥҥө көһөн барбыт, онон үлэтин барытын интэриниэт нөҥүө салайан ыыппыт эбит. Өссө биир үөрдэр чахчы — киинэҕэ тыаһыыр муусука олоччу саха толорооччуларын айымньыларынан эрэ таҥыллыбыт, аҥаардас рэп муусуканан эрэ таҥыллыбыт киинэҕэ бэрт уустук сананыы. “Обратная сторона”, “Urban Rhyme” курдук өр кэмҥэ бииргэ хомуллубатах бэйэлэрин кэмнэрин “легендаларын” түмпүттэрэ элбэх киһиэхэ киинэҕэ барарга эбии сылтах буолара саарбаҕа суох.
ДЬОКУУСКАЙГА МАЙГЫННААБАТ ДЬОКУУСКАЙ
Киинэ туруорааччы оператора Иван Семенов киинэ маҥнайгы чааһын эмиэ туруорбута. Ааспыт киинэҕэ туруоруу буолар сирэ Дьокуускай куорат этэ эрээри… эмиэ даҕаны олох атын дойдуга майгынныыра. Биһиги дьоҕус куораппытыгар Голливудка уһуллар улахан киинэлэргэ көстөр быһылааннары кырдьык-хордьук курдук “симэн” батарбыттара көрөргө олус күлүүлээх этэ. Үтүмэн элбэх ытыалаһыы, дэлби тэбии, күндү массыыналарынан эккирэтиһии, кыра иэннээх, баһа-атаҕа биллэр куораппытыгар симиллибитэ пародия буолара өтө көстөр этэ.
Бу сырыыга оператор үлэтэ арыый атын өттүттэн толкуйдаммыт. Бу да сырыыга киинэ буолар сирэ Дьокуускай. Ол эрэн, араас ньымаларынан куораты “кэҥэтэн” биэрбиттэр. Араас албастары туттан, түүҥҥү уоттарынан сандаара олорор улахан куораты оҥорон таһаарбыттара “ама бу биһиги куораппыт дуо?” дэтэр көстүү буолан тахсыбыт.
АРТЫЫС АРААҺА
Киинэ маҥнайгы чааһыгар оонньуур артыыстары таһынан, сүрүн оруолларга икки киһи эбиллэн биэрбит. Дьулус дэриэбинэттэн илдьэ кэлбит атаһа Аппос оруолун эрдэ сүрүн оруолларга оонньооботох Илья Попов оонньуур. Дебютант бэйэтин оруолун бэркэ табыллан оонньоото диэххэ сөп. Дьулус оҕо сааһыгар сүтэрбит дьүөгэтин Мария Михалева оонньуур. Мария — тыйаатыр артыыһа, урут “Бэйбэрикээн эмээхсин” остуоруйаҕа оонньообута.
Маҥнайгы киинэҕэ үгүс артыыстар инстаграмҥа кылгас “вайн” роликтарга эрэ оонньообут артыыс идэтэ суох дьон этилэр. Бу сырыыга оонньуулара лаппа тупсубута өтө көстөр.
Киинэ биир сүүйүүлээх өрүтэ — кыра оруолларга элбэх биллэр дьон “камео” быһыытынан киирбиттэр. Saas Ustar (эбэтэр уруккутунан Jeada), Urban Rhyme бөлөх кыттыылаахтара MJ уонна Nasid, инстаграм сулустара Туйаара Корнилова @tuyasik_s, Владимир Дормидонтов @dormidontov_ уонна да атын биллиилээх дьон сорохторо бэйэлэрин оонньууллар, сорохторо атыыһыт, пицца аҕалааччы эҥин курдук кыра оруоллары оонньууллар.
“Агент Мамбо” маҥнайгы чааһа сүрэхтэниэн иннинэ киинэ продюсера Степан Порядин “киинэбит 100 мүнүүтэлээх “вайн” эрэ буолан тахсара буолуо” диэн долгуйбутун туһунан кэпсээбитэ. Ол гынан баран, дьиҥнээх киинэ буолан тахсыбыта көстөр.
САТАММЫТ УОННА МӨЛТӨХ ӨРҮТТЭРЭ
“Агент Мамбо. Truepac” этиллибитин курдук, чэпчэки ис хоһоонноох ыччат кэмиэдьийэтэ. Бэйэтин жанрын сүрүн сыалын киинэ, саарбаҕа суох, ситиспит — киһини күллэрэр түгэннэр хартыынаҕа лыык курдук симиллибиттэр. Киинэ кириитигэ Альбина Данилова этэринэн, спин-офф киинэ маҥнайгы чааһыгар холоотоххо, арыый дириҥ ис хоһоонноох, киһини толкуйдатар түгэннэринэн байытыллыбыт, онтуката киинэҕэ туһалаах буолан тахсыбыт. Доҕордоһуу, киһиэхэ амарах сыһыан, бэйэ-бэйэни өйөһүү өйдөбүллэрэ бэрт тиийимтиэ тылынан кэпсэммитэ, кырдьык, киинэни тупсарбыт. Киинэ ааптара Чоох Мунду маҥнайгы киинэҕэ хоруйдамматах ыйытыыларга бэрт боростуой быһаарыылары биэрбитэ, салгыы оҥоһуллар киинэ туһунан чараас таайтарыылары укпута олус сүүйүүлээхтик көстөллөр.
Ол эрэн, хартыына ортотугар ордук хос уһатыылар бааллара көстөр, ону таһынан, чыпчаал түгэннэр эмискэ уларыйаллара монтаж арыый ордуктук оҥоһуллуон сөбүн ыйар. Кэпсэнэр устуоруйа төһө да омуннаах буолуохтааҕын иһин, сорох сирдэригэр күүркэтиилэр киһиттэн таһынан курдуктар. Чэ, бу өттө мин тус бэйэм сыана быһыым, сорох көрөөччүгэ саамай сөп курдук көстүөн сөбө буолуо.
Сүнньүнэн олус табыллыбыт, киэһээҥҥи сынньалаҥы көрдөөхтүк атаарарга аналлаах киинэ оҥоһуллан тахсыбыт. Икки чааһын көрбүт киһи хайаан даҕаны “салгыыта хаһан тахсар?” диэн ыйытыылаах тахсара туох да саарбаҕа суох.
ТҮМҮК ОННУГАР
Муус устар 12 күнүгэр хартыынаны пресс-көрдөрүү быһыытынан кириитикэнэн дьарыктанар суруналыыстар уонна блогердар иннилэригэр “сүрэхтээбиттэрэ”. Көрдөрүү кэнниттэн “Саха сирэ” хаһыат уонна «Сахамедиа» хампаанньа көҕүлээһининэн Бэчээт дьиэтин пресс-киинигэр тэриллибит “төгүрүк остуолга” ырытыы буолбута. Ырытыыны көрүҥ.
Егор Карпов.
Хаартыска Денис ПОПОВ.