Захар Саморцев — Кыайыы параадын кыттыылааҕа

23.06.2020
Бөлөххө киир:

Анемподист Софронов-Алампа “Саха ырыата” хоһооно Саха сиригэр сэбиэскэй былаас бүтэһиктээхтик олохтоммутун кэннэ суруллан баран, тута кэриэтэ матыып ­айыллыбыта. Бу кэлин уустук дьылҕаламмыт ырыа айыллыаҕыттан ыла кырдьыгы туруулаһар саха дьонун сайдыыга, түмсүүгэ алҕыырын таһынан, тыла-өһө, ис санаата, алыптаах тыына бар дьон дууһатын кылын таарыйан дорҕоон­ноохтук дуорайбыта…

“Саха ырыатын” алыптаах тыына туспа күүстээх-уохтаах, сырдык олоххо сирдиир киэптээх буолан, төһө да үрүҥ бастаанньыстар гимнэригэр кубулуйдар, ситимэ быстыбатаҕа. Итиэннэ, “айбыт аҕаларын” – Алампа Софронов, Адам Скрябин курдук, уустук дьылҕа, умнуллуу суолугар турбута.

Кыайыы параадыгар 1945 сыл бэс ыйын 24 күнүгэр “Тыгын кырдьаҕас саҕыттан” ырыа матыыба духовой аркыастыр толоруутугар сөп түбэһэр гына анал тупсарыыны баран, “Якутский победный марш” диэн ааттанан, Кыһыл болуоссат үрдүнэн сэбиэскэй буойуннары өрөгөйдүү дуорайбытынан устуоруйаҕа киирбитэ. Иччилээх-илбистээх “Тыгын кырдьаҕас саҕыттан” норуот сомоҕолоһуутугар тостубат тутаах, кыһалҕалаах кэмигэр түмэр, араҥаччылыыр кыахтаах буоларын истэн, хамыыһыйа чилиэннэрэ бу матыыбы талан ыллахтара.

Улуу Аҕа дойду сэриититтэн тыыннаах ордон хаалбыт Кыайыы параадыгар кыттыбыт саха уолаттара билэр, уу сахалыы матыыптарын Кыһыл болуоссакка истэн төһөлөөх сүргэлэрэ көтөҕүллүбүтэ буолуой?! Ити буолар ырыа уонна норуот кыайыыта, Алампа эппитинии: ”Туохха да тойон – норуот!”

Эрэпириэссийэ суоруна тааhа кинилэри мэлийэн күдэҥҥэ көтүппэтэҕэ буоллар, төhө сүдү улахан көмөнү саха култууратын сайдыытыгар оҥорон удьуор ыччакка бэлэхтиэхтэрэ эбитэ буолуой? Алампа уонна Адам Скрябин дьылҕалара, дьиҥ култуура дьылҕатын курдук, көмүстүү хаһан да өлбөөрүө суоҕа.

Адам Скрябин соҕотох ордон хаалбыт кыыһа Евдокия сэрии иннигэр кэргэн тахсан, сэттэ оҕо тапталлаах ийэтэ буолар. Кэргэнэ Подольскайдааҕы байыаннай архыып хас биирдии муннугун дьаныһан үөрэппит уонна өйүгэр хатаабыт, үгүс сэмэй саха дьонугар, Дьоруой сулуһугар тиийэ, эргиллибэттии мэлийбит бойо­буой наҕараадаларын төннөрбүт, ким, ханна өлбүтүн, сүппүтүн чопчулаабыт бөдөҥ учуонай-устуорук этэ. Биир киһи холугар баппат үлэни үлэлээбит, олоҕун уонтан тахса тыһыынча сахалар бо­­йобуой суолларын үөрэтиигэ анаабыт, Аҕа дойду Улуу сэриитин үөрэтиигэ научнай оскуоланы төрүттүүр төһүү буолар кэнсиэпсийэни оҥорбут Дмитрий Дмитриевич Петров этэ. Кини нэһилиэстибэтин тарҕатаары, Кыайыы параадыгар кыттыбыт саха буойунун туһунан “Тыгын кырдьаҕас саҕыттан” матыып ааптарын сиэнэ аҕатын архыыбыттан булбут докумуоннары билсиэҕиҥ.

