Саҥа Дьыллааҕы остуолбутун бэлэмниэххэ

Бөлөххө киир:

Кэлэр 2017 сылбыт хаһаайынынан Бөтүүк буолар. Бөтүүк саамай бириинчик майгылаах кыыллартан биирдэстэрэ. Аны илиҥҥи зодиагынан, көннөрү бөтүүк сыла буолбакка, Уоттаах Бөтүүк сыла дэнэр эбит. Уоттаах Бөтүүк барыта боростуойу, уурбут-туппут курдук оҥоһууну уонна, ол быыһыгар, кэрэ көстүүнү сөбүлүүр диэн билгэлииллэр. Онон үүнэр сылы көрсөр остуолбут көстүүтэ уонна бүлүүдэлэрэ хаһаайыммытыгар эмиэ сөп түбэһиэхтээх үһү, оччоҕо кэлэр сыл быйаҥнаах, ситиһиилээх, нус-хас олоҕу эрэннэрэр.


Бырааһынньык остуолугар ханнык ас баар буолуохтааҕый?

Ханнык баҕарар Саҥа Дьыл «Оливье» салаата, минньигэс сытынан дыргыйар мандарина уонна көөнньүбүт уохтаах сампаана суох ааспат үгэстээх. Ол эрээри, сыл хаһаайынын алы гынаары туох эрэ уратыны астаан дуу, сонуну бэлэмнээн дуу, эрдэттэн бэлэмнэнэбит, түбүгүрэбит. Дьэ, быйыл Бөтүүк сылыгар остуолга туох баар буолуохтааҕый?

  1. Бастатан туран, элбэх салаат баар буолуохтаах. Куруук оҥоһуллар “Оливье” уонна “Селедка под шубой” салаттары таһынан ураты састааптаахтары Бөтүүк биһириир. Ол эрээри, олус арыылаах-сыалаах, аһыы, элбэх тумалаах, киһи куртаҕа ыараханнык “ылынар” салааттартан туттунар ордук. Аны салааттарбытын бөтүүк быһыылаан тэриэлкэлэргэ уурдахпытына, сылбыт хаһаайына өссө үөрүө диэн билгэлээн көрөөччүлэр тиэрдэллэр.
  2. Илиҥҥи үгэстэргэ итэҕэйдэххэ, Саҥа Дьыл үүнэр түүнүн бырааһынньыктааҕы остуолугар Бөтүүк сөбүлээн сиир астара баар буолуохтаахтар. Пшенону, просоны сиэбэппит чуолкай, онон кыраһыабай иһиттээммит, остуол ортотугар ууруохтаах үһүбүт. Пшенолаах, туорахтаах килиэптэри бысталаан ууруохха эбэтэр чиэрбэ быһыылаах бичиэнньэлэри, кэмпиэттэри, мармеладтары ууруохха сөп.
  3. Бырааһынньыктааҕы остуолга элбэх фрукта, оҕуруот аһа баар буолуохтаах. Нэлэмэн улахан тэриэлкэлэргэ буолбакка, кыра-кыра гына үллэрэн уурар ордук.
  4. Эт, сыыр, халбаһыы арааһа баар буоларын Бөтүүкпүт эмиэ биһириир эбит. Ол оннугар куурусса этиттэн, сымыыттан туттунуҥ  диэн сүбэлииллэр.
  5. Аһыы утахтан (сампаантан, виноттан, ликертан уо.д.а. ураты) хайаан даҕаны коктейль баар буолуохтаах. «Коктейль» англиялыы тылтан тылбаастаатахха “бөтүүк кутуруга” диэн эбит.
  6. Сыл хаһаайына минньигэһэ суох сатаммат. Кэмпиэт, сакалаат, бөрүөк баар буолуохтаах. Итиэннэ хайаан даҕаны улахан торта атыылаһыҥ.


Остуолбутун тупсаҕайдык киэргэтэбит

  1. Ыскаатар. Остуол сабыыта уруһуйа суох буолуохтаах. Киһи хараҕар тута быраҕыллыбат, «сымнаҕас» өҥнөөх (ордук маҥан, көмүс, сырдык оруосабай барсар) ыскаатардары талыҥ.
  2. Салфетка. Тиис-уос соттор салфеткаларбыт ыскаатарбыт өҥүн кытта биир буолуохтаахтар. Лүөн, хлопоктан оҥоһуллубут, кумааһынай таҥас салфеткалары талыҥ.
  3. Иһит-хомуос. Бөтүүк бырааһынньыктааҕы остуолугар таастан, мастан уонна туойтан оҥоһуллубут иһит-хомуос баарын сөбүлүүр.
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0