Сураҕа суох сүппүт саллааты кэриэстээн…

03.04.2020
Бөлөххө киир:

Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, 2019 сыллаахха  төрөөбүтэ  100 сылын туолбут Егор Егорович Балбахов  1919 сыллаахха Өлүөхүмэ оройуонун  Улахан Муҥку сэлиэнньэтигэр төрөөбүтэ. Оскуолаҕа 7 кылааһы бүтэрэн баран, бэтэринээр кууруһугар үөрэммитэ уонна  аармыйаҕа ыҥырыллыар диэри улахан убайа Архип Егоровиһы кытары  “Правда” холкуоска  сылгы ииппиттэрэ. 1942 сыллаахха Аҕа дойду Улуу сэриитигэр  ыҥырыллан, ха­йыһар батальонун 1-кы отделениетын санитара, рядовай саллаат буолбута. 1943 сыллаахха “Бойобуой үтүөлэрин иһин” мэтээлинэн наҕараадаламмыта.

edersaas.ru

1944 сыл муус устар 4 күнүгэр  Летово-Стремутки дэриэбинэни босхолооһуҥҥа  сырдык тыына быстыбыта, Псков уобалаһыгар Стремутки дэриэбинэҕэ Бырааттыы көмүллүбүт буойуттар уҥуохтарыгар көмүллүбүтэ.

Псков хаһыата сөҕөн-махтайан суруйбута

Рядовой саллаат Егор Балбахов сэриигэ хайдах өлбүтүн, ханна көмүллэ сытарын 2015 сыллаахха диэри билбэт этилэр. Онтон РФ Оборуонаҕа министиэристибэтин  “Подвиг народа”  электроннай архыыбын көмөтүнэн дьо­руой көмүллүбүт сиринэн Псковскай оройуон Стремутка дэриэбинэтэ буоларын быһаарбыттара.

Балбаахаптар аймах 2015 сыллаахха,  Аҕа дойду сэриитигэр Кыайыы 70 сылын көрсө  абаҕаларын сырдык аатын үйэтитээри үп-харчы кыттыһан, уруулар ааттарыттан Виссариан Балбаховы ыыппыттара. Виссарион Дмитриевич Балбахов – “СаХабар” уопсастыбаннай түмсүү бэрэссэдээтэлэ, СӨ атыы-эргиэн Бочуоттаах үлэһитэ, СӨ култууратын туйгуна.

Виссарион Балбахов айанныан үс нэдиэлэ иннинэ  “Саха сирэ” хаһыакка “Псков куорат таһы­нааҕы  сиргэ харалла сытар буойун аймахтаах дьон дойдуларын буорун биэрдэхтэринэ, илдьэн ­ууруом” диэн ыҥырыы таһаарбыта. Докумуоннарын илдьэ тиийэн, буойуттар ханна харалла сыталларын, сэриилэспиттэрин туоһулуур  докумуону ылар баҕалааҕа. Ол эрээри, бу ыҥырыыга ким да хардарбатаҕа…

Саллаат сиэнэ Виссарион Балбахов соҕотоҕун айаннаабыта.  Кини эһээтин уҥуоҕар баран сүгүрүйбүтүн туһунан “Псковская провинция” хаһыат суруналыыһа  Ульяна Михайлова маннык суруйбута:

… Кыайыы үбүлүөйүн көрсө саха саллаатын сиэнэ Виссарион Балбахов  эһээтин уҥуоҕар сүгүрү­йээри уонна чиэстээри, хас да тыһыынчанан килэмиэтири туо­раан кэллэ”.

Сахаларга бэргэнник ытыы уонна хайыһарынан сүүрүү  хааннарыгар баар. Биһиги Дьөгүөрбүт эмиэ оннук этэ. Кини санитар этэ. 1943 сыл  кулун тутар 15-20 күннэригэр охсуһуу кэмигэр миномет уонна бүлүмүөт күүстээх уотун аннынан ыараханнык бааһырбыт 22 байыаһы сэрии хонуутуттан таһаарбыта. Хорсунун уонна дьоруойдуу быһыытынан иһин,  “Бойобуой үтүөлэрин иһин” мэ­­тээлинэн наҕараадаламмыта. Кини 1944 сыллаахха муус устар 4 күнүгэр Кыайыыга аҕыйах кэминэн тиийбэккэ өлбүтэ…” — диэн саллаат сиэнэ Виссарион Балбахов кэпсээтэ.