КЫАЙЫЫ ПАРААДЫГАР КЫТТЫБЫТ САХА БУОЙУНА КИМ ЭТЭЙ?

Захар Иннокентьевич Самор­цев 1913 сыллаахха кулун тутар 23 күнүгэр Мухтуйа Наахаратын нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Дьокуускайдааҕы педучилищены бүтэрээт, 1932 сыллаахтан Орто Наахара оскуолатыгар учууталлыыр, 1937-1940 сылларга ити оскуолаҕа дириэктэринэн үлэлиир. 1940 сыллаахха БКП(б) чилиэнэ, 1940-41 сыллаахха Ленскэй оройуоннааҕы кэмитиэтин агитация уонна пропаганда отделын салайааччытынан үлэлиир.

1942 сыллаах кыһыҥҥы хомуурга түбэспит Захар Саморцев үс ыйдаах офицерскай куурустары бүтэрбитин кэннэ, сэриигэ сүрэхтэниитин генерал Павел Батов 65-с аармыйатыгар стрелковай рота хамыһаарынан саҕалыыр.

Учуонай-устуорук Дмитрий Петров байыаннай архыыптар биллибэт кистэлэҥ суолларын солообут эрэ буолбатах киһи. Чинчийээччи баай нэһилиэстибэтин көрдөххө, саха саллааттарын албан ааттарын ааттатар, үйэтитэр үлэтин өрөспүүбүлүкэ иһинэн уонна сэрии барбыт сирдэринэн ыыппыт эбит. Кини сэдэх көстөр өйдөбүнньүк суруктарын быыһыттан сэрии ыар сылларын санатар Захар Саморцев боччумнаах куолаһа итэҕэтиилээхтик иһиллэр. Ийэ дойду чиэһин уонна көҥүлүн иһин бэйэтин харыстаммакка элбэх хаанын тохпут хорсун буойун хоо­дуот быһыыта киһи санаатын өрө күүрдэн долгутар да, сөхтөрөр да.

Сталинград кыргыһыытыгар Кыһыл Аармыйа кимэн киирэн Германия сэбилэниилээх күүстэрин билиэн ылыыта Аҕа дойду сэриитигэр быһаарыылаах кыа­йыы ­буолбута. Тыҥааһыннаах кыргыһыыга хорсуннук уонна сатабыллаахтык Ийэ дойду көмүскэлин түстэспит саха буойуннарын ортолоругар бу ситиһиигэ быһаччы кыттыгастаах З.И. Саморцев баара.

Сталинградскай кыргыһыы күөдьүйэ турар кимэн киириитигэр 25 тааҥкалаах, 250 саллаат­таах тааҥкабай десант хамандыыра З.И. Саморцев өлөр-тиллэр кирбиитигэр хорсуннук кыргыспытын туһунан ахтыытын учуонай-ус­­туорук Д.Д. Петров 1961 сыллаахха Ленскэй оройуонугар тиийэн, Захар Иннокентьевич кэпсээбитин суруйан ылбытын билсиэххэйиҥ:

«Немцы крепко засели на нем. Укрепившись, день и ночь не прекращалась артиллерийская канонада. Противник несколько раз в день поднимался в атаку.

«Не отступать!» таков был приказ. И наши бойцы, командиры, проявляя мужество и храбрость, стойко сражались, отбивали все атаки врага. К этому времени стало подходить подкрепление. В ряды бойцов влились сибиряки. Пришла новая техника. Готовилось наступление.

В назначенный час десантный отряд перешел в наступление. Несколько часов длился бой. Гитлеровцы открыли яростный огонь, но наши бойцы продолжали атаку. Когда началось наступление основных сил подразделения, небольшой отряд десантников ударил по фашистам с тыла. Разъезд был освобожден».

