Бэйэни хааччахтаан олорууну тутуһар ирдэнэр

09.04.2020
Бөлөххө киир:

Өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Айсен Николаев бэйэни хааччахтаан дьиэҕэ олоруу эрэсиимин кэһэр дьоҥҥо ыстараап туһунан иһитиннэрдэ.  

Дьиэҕэ хааччахтаан олорууну кэспит тас дойдуттан кэлбит уонна аҕам саастаах дьон, ону сэргэ иҥмит ыарыылаах (хроническэй) дьон бастакы уочарат ыстарааптаныахтара. Маны барытын быраабы араҥаччылыыр уорганнар кэтиэхтэрэ.

Административнай быраабы кэһии кодексатын 20.6.1 саҥа ыстатыйатынан Саха сирин олохтоохторун ыксаллаах быһыы-майгы кэмигэр быраабылалары кэһии диэн ыстарааптыахтарын сөп. Ол курдук, ыстараап гражданнарга — 1 000-ттан 30 000 солкуобайга тиийэ, дуоһунастаахтарга — 10 000-ттан 50 000 солкуобайга тиийэ, юридическэйдэргэ 100 000-ттан 300 000 солкуобайга тиийэ буолуон сөп.

Билиҥҥитэ тырааныспарга анал пропуск көрүллэрэ наадата суох, ол эрээри бэйэни хааччахтаан олорууну тутуһар ирдэнэр. Ыйаахха уларыйыылар киирбиттэрэ.

Өрөспүүбүлүкэҕэ балаһыанньа билигин да тыҥааһыннааҕын, дьаҥ өссө да баарын Ил Дархан иһитиннэрдэ.

Ульяна Захарова, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0