Самсон Чупров: «Суолга киһи эчэйиитэ аҕыйаатар диэн үлэлиибит”

Ааптар: 
07.02.2017
Бөлөххө киир:

Билигин араас тимир көлөлөөх дьон элбээн, массыына үксээн, уруулга олорор хас биирдии киһи эппиэтинэһэ үрдээн иһэр. Онуоха суолга бэрээдэги көрөөччүлэринэн, биллэн турар, “ГИБДД” (уруккунан “ГАИ”) иниспиэктэрдэрэ буолаллар.

 Бүгүн “Саха сирэ” хаһыат ыйытыыларыгар СӨ ИДьМ-тын Суолга куттал суох буолуутун судаарыстыбаннай иниспиэксийэтин управлениетын начаалынньыга, полиция полковнига Самсон Чупров хоруйдуур.  

Вера МАКАРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru/ 

— Самсон Васильевич, ааспыт 2016 сылга биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр суолга быһыы-майгы хайдах этэй?

Өссө биир сылы түмүктүүр түгэн тиийэн кэлбитинэн, билиҥҥи олоххо биир сүрүн болҕомтону ылар хайысха — суол, тимир көлө, айан быраабылаларын туһунан кэпсэтии олус наадалаах. Сылтан сыл тимир көлө, суоппар ахсаана эбиллэн иһэрэ билигин кими да соһуппата буолуо. Маны тэҥэ, күнтэн күн тиэхиньикэнэн айанныырга көҥүлү ылыы, суол быраабылалара, сокуон ирдэбиллэрэ, тимир көлөнү оҥоруу, сурукка киллэрэн суолга сылдьарын көҥүллээһин уо.д.а. хайысхаларга араас өрүттээх уларыйыылар киирдилэр уонна киирэ да тураллар. Биллэн турар, бу уларыйыылар сүрүн туһаайыылара – суолга киһи эчэйиитин аҕыйатыы.

Ааспыт сылы ылан көрдөххө, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн киһи эчэйиилээх 988 суол быһылаана бэлиэтэннэ (2015  с. – 994 этэ). Ол иһигэр, 100 киһи олоҕо быһынна (2015 с. – 119), 1281 киһи араас көрүҥнээх эт-хаан эчэйиитин ылла (2015 с. – 1258 ).

Маныаха 1977 сылтан саҕалаан көрдөххө, киһи суолга суорума суолланыыта муҥутаан, 2010 уонна 2015 сылларга аҕыйыы сылдьыбыта (119-туу киһи өлүүлээх). Уонна эппитим курдук, былырыын – 100 киһи.

— Ордук ханнык суолларга быһылаан элбэхтик тахсыбытый?

— Ааспыт сылга суол быһылаанын ханнык көрүҥэ элбэхтик тахсыбытын ылан көрдөххө:  суол саахалын үгүстүк тахсар көрүҥүнэн, массыыналар харсыһыылара буолар. Ол курдук, 2016 сылга — 308 (2015 с. — 333), киһи өлүүтэ — 25 (2015 с. — 18), эчэйии — 474 (2015 с. — 486).

Киһини түҥнэри көтүү – 289 (2015 с. — 302), ол түмүгэр киһи өлүүтэ — 29 (2015 с. — 26), эчэйбит киһи ахсаана – 274 (2015 с. — 290).

Массыына түҥнэстиитэ — 203 (2015 с. —184),  киһи өлүүтэ – 25 (2015 с. — 38), эчэйии – 304 (2015 с. — 242).

Ордук элбэх суол быһылаана  дьон олорор сиригэр, ол эбэтэр, куораттарга, дэриэбинэлэргэ тахсар: былырыын — 725 (2015 с. — 714), киһи өлүүтэ – 51 (2015 с. — 58), эчэйии – 861 (2015 с. — 816).

Оттон айан суолугар 2016 сыл түмүгүнэн — 362 быһылаан (2015 с. — 319), киһи өлүүтэ – 61 (2015 с. — 66), эчэйии — 569 (2015 с. — 466).

 — Уруулга арыгы иһэн баран олоруу туох содулга тиэрдиэн сөбүн туһунан туспа матырыйаал оҥоробут, ол да буоллар, кылгастык этэн аһарыаҥ дуо?