Псковка кэлэр айанын ороскуотун аймахтара, доҕотторо уйуммуттар. Орто дойдуга үтүө са­­наалаах дьон элбэҕэр эрэнэн, манна кэлэрин туһунан кимиэхэ да иһитиннэрбэтэх. Кини алҕаһаабатах этэ. Балбаховы күндү ыалдьыт курдук көрсөн,  ыалдьытымсах буолууга эксээмэни чиэстээхтик толордубут. Бэтэрээннэр куораттааҕы сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Владимир Кузьмин ки­­ниэхэ Доҕордуу курган 55 сылыгар анаммыт мэтээли туттарда, Ядровскай уобалас баһылыга Олег Смирнов кинини Стремутка сэлиэнньэтигэр Бырааттыы көмүллүбүт буойуннар уҥуохтарыгар  илдьэн биэрдэ. Ыраахтан кэлбит ыалдьыт онно  эһээтин аата сурулла сылдьар өйдөбүнньүк билиитэлэртэн биирдэстэригэр  сибэкки дьөрбөтүн уурда уонна анал сиэри-­туому толордо. Онтон кыра дьааманы хаһан баран, Саха сириттэн аҕалбыт буорун кутта… Дьиктитэ диэн, кини ити сиэри-туому толорор кэмигэр ардах тохтоото, тыал уурайда уонна өйдөбүнньүк билии­тэлэргэ күн сардаҥалара түстүлэр…”. 

Оттон хорсун айанньыт Виссарион Балбахов бэйэтэ: “Көрдүгүт дуо, эһээм мин кэлбиппэр хайдах үөрбүтүн? Эһэм дууһата дьэ, уоскуйда, ону кытта мин дууһам эмиэ уоскуйда. Манна мин эһээм эрэ буолбакка, өссө да элбэх саха саллаата көмүллүбүтүн сэрэйэбин”, — диэн саҥа таһааран сүгүрүйбүтэ.

Егор Балбаахап  аатынан турнир ыытыллар

Балбаахаптар абаҕаларын кэриэстииллэрэ итинэн эрэ муҥурдамматаҕа. Егор Балбахов  кэ­­риэһигэр оҕолоро, аймахтара 2015 сылтан саҕалаан бильярдка турнир ыыталлар.

Турнир кыттааччылара да,  географията да кэҥээн, куорат­тааҕы, онтон  өрөспүүбүлүкэтээҕи таһымнанна. 2019 сыллаахха, Егор Балбахов төрөөбүтэ 100 сылыгар анаан ыытыллыбыт турнирга  тоҕус улуустан  90-ча киһи кэлэн кыттыбыта.

Ньурба, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Уус Алдан, Чурапчы, Таатта, Мэҥэ Хаҥалас, Орто Халыма, Томпо улуустарыттан уонна Дьокуускайтан    кэлбит хамаанда дьонуттан  кыа­йыы өрөгөйүн  60 саастаахтартан үөһээлэргэ  кыттааччы билбитэ.  Орто Халыма улууһуттан сылдьар  Василий Винокуров бастакы ­миэстэҕэ тахсан, “Штиль” бензопиланан уонна “Skat” электростан­циянан наҕараадаламмыта.

Маннык турниры  Балбаховтар  сыдьааннара (дьиэ кэргэттэрэ уонна аймахтара) 5 сыл устата бэйэлэрэ спонсордаан ыыталлар. Кинилэр ФБС (бильярд успуордун федерацията) бэрэссэдээтэлэ  Альберт Алексеевка, “Мир инструментов” Эргиэн киинин  салайааччыта  Владимир Мамаевка, “Леман” бильярд кулуубугар уо.д.а. махталларын биллэрэллэр.

Турнир ыытыллар сыалынан-соругунан Аҕа дойду Улуу сэриитигэр сураҕа суох сүппүт буойун аатын үйэтитии, кэлэр көлүөнэҕэ билиһиннэрии буолар.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru

Хаартыскалар: В.Балбахов архыыбыттан

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0