Оҕо эрдэххэ ампаартан аҕам киллэрэр дьааһыктаах харыйата олус да күүтүүлээх буолааччы. Бэл диэтэр, сыттыын ураты. Хаһан харыйабыт ирэрин күүтэн оһох тула элэҥнэһэр буоларбыт. Төһө да аҕыйах, убаҕас лабаалаах буоллар, оҕо сааһым искусственнай харыйата сүрэхпэр олус чугас. Билигин харыйа арааһа дэлэй. Тыыннаах харыйаны атыылаһар ордук дуу, үйэлээх искусственнайы талабыт дуу?
Тыыннаах харыйа барыстаах дуо?
Ахсынньы 14-15 күннэриттэн Дьокуускайга Кеша Алексеев уулуссатыгар «Якутлесресурс» баазатын киэҥ олбуоругар харыйа арааһа кэккэлээччи. Сыаната төһө уһунуттан, хойуу лабаалааҕыттан тутулуктаах. Ортотунан, былырыын 1200 солк. саҕаланара, быйыл атыыга тахса илик буолан, төһө буолара биллибэт. Сыл ахсын быһа холоон 200 солк. үрдээччи. Оттон бэс – 1000 солк. саҕаланар буолара. Атыыга быһа холоон 300 кэриҥэ маһы аҕалааччылар. Сорохтор бэйэлэрэ кэрдэллэр.
Өскөтүн, киһи харыйаны бэйэтэ сөбүлээбитин кэрдиэн баҕарар буоллаҕына, Дьокуускайдааҕы ойуур хаһаайыстыбатын тэрилтэтигэр тиийэн икки маһы кэрдэригэр көҥүл ылыан наада. Пааспардаах тиийэн дуогабар түһэрсиллэр, икки-үс нэдиэлэҕэ. Биир мас сыаната – 150 солк. Көҥүлэ суох харыйаны, бэһи кэрдии иһин 3-4 тыһ. солк. диэри ыстарааптыыллар. Өскөтүн, ойуур хаһаайыстыбатыгар оҥоһуллубут хоромньу суумата 5 тыһ. солк. тэҥнэстэҕинэ, холуобунай дьыала тэриллэр.
Тыыннаах харыйаны туруорар төһө көдьүүстээҕий? Харыйа кэрдээри тоҥуу хаары кэһии, кэрдибит харыйаны тиэйэн аҕалыы о.д.а күчүмэҕэйдэр элбэхтэр. Ол кэриэтин бэлэм тыыннаах харыйаны атыылаһан ылыы, санаабар, барыстаах курдук.
Искусственнай үйэлээх
Сэтинньи ортотуттан үгүс атыы-эргиэн кииннэригэр харыйа арааһа атыыга тахсыбыта. Урукку өттүгэр Кытай эрэ ырыынагар атыылыыр буоллахтарына, билигин чааһынай дьонтон, маҕаһыынтан, сакаастаан да ылыахха сөп. Аҕыйах сылтан бэттэх дьон туллубат «литай» иннэлэрдээх харыйалары сэҥээрэр буолла. Бу соторутааҕыта кытай ырыынагар охсуллан ааспыппар, олбуор иһэ харыйанан туолбут этэ. Дьэ, манна туллубат иннэлээхтэн саҕалаан сымнаҕас иннэлээххэ тиийэ кэккэлэспит. Ортотунан, 2000 солк. саҕаланар. Оттон боростуой сымнаҕас иннэлэрдээх харыйа 700 солк. үөһэ. Үрдүгэ 170 см сыаната 20 тыһ. солк. тэҥнэһэр. Таһырдьа атыыланааччылар үс-түөрт мөһөөҕүнэн ырыынак иһинээҕиттэн чэпчэкилэрин бэлиэтии көрдүм. Оттон атыы-эргиэн кииннэригэр миэтэрэлээх харыйалар сыаналара 7000 солк. 50 тыһ. солк. тиийэ барар. Ону таһынан, бэлэм гирляндалаах, уотунан сандааран олорор дьоҕус харыйа дэлэй. Быһата, ырыынакка да, маҕаһыыҥҥа да хаачыстыбата тэҥ эрээри, арай сыаната араастаһар эбит дии санаатым. Тус бэйэм искусственнай харыйаны олох биһирээбэппин. Ол кэриэтин лесхозка атыыга тахсарын маныы сылдьан тыыннааҕы ылабын.
