Саҥа дьылы хайдах көрсөбүт?

16.12.2023
Бөлөххө киир:

Кэтэһиилээх 2024 сылбыт үүнэрэ адьас чугаһаата. Саҥа дьыл бырааһынньыга куруутун инникигэ дьулуһарга кынаттыыр, бу кэмҥэ сырдыкка, кэрэҕэ эрэл кытыастар. Саҥа дьылы көрсүү эмиэ ураты суолтаны ылар.

Бэл диэтэр, Саҥа дьылы хайдах көрсөҕүн да, кэлэр сылыҥ оннук буолар дииллэр. Ол иһин, санньыар, хом санаабытын умнан, өһүргэппит дьону бырастыы гынан, эйэлэһэн, сылайбыппытын киэр илгэн туран, дьиэбитин киэргэтэргэ, остуол хотойорунан ас астыырга кыһаллабыт.

Кэлэр сыл бэлиэтэ – Луо (Дракон). Кэлэр сыл көннөрү Луо сылынан буолбакка, илиҥҥи халандаары тутустахха, от күөх мас Луо сыла буолар. Кытай омук астрологията биһиги үйэбит иннинэ 2600 сыллаахха төрүттэммитэ. Онтон ыла тэтимин ыһыктыбакка, дьон-сэргэ билигин аан дойду барыта итэҕэйэр күүстээх халандаарын кэрдииһинэн олоробут.

Саҥа дьылы хас биирдиибит дуоһуйа сынньанан, саҥалыы көрүүлээх, саҥа баҕа санаалаах, былааннаах көрсөргө дьулуһара буолуо. Араас сирдэргэ баар саха ыччаттара Саҥа дьылы хайдах көрсөр былааннаахтарын үллэһиннилэр.

«БАРЫТА КЭРЭ ДА КЭРЭ БУОЛУО»

Ксения Ефимова, С.Ф.Гоголев аатынан Саха педагогическай кэллиэһин 1 кууруһун устудьуона:

-Кыра эрдэхпиттэн Саҥа дьыл тосхойор түгэнэ чугаһаан истэҕин ахсын санаам көтөҕүллэр. Саҥа дьыл тэрээһиннэригэр кыттыы, бэлэмнэнии, дьиэни киэргэтии, ас ылыныы…Эльдар Рязанов, Леонид Гайдай хаһан да эргэрбэт киинэлэрэ, гирлянданан киэргэммит түннүктэр, олбуордар, харыйа, хаар, муус оҥоһуктар – барыта кэрэ да кэрэ!

Оскуола сааспыттан биир түгэни санаатым. Дьиэҕэ көрсөн баран, доҕотторбун кытта хаама, күүлэйдии барбыппыт. Ый туолбут этэ. Сып – сырдык, сып – сылаас солко түүн.

Быйыл дойдубар Саҥа дьыллыы барарбынан олус үөрэбин. Дойду ахтылҕана күүстээх да буолар эбит, сайыҥҥыттан дьоммун олус да аҕынным.

ВЛАДИВОСТОККА САҤА ДЬЫЛЛЫЫБЫН

Хаартысканы Роман Лебедев тиксэрдэ.

Роман Лебедев, Уһук Илиҥҥи федеральнай университет 2 кууруһун устудьуона:

-Былырыын дойдубар саҥа дьыллаабытым. Быйыл Владивостокка көрсөр буоллум. Ол курдук, доҕотторбун кытта ханнык эмэ аһыыр сиргэ көрсөр былааннаахпыт. Куоракка күһүн кэлэн барбытым.

САҤА ДЬИЭҔЭ…

Хаартысканы Мия Егорова тискэрдэ.

Мия Егорова, ХИФУ Хотугу норуоттар тылларын уонна култуураларын институтун 3 кууруһун устудьуона:

-Билигин сиэссийэбин туттара сылдьабын. Быйыл Саҥа дьылы биһиги дьиэ кэргэн саҥа дьиэҕэ көрсөбүт, онон икки бүк үөрүү. Мин олус сэмэй, өссө килбик даҕаны буоламмын, өрүүтүн чуумпутук ыларбын сөбүлүүбүн. Дьиэ кэргэммиттэн ордук уонна күндүн ким да, туох да суох. Төрөппүттэрим – элбэх оҕолоох ыал буолаллар, сиэннэрдээхтэр. Онон дьоро киэһэҕэ элбэх чугас дьонум баар буолуоҕа, бэйэ – бэйэбитигэр бэлэхтэрбитин туттарыахпыт.

ОМУК СИРИГЭР…

Хаартысканы Ньургун Тимофеев тиксэрдэ.

Ньургун Тимофеев, Харбиннааҕы политиэхиньиичэскэй университет устудьуона:

-18 саастаахпын, Алдан улууһуттан төрүттээхпин. Кытайга үөрэххэ киирэрбэр ийэм мэктиэлээбитэ. “Синосфера” диэн хампаанньа оҕолору Кытайга үөрэтэ киллэрэллэр. Бу тэрилтэ миэхэ көмөлөспүтэ. Бырагыраамам “1+4” диэн буолар. Бастакы сылбытыгар кытай тылын үөрэтэбит, онтон 4 сылбытыгар (бакалавриат) бэйэбит талбыт идэбитигэр үөрэнэбит.

Саҥа дьылбын бастакыбын табаарыстарбын кытта уонна омук сиригэр ылабын. Урут дьиэбэр ылар эрэ буоллаҕым. Ол иһин, бу сырыыга доҕотторбун кытта эрдэ кэпсэтэн, тэрээһиннээхтик ылыахха диэн быһаарыммыппыт. Кытайдар култуураларын өссө билэ илик буолан, хайдах көрсөллөрүн көрө, үөрэтэ таарыйа хаалабыт. Харбин куорат – Кытайга саамай тымныы. Кытайга сыл ахсын саамай үчүгэй муус куорат баар буолар. Онно араас бырааһынньыктарын көрүөхпүт.

+1
8
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0