Самаркаҥҥа буолбут саммит түмүгүттэн

Ааптар: 
24.09.2022
Бөлөххө киир:

Шанхайдааҕы бииргэ үлэлэһии түмсүүтүн саммита быйыл Узбекистаҥҥа ыытылынна. Саммикка быйыл Иран холбосто. Турция, Монголия, Азербайджан түмсүүгэ улахан суолтаны биэрдилэр. РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин бу түмсүү салгыы да үлэтэ-хамнаһа кэҥии туруоҕун, манна үгүс дойду кыттыһыаҕын биллэрдэ.

Историяттан

Шанхайдааҕы бииргэ үлэлэһии түмсүүтэ норуоттар икки ардыларынааҕы тэриллии буолар. Бу түмсүүнү 2001 сыллаахха Кытай, Арассыыйа, Казахстан, Кыргызстан, Таджикистан, Узбекистан салайааччылара тэрийбиттэрэ. Кэлин түмсүүгэ Индия уонна Пакистан киирбиттэрэ. Быйылгы саммикка Иран холбосто. Ону сэргэ Белоруссия кэтээн көрөр дойду статуһуттан түмсүү чилиэнэ буоларга докумуона көрүлүннэ. Онон түмсүү Евразия дойдуларын сирин 60 бырыһыанын ылар буолла.

Түмсүү сүрүн сыала туохханый диэтэххэ, бастатан туран, манна киирбит дойдулар экэниэмикэни сайыннарыыга, терроризмы, сепаратизмы, экстремизмы, наркотигы тарҕатыыны утары үлэлэһэллэр. Энергетика, наука, култуура, үөрэх боппуруостарыгар биир бырайыактардаахтар. Түмсүүнү тэрийии туһунан өссө 60-с сыллардаахха көтөҕүллэ сылдьыбыта. Оччолорго ССРС уонна Кытай Народнай Өрөспүүбүлүкэтэ сири-уоту быһаарыыга үлэлэһэ сылдьар кэмэ этэ. Онтон Сэбиэскэй Сойуус суох буолбутун кэннэ Арассыыйа уонна Азия дойдулара эбиллибиттэрэ.

Түмсүү мунньаҕа сылга биирдэ буолар. Узбекистаҥҥа бу төрдүс төгүлүн саммит ыытылынна. Бу иннинэ 2004, 2010, 2016 сыллардаахха ыытыллыбыта.

Быйылгы саммикка

Быйылгы саммикка Арассыыйа, Кытай, Узбекистан, Казахстан, Кыргызстан, Таджикистан, Индия, Пакистан, Иран, Белоруссия, Монголия, Турция, Азербайджан, Туркмения лидердэрэ кытыннылар. Монголия кэтээн көрөр дойду статустаах. Азербайджан, Турция кэпсэтиигэ кыттыһар дойдулар быһыытынан кыттыыны ыллылар. Оттон Туркмения ыҥырыылаах ыалдьыт быһыытынан. Норуоттар икки ардыларынааҕы түмсүүлэртэн Холбоһуктаах нациялар түмсүүлэрэ, ЮНЕСКО, Тутулуга суох судаарыстыбалар түмсүүлэрэ, Евразиятааҕы экономическэй сэбиэт, о.д.а. кытыннылар.

Саммит кэмигэр барыта 40-тан тахса улахан докумуоннарга илии баттанылынна. Ол курдук, дойдулар икки ардыларыгар визанан сылдьыы бэрээдэгин судургутутууга, туризм сайдыытыгар, наукаҕа, технологияҕа, саҥаны киллэриигэ, үөрэхтээһиҥҥэ, дойдулар икки ардыларыгар таһаҕаһы таһыыга, тыа хаһаайыстыбатыгар, доруобуйа харыстабылыгар, спорка, ньиэп, гаас эйгэлэригэр, о.д.а. дуогабардар түһэрсилиннилэр.

Арассыыйа

РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин саммит кэмигэр дойдулар лидердэрин кытары туспа көрсүбүтэ. Бу көрсүһүүлэр чэрчилэринэн, үгүс этии оҥоһуллубута. Холобур, Монголия уонна Кытай Народнай Өрөспүүбүлүкэтин салайааччыларын кытары көрсүһүүгэ Кытай премьер-миниистирэ Си Цзиньпин Арассыыйаны кытары таһаҕаһы таһыы 200 млрд дуолларга диэри тиийиэҕин туһунан иһитиннэрэн туран, экэниэмикэҕэ, энергетикаҕа, быраамысыланнаска ылыныллыбыт бырайыактары салгыы да сайыннара туруоҕун, национальнай валютанан атыыны-тутууну ыытыы өссө кэҥиэҕин туһунан эппитэ. Ону сэргэ дойдулар аан дойду үрдүнэн бүрүүкээбит уларыйыыларга санааларын эттилэр.