Хозмаркекка хайдаҕый?
Саҥа дьыл тыына бу маҕаһыыҥҥа алтынньы бүтүүтүттэн биллибитэ. Бастаан гирляндалар, сыыйа харыйалар атыыга тахсан саҕалаабыттара. Харыйа сыаната эмиэ кээмэйиттэн, лабаатыттан улахан тутулуктаах. Ол курдук, ытыс саҕа кээмэйдээхтэн саҕалаан иккилии миэтэрэлээххэ тиийэ бааллар. Сыана 2000 солк.
50 тыһ. солкуобайга диэри араастаһар. Сыл ахсын сыананы кытта тэҥҥэ харыйа сыаната эмиэ кыралаан үрдүүр.
Үүннэриллэр харыйалар
Билигин аны үүннэриллэр харыйалар питомниктартан атыыланар буолбуттар. «Питомник роз» диэн интэриниэт маҕаһыын нөҥүө киһи 270 солк. ыараабыта 470 солк. диэри үүннэриллэр кыра харыйалары сакаастыан сөп. Маннык үүннэриллэр харыйалары Дьокуускайга 11-14 хонугунан аҕалаллар. Ол курдук Сибиир харыйата, Крым бэһэ, халлаан күөх харыйа, европейскай диэн араас көрүҥнэргэ арааран атыылыыллар. Кээмэйдэрэ 15-20 см тэҥнэһэр. Дьокуускайга сибэкки маҕаһыыннарыгар эмиэ атыылааччылар. Сыаната ортотунан, 700 солк. саҕаланар. Маны таһынан, Данияттан кэлэр ураты хойуу лабаалардаах харыйалары сакаастаан ылыахха эмиэ сөп. Ол курдук, балтараа миэтэрэлээх 6400 солк. саҕаланар. Оттон икки миэтэрэттэн үрдүк буолла даҕаны 28000–35000 солк. тиийэ барар эбит. Маны таһынан, 4 миэтэрэ уһуннаах 100 тыһ. солк. тыыннаах харыйа баара сөхтөрдө. Ким маннык үрдүк уонна сыаналаах харыйаны сакаастыыра буолла?
Лидия Дмитриева, Дьокуускай куорат олохтооҕо:
– Биһиги сыл ахсын сиэннэрбитигэр анаан тыыннаах харыйаны туруорабыт. Бэйэлэрэ кэлэн киэргэтэллэр. Урут дэриэбинэҕэ олорор эрдэххэ, куруук искусственнайы туруорар этибит, тыыннаах харыйа онно хантан кэлиэй? Быйыл лесхозка хаһан атыыга тахсарын аҕабыт номнуо маныы сылдьар.
Венера Дьяконова, Дьокуускай куорат олохтооҕо:
– Иллэрээ сыл суруттаран туллубат иннэлээх харыйаны атыыласпытым. Тыыннааҕы соччо биһирээбэппин. Иннэлэрэ түһэн бөх-сах бөҕөтүн таһаарара буолуо дии саныыбын. Ону таһынан, искусственнайы биирдэ атыыластыҥ даҕаны өр сылларга сулууспалыыр буоллаҕа.
Жанна Афанасьева, Ленскэй оройуонун Чамча нэһилиэгэ:
– Биһиги биэс сылтан бэттэх искусственнай харыйа туруорар буолбуппут. Ол иннинэ тыыннааҕы туруорар этибит. Тыыннаах харыйалары аһынабыт. Наада буоллаҕына, дьиэбит таһыгар тахсан көрөбүт. Сыл ахсын үгэс быһыытынан дэриэбинэбитигэр Александр Захаров диэн олохтоох маастар оҕолору үөрдээри, муустан харыйа оҥорооччу. Бу билигин эмиэ дьону көмөлөһүннэрэн оҥоро сылдьар.