Фашистар талыы бөлөхтөрүн утары халбаҥнаабакка, биир да харыс сири өстөөххө биэрбэккэ, халабырдьыттар кимиилэрин төттөрү охсон, хоодуоттук уонна сатабыллаахтык охсуспут Захар Саморцев тааҥкабай десана 7 тааҥкалаах, 87 буойуннаах хаалар. Хорсун хамандыыры «Кыһыл Сулус» уордьанынан наҕараадалыыллар уонна «За Родину» фронтовой хаһыакка сатабыллаах саха уола Саморцев итэҕэтиилээх холобур буоларын туһунан ыстатыйа тахсар.

СТАЛИНГРАД КЫРГЫҺЫЫТЫГАР

Фельдмаршал Паулюс аармыйатын урусхаллааһыҥҥа элбэх сүтүктэммит Саморцев хамандыырдаах тааҥкабай десант Сталинград куоракка биир сөҕүмэр балаһыанньаттан, өстөөх төгүрүктээһиниттэн төлө көтөн тахсан турардаах.

Биир дьиэҕэ тоҕо анньан киирэн өстөөҕү утары илии кыргыһыыта буолбут. Ордубут ньиэ­­мэстэр үөһээ этээстэргэ куоппуттар, утары турар дьиэттэн өстөөх уордаах уоту аспыт. Түмүгэр, десантниктар икки уот быыһыгар баар буола түспүттэр. Үс түүнү-күнүһү быһа үлүскэннээх ытыалаһыы туох да халбаҥнааһыны аҕалбатах, аччыктааһын саҕаламмыт. Бастакынан ньиэ­­мэстэр тулуйбатахтар – иккис этээстэн үрүҥ былаахтаах, кутталыттан салҕалас буолбут парламентер, илиитин хамсааһыныттан өйдөөтөххө, утары дьиэҕэ ас ыла барарын биэтэҥнии туран быһаарбыт. Хамандыыр Саморцев көрүөх бэтэрээ өттүгэр чааһыттан аһылык аҕалтараары биир буойунугар үрүҥ таҥас лоскуйун туттарбыт уонна таарыйа, биллэрбэккэ миинэ аҕаларыгар дьаһал биэрбит. Төһө өр аһылык соһо сылдьыбыттара биллибэт, арай биир түүн дьиэни дэлби тэптэрэн чаастарыгар тыыннаах төннүбүттэрэ биллэр. Сталинград кыргыһыытыгар ытык иэһин чиэстээхтик толорбут, булугас өйдөөх хамандыыры Аҕа дойду сэриитин II истиэпэннээх уордьанынан наҕараадалыыллар.

БЭРГЭН ЫТААЧЧЫ

Дивизия сүрүн күүһэ Донец өрүһү туорууругар З.И. Саморцев тааҥкабай десана албан ааттаах суолларын салҕаан, ити хайысхаҕа баар суос-соҕотох муостаны тоҕо анньан, стратегия өттүнэн улахан суолталаах өрүс туорааһынын былдьаан ылыахтааҕа. Элбэх ытыалыыр уйалары туппут, боробулуоха буомнары оҥорбут, кутуйах да ааспат гына бүттүүн бүөлэнэн турар бөҕөргөтүүнү үнтү тэпсэн муостаны туораабыттарын кэннэ, хамандыыр тааҥкатын өстөөх противотанковай орудиета тоҕо ытан, экипаж чи­­лиэннэрэ бары кэриэтэ суорума суолламмыттар. Сыккырыыр тыына эрэ хаалбыт хамандыыр ыараханнык бааһыран, контузияланан, хас да ый Саратов куоракка госпиталга сытан эмтэнэр. Ол кэннэ, старшай лейтенант Саморцев пулеметнай рота хамандыырынан ананан, Курскай Тоҕойго сэриилэһэ турунар.