Саммит аһыллыытыгар Владимир Владимирович Шанхайдааҕы түмсүү биир сиргэ тэпсэҥнээн турбакка аан дойду экэниэмикэтигэр, норуоттар икки ардыларынааҥы сыһыаҥҥа күүскэ үлэлэһэрин бэлиэтээн эттэ.

– Шанхайдааҕы бииргэ үлэлэһии түмсүүтүн үлэтэ өссө кэҥээн иһэриттэн мин үөрэбин. Норуоттар икки ардыларынааҕы, эрэгийиэннээҕи боппуруостары быһаарыыга, Евразия дойдуларыгар эйэни олохтооһуҥҥа, дойдулар туруктаах буолууларыгар үлэлэһэр, манна улахан оруолу ылар буолла. Аан дойду үрдүнэн уларыйыы-тэлэрийии кэмигэр бу улахан суолталаах, – диэн этэр кини.

Владимир Владимирович этэринэн, дойдулар экэниэмикэлэрин сайыннарыыга түмсүү ылар оруола улахан.

– Саммит кэмигэр урут да, билигин да экэниэмикэ боппуруостара биир сүрүн миэстэни ылаллар. Бары куолаан атыы-тутуу боппуруостарыгар, коммерческэй бырайыактарга, национальнай харчыларынан төлөһүүгэ үлэбит хайысхата кэҥии турар. Ону таһынан энергетика, үп-харчы эйгэтигэр тас дойдулары кытары үлэлэһиибит тэтимин ыһыктыбат. Араас хааччаҕы киллэрэ сатыыр дойдулартан ураты биһиги эрэгийиэннэр сайдыыларыгар, таһаҕаһы таһыыга үлэлэһэ олоробут, – диэн бэлиэтиир.

Дойду бэрэсидьиэнэ култуураҕа сыһыаран саммикка түһэрсиллибит дуогабардартан туризмы сайыннарыыга, музейдар дьыалаларыгар түһэрсиллибит меморандуму ааттаата. Ону таһынан спорка улахан күрэхтэһиилэри тэрийиини эттэ. Иран быйыл түмсүү чилиэнин быһыытынан кыттарын, быйылгы саммикка Белоруссия кэтээн көрөр дойду статуһуттан көһөн түмсүүгэ куолаһы ылар толору бырааптаныаҕын ойуччу тутан бэлиэтээтэ. Итини сэргэ быйыл саммикка Египет, Катар, Саудовскай Аравия кэпсэтиигэ кыттыһар дойдулар статустарын ылбыттарын, маннык статуһу ыларга Бахрейн Королевствота, Кувейт, Мальдива, Мьянма, Араб Холбоспут Эмираттара докумуон биэрбиттэрин болҕомтотугар ылла.

Манна даҕатан эттэххэ, бу эрэ судаарыстыбалар буолбакка салгыы да Африка, Азия соҕуруулуу-илин дойдулара түмсүүгэр улахан интэриэстээхтэрэ көстөр.

Түмүк

Саммит түмүгүн уопсай ылан эттэххэ, кэпсэтиигэ кыттыбыт судаарыстыбалар бары кэриэтэ атыыны-тутууну национальнай валютанан ыытыы судургутун уонна табыгастааҕын бэлиэтээтилэр. Турция эмиэ бу хамсааһыҥҥа киирсэн, сотору кэминэн гааһы 25 бырыһыанын солкуобайынан төлөһүөҕүн иһитиннэрдэ. Кытай Арассыыйаны кытары салгыы да улахан бырайыактарга үлэлэһиэҕин биллэрдэ. Ону таһынан Украина чааһыгар Арассыыйаны өйүүрүн биллэрэн, арҕааҥҥы дойдуларга эмиэ уйаларыгар уу киллэрдэ.

Шанхайдааҕы түмсүү быйылгы мунньаҕа тас дойдулар прессаларын болҕомтотун хаһааҥҥытааҕар тарта. Ол биир биричиинэтинэн бу түмсүүгэ арҕааҥҥы дойдулар уонна Америка бэлиитикэлэрин, сымнатан эттэххэ, соччо биһирээбэт дойдулар түмсүүлэригэр кубулуйан, Евразияҕа биир улахан түмсүү буолан эрэриттэн буолуон сөп.

Аграфена Кузьмина

Хаартыска: Сергей Бобылев / ТАСС

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0