— Итирик туруктаах сылдьан айаннааһын түмүгэр, ааспыт сылга 115 суол быһылаана бэлиэтэннэ (2015 с. — 139), онно 30 киһи суорума суолланна (2015 с. — 44), 144 киһи эчэйии ылла (2015 с. — 210). Көстөрүн курдук, арыгы иһэн баран суол саахалын таһаарыы аҕыйаабыт. Манна арыгылааһыны утары охсуһуу, кэккэ улуустарга арыгы атыытын бобуу, дьон сыһыана, сокуон кытаатыыта о.д.а өйдөтөр-сэрэтэр үлэлэр барыта көмөлөһөллөр.

Ол курдук, ааспыт сыл устата уруулга итирик туруктаах айаннаабыт 8495 киһи эппиэтинэскэ тардылынна (2015 с. — 9507), ол иһигэр 1000-тан тахса киһи сыл иһигэр иккистээн түбэһэн холуобунай дьыалаҕа эрилиннэ.

 — Суол быһылааннарын сэрэтиигэ туох миэрэлэри ылаҕытый?

 — Үлэбит сөптөөх хайысханан баран иһэрэ ыарахан эт-хаан эчэйиитэ аҕыйаабытыттан, дьон бу эйгэҕэ сүрүн болҕомтотун уурар буолбутуттан көстөр. Холобура, кэлиҥҥи сылларга ГИБДД аатыгар нэһилиэнньэттэн элбэх көмө иһитиннэриилэр, суруйуулар, ырытыылар, этиилэр киирэллэр. Маны сэргэ, суол быһылаанын аҕыйатыыга, дьону кэмигэр сэрэтиигэ, сокуоҥҥа киирбит уларыйыылары нэһилиэнньэҕэ тиэрдиигэ сонуннары киэҥник тарҕатар ситимнэр, ол эбэтэр, хаһыат, араадьыйа, тэлэбиидэнньэ, интэриниэт улахан көмөнү оҥороллорун бэлиэтиибин.

Ону тэҥэ, нэһилиэнньэ бары араҥатын хабан, араас акциялары, анал тэрээһиннэри, рейдэлэри тиһигин быспакка ыытабыт, тэрилтэлэргэ, ол иһигэр, үөрэх тэрилтэлэригэр эмиэ, суол быһылааннарын сэрэтэр, сокуоҥҥа киирбит уларыйыылары билиһиннэрэр лиэксийэлэри ааҕабыт.

 — Самсон Васильевич, оттон иниспиэктэрдэр бэйэлэрэ бэрээдэги, сокуону тутуһуулара хайдаҕый? Уонна кинилэргэ бэрик биэрэ сатааһын түбэлтэлэрэ бааллара дуо?

 — Биллэн турар, бу хайысхаҕа эмиэ улахан болҕомтобутун уурабыт. Ыйыллар болдьоххо Госавтоинспекция сотрудниктарын өттүттэн сокуоннаһы кэһии 190 чахчыта булуллубутуттан, 1 холуобунай дьыала (РФ ХК 286-с ыст. 3-с чааһа, “Дуоһунас боломуочуйатын аһара барыы”) – 2015 сылга 8 холуобунай дьыала этэ, 189 – дьиссипилиинэни кэһии.

Иниспиэктэргэ административнай боротокуолу толорботун туһугар бэриги биэрэ сатааһын чахчытынан 22 холуобунай дьыала тэриллибитэ.

Маны таһынан, Госавтоинспекция сотрудниктара дьиссипилиинэни, сокуону тутуһууларын бэрэбиэркэлээһини былааннаан даҕаны, сэрэппэккэ да ыытабыт.

— Оттон ГИБДД полицейскайдара буруйу арыйыыга кыттыылара хайдаҕый?

— Барыта 1373 буруйу арыйдылар (2015 сылга 653 этэ). Олортон 53 массыынаны күрэтиини, 1 халааһыны, 12 уорууну, 20 наркотикка сыһыаннаах буруйу уо.д.а.

 — Хоруйдарыҥ иһин махтанабын, Самсон Васильевич.

Вера МАКАРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru/ 

Хаартыска: УГИБДД пропагандаҕа отдела.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0