Хамандыыр быһыытынан З.И. Саморцев булугас өйдөөх, кыһамньылаах буолан, хотторуулаах кыргыһыы кэннэ саллааттар ис дууһалара мунчаарарыгар сөптөөх өйөбүлү оҥороро. Учуутал,

салайааччы үлэлэригэр эриллэн хатарыллыбыт буолан, психологияны үчүгэйдик билэрэ көмө буолара. Суостаах сэриигэ кимэн киирии өлүүттэн быыһаныы буолбакка, Кыайыыга дьулуһуу буоларын, тус бэйэтэ өттүк-өттүккэ сылдьан өстөөҕү үүйэ-хаайа тутан, өлүү төлөрүйбэт оҥоһуутун тэҥҥэ үллэстэн дакаастыыра саллааттар халбаҥнаабат буолууларыгар тутаах күүс буолара.

Захар Иннокентьевич тааҥкабай десант уонна бүлүмүөтчүктэр роталарын хамандыыра эрэ ­буолбатах этэ, кини өссө көмүскэнии сэриитигэр снайпер-стрелок быһыытынан дивизиятыгар биллэрэ. Ол туһунан суруйбат буоланнар, норуот соччо бэргэн ­ытааччытын билбэтэ хомолтолоох, кини снайперскай ахсааныгар 87 фашиһы өлөрбүтэ биллэр.

Дьоруой буолаары төрөөбөтөх саха уолаттара Ийэ дойду көмүс­кэлигэр уһулуччу хорсун быһыыны көрдөрөллөрө үтүө сигилилэриттэн үөскүүрэ. Чулуу сэрииһиттэринэн сураҕырбыт саха буойуннара хорсун быһыыларын дьиппиэннээх, дьоһуннаах майгыларынан, туох да уһулуччута суох күннээҕи бойобуой үлэнэн ааҕаллара.

КЕНИГСБЕРГ КИРИЭППЭҺИ ЫЛСЫБЫТА

Үс чаастаах артподготовка кэннэ муус устар 6 күнүгэр күнүс III Белорусскай фронт командующайа, маршал А.М. Василевскай бирикээһинэн тэриллибит штурмовой этэрээттэр бөлөхтөрө Кенигсберг кириэппэс-куоракка кимэн киириилэрэ саҕаланар. 81 чааһынан ньиэмэс илиҥҥи тирэҕэ, Германия бастыҥ кириэппэһэ, сүүс тыһыынчалаах аармы­йатын сүтэрэн, сэрии уотун тохтотор. Кенигсберг куораты “абсолютно неприступный бастион немецкого духа” диэбит Гитлер баҕайы, ииримтийэ кыыһыран, кириэппэс коменданын өлөрөргө бириигэбэрдиир.

Ааспыт үйэтээҕи бөҕөргөтүллүбүт бастионнары, таас дьиэлэри, тимир бетон куйахтаах ытыалыыр уйалары, окуопаҕа туруоруллубут тааҥкалары, миинэлээх уулуссалары уҥуордаан, уохтаах-кылын­наах көмүскэнэр кирбиилэри урусхаллаан, гвардия капитана Захар Саморцев батальона Кенигсберг-Пиллау икки ардынааҕы сүдү суолталаах тимир суолу кимэн киирэн ылаллар, ньиэмэс муоратааҕы “Земланд” бөлөҕүн ситимин быһаллар. Ол кэннэ, Илиҥҥи Пруссияҕа хаалбыт өстөөх тиһэх “Земланд” бөлөҕүн эһэр соруктаах Германия муора сэриитин тирэҕэр – Пиллау кириэппэскэ тиийэллэр. Тыҥааһыннаах охсуһуу түмүгэр муус устар 26 күнүгэр Пиллау кириэппэс көмүскэлэ урусхалламмыта.

Сэрии бүтэрэ аҕыйах хонук хааллар да, өлөрү-тиллэри кэрэйбэккэ, Илиҥҥи Пруссиятааҕы эпэрээссийэни түмүктэспит эр санаалаах хомуньуус Захар Иннокентьевич Саморцев Аҕа дойду сэриитин I истиэпэннээх уордьанынан, кэлин, кириэппэс-­куораты ылыы иһин ураты мэ­­тээлинэн “За взятие Кенигсберга” наҕараадаланар.

