Ааспыт өрөбүл күннэргэ СӨ Экологияҕа министиэристибэтин иниспиэктэрдэрэ Ис дьыала уорганын үлэһиттэрин кытта Дьокуускай куорат, Жатай, Аллараа Бэстээх уонна Мэҥэ Хаҥалас, Нерюнгри, Мииринэй, Алдан оройуоннарын аттынааҕы ойуурдарга рейдэҕэ сырыттылар.
Бу тэрээһин айылҕа харыстабылын сокуонун тутуһуу уонна коронавирус дьаҥа тарҕаныытын утары үлэ иһинэн ыытылынна диэн министиэристибэ пресс-киинэ иһитиннэрэр.
Рейдэ түмүгүнэн 368 киһини кытта профилактическай кэпсэтии ыытылынна, 68 “самоизоляция” эрэсиимин кэһии туһунан биллэрии туттарылынна. Ону таһынан, ыксаллаах кэмҥэ олохтоммут быраабыланы кэһии туһунан РФ сокуонун 20.6.1 ыстатыйатынан 11 боротокуол толорулунна.
Экология министиэристибэтэ Саха сирин олохтоохторун “самоизоляция” эрэсиимин тутуһарга ыҥырар уонна эрэсиими кэһии, бигэргэммэтэх сымыйа сураҕы тарҕатыы административнай уонна уголовнай эппиэтинэскэ тардылларын санатар.
Ньургуйаана Иванова, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска www.sakha.gov.ru