Пиллау кириэппэс аттыгар III Белорусскай фронт командующайа, маршал А.М. Василевскай массыыната өстөөх артиллериятын ытыалааһыныгар түбэһэн өлө сыһан турардаах. Кини бирикээһинэн – ким фляжкатын Балтийскай муора уутунан бастакы толорбукка, Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойун аатын иҥэрэргэ диэн буолбута. Сталинград, Курскай кыргыһыыларыттан саҕалаан Пиллау кириэппэскэ диэри үстэн тахса сыл сэриилэспит З.И. Саморцев, Кыһыл көмүс Сулуска түспүт буойуннартан икки чаас хойутаан, Балтика уутунан фляжкатын толорбут.

СТАЛИНЫ, ЖУКОВЫ ИЛЭ ХАРАҔЫНАН КӨРБҮТЭ

1945 сыллаахха Москваҕа Кыһыл болуоссакка Кыайыы па­­раадыгар Саха сириттэн 14 буо­йун кыттыбыта биллэр. Кинилэртэн биһирэм миэстэҕэ Захар Иннокентьевич Саморцев турар. Кини 200 талыы буойун иһигэр киирэн, Кыайыы параадын өрөгөй хаамыытыгар кыттыбатаҕа, Кремль истиэнэтин өйөөн туран, байыаннайдар параадтаан ааһалларын көрбүтэ. 1 400 киһилээх байыаннай аркыастыр Кыайыы маршын оонньоон бүппүтүн кэннэ, барабаан охсуутунан доҕуһуоллатан, Саморцевтаах 200 фашист дивизиятын штандартын Ленин мавзолейын иннигэр оҥоһуллубут кыра үрдэл муостаҕа быраҕар чиэскэ тиксибиттэрэ, 2-с Аан дойду сэ­­риитин устуоруйатыгар киирбиттэрэ.

Сарсыныгар Саморцев Кремль Георгиевскай саалатыгар приемҥа ыҥырыллар, Сталины, Жуковы илэ хараҕынан көрөр. Ол үөрүүлээх, долгутуулаах түгэнтэн Захар Иннокентьевич Саморцев кэпсээбитин Д.Д. Петров сурунан ылбыта архыыбыгар харалла сытарын таһаарабын:

«Воины Прибалтийского фронта в районе Кенигсберга добивали Курляндскую группировку. Были тяжелые бои, мы несли большие потери. Сильно поредел 270-й гвардейский полк 91-й стрелковой дивизии, где в то время был комбатом.

После окончания боев 91-я стрелковая дивизия отправилась в Москву, ей была доверена огромная честь стать участником Парада Победы.

Сводный отряд командного состава дивизии был отобран для того, чтобы бросить к подножью Мавзолея штандарты поверженных фашистских соединений. Это было потрясающее зрелище. После парада мне, в числе трех комбатов нашего полка, довелось быть на банкете в Георгиевском зале Кремля». (Д.Д. Петров. Рукопись. Ленский район. 1961 г.)

Гвардия капитана З.И. Саморцев бойобуой суола Сталинградтан саҕалаан, Курскай Тоҕойго хаанын тоҕон, Днепр өрүһү туо­­раан, Литваны босхолоон, Илиҥҥи Пруссияны уҥуордаан, Кенигсберг бөҕөргөтүллүбүт куораты штурмалаан, Япония Квантунскай аармы­йатын урусхаллыыр сэриигэ кыттар. Түөрт төгүл бааһыран, контузияланан, түөрт төгүл бойобуой уордьанынан, мэтээллэринэн наҕараадаланан, Кыайыы параадыгар кыттан, 1945 сыл атырдьах ыйын 30 күнүгэр сэриигэ кыттыытын түмүктүүр.

«Саха сирэ» хаһыакка, edersaas.ru саайтка анаан

Панкратий ПЕТРОВ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0