Саллаат ыар хаһыыта

24.01.2017
Бөлөххө киир:

Хайа баҕарар киһи олоҕор мүччyргэннээх сырыылар баар буолаллар. Ону эдэр сылдьаҥҥын соччо аахайбаккын, улахаҥҥа уурбаккын. Төттөрүтүн, табаарыстаргар маннык түгэн буолан турардаах диэн, киһиргии таарыйа кэпсэнэҕин. Оттон күн-дьыл аастаҕын аайы ол кэмнэри хараххар бу баардыы оҥорон көрөҕүн. Онно ардыгар киһи хомойор, хоргутар ыарахан кэмнэрэ, сороҕор киһи күлүөх түгэннэрэ баар буолааччылар.

Оскуоланы бүтэрбит сылбар соҕуруу үрдүк үөрэххэ туттарсан киирбитим. Үөрэхпин этэҥҥэ бүтэрэн, дойдубар аҕыйах хонук сынньанан баран, илин эҥэр улуус биир нэһилиэгэр биология уонна география учууталынан ананан үлэлии барбытым. Армияҕа ол күһүн тоҕо эрэ ыҥырбатахтара. Олохтоохтор эдэр киһини олус сонурҕуу, сэргии көрбүттэрэ. Кылгас кэм иһигэр элбэх доҕоттордоммутум. Бэйэм атын куораттарга сылдьан, билэрим-көрөрүм да элбэх курдуга.

Оҕолор даҕаны миигин ылыммыттара. Ыытар уруоктарбын олус сөбүлүүллэр этэ.

Киһи үчүгэйдик сырыттаҕына, үлэлээтэҕинэ күн-дьыл биллибэккэ ааһар эбит. Сыл аҥара адьас биллибэккэ ааспыта. Саҥа дьылы дойдубар ылан, дьоммун-сэргэбин көрсөн, ахтылҕаммын таһааран, кыһыҥҥы өрөбүллэр бүтэннэр үлэлиир дэриэбинэбэр барбытым. Учууталлар хосторугар киирбитим, учууталлар бары бааллар этэ. Саҥа чиэппэри былааннаан мунньахтаары олороллор этэ. Кинилэр быыстарыгар биир билбэт, ис киирбэх сырдык  кыыс олороро. Киирэн ыйыталаспытым, математика уонна информатика биридимиэттэрин саҥа учуутала эбит. Екатерина Николаевна эмиэ үөрэҕин саҥа бүтэрэн, сыл аҥаарыттан биһиги оскуолабытыгар ананан кэлбит.

Сыыйа кинилиин үчүгэйдик билсэн барбытым. Күн аайы саныыр санаам кини эрэ буолбута. Таптал диэннэрэ бу быһыылаах этэ.

Дэриэбинэҕэ баар табаарыстарбын кытары кэлии учуутал кыргыттар олорор хосторугар киэһэтин тиийэн олорор, кэпсэтэр буолбуппут. Ардыгар, Катялыын ыйдаҥалаах киэһэҕэ тахсан хаамсарбыт. Кини даҕаны миигин астынар быһыылааҕа. Миигинниин кэпсэтэригэр куолаһыгар долгуйара биллэр этэ. Итинник сыыйа бэйэ бэйэбитин сөбүлэһэн, бииргэ сылдьар буолбуппут.

Үлэлээбиппит биир сыла ааспытын кэнниттэн, алтынньы ый ортото хонтуораттан эрийэн: «Сарсын оройуоҥҥа аармыйаҕа күһүҥҥү хомуур саҕаламмытынан сибээстээн, военкомакка киирэ сылдьар үһүгүн» — диэтилэр. Хайыахпыный, бэбиэскэни туппут киһи быһыытынан сарсыарда туран оройуоҥҥа киирдим. Быраастарга эбиэккэ диэри көрдөрөн бүтэрбитим. Эбиэттэн киэһэ хамыыhыйа:«Кыһын ахсынньыга куоракка киирэҕин, аармыйаҕа ылабыт» — диэтилэр. Эмискэ баҕайы быһаара охсубуттарыттан соһуйан эрэ хаалбытым. Үлэлиир дэриэбинэбэр тиийэн, дьоммор эрийдим, сонуммун барытын кэпсээтим. Улаханнык аахайбатылар, ытык иэскин баран төлүөххүн наада эрэ диэтилэр. Арай, Катяҕа эппиппэр: «Этэҥҥэ сырыттаххына икки сыл биллибэккэ ааһыаҕа дии, мин күүтүөҕүм» — диэн санаабын син көтөхтө. Дьиҥэр, ол кыһын сүрэхпитин холбуур, бииргэ олорор былааннаах этибит.

Куоракка Катялыын бииргэ киирбиппит. Сарсыҥҥытыгар эмиэ быраастарга көрдөрөн, ханна барарбын быһаардылар. Икки хонугунан Хабаровскайга барар буоллум.

Итинник сухопутнай войскаҕа ананан, сыл курдук бириэмэ ааһа охсубута. Бу тухары Катялыын суругунан кэпсэтэрбит. Суругун ис хоһооно өрүү миигин күүтэрин туһунан этэ. Аны биир сылы этэҥҥэ сырыттарбын киниэхэ тиийиэм, хайаан даҕаны бииргэ буолуохпут диэн ыра санаалааҕым.

Ол эрэн оннук күн үүммэтэҕэ диэххэ сөп…..

Биир түүн утуйа сыттахпытына аймалҕан бөҕөтө буолла. Уонча саллаат арыгылыы олорон тыл тылларыгар киирсибэккэ охсуһан турбуттар. Остуол оҥостубут дьааһыктарын үрдүгэр умайа турбут чүмэчилэрэ сиргэ түһэн, уота таҥаска хатанан, саа-саадах ыскылаата бүтүннүү умайан барбыт. Хамандыырдар ыскылаат күүскэ умайа илигинэ сорох сэрии сэбин таһырдьа таһаарыҥ диэн бирикээстээтилэр .Хайыахпытый, ыскылаат биир өттүгэр баар аанынан сэрии сэбин таспытынан бардыбыт. Онтон ким эрэ: «Бары куотуҥ! Уот снарядтарга тиийбит!» — диэтин кытары, үлүгэрдээх тыас-уус буола түстэ. Бары үрүө-тараа сүүрдүбүт. Мин саҥардыы ыскылаат иһиттэн сүүрэн тахсан истэхпинэ, уҥа өттүм бүтүннүү уот аһыйа түстэ. Атаҕым хамсанарбын истибэт буолан хаалла. Оннук хаһыытаабытынан сиргэ умса баран түстүм. Ыарыыбыттан өйбүн сүтэрдим.

Биирдэ өйдөнөн кэлбитим балыыһаҕа сытар эбиппин. Бырааһым нэдиэлэттэн ордук өйө суох сыппыппын эттэ. Аттыбар снаряд эстэн, уҥа улиибин уонна атахпын бүтүннүү илдьэ барбыт. Тыыннаах хаалбыппар баһыыба.

Катям күн аайы кэлэн көрсөрө. Ыар аһыытын биллэрбэт буола сатыыра. Күн аайы барыта этэҥҥэ буолуо диэхтиирэ. Ол эрэн, этэҥҥэ буолбатын бэйэм даҕаны үчүгэйдик өйдүүрүм. Кэлин, хас кэллэҕин аайы «Аҥаар атаҕа да, илиитэ да суох киһини манаан олоруоҥ дуо? Миигин умун» — диирим элбээн барбыта. Оннук гынан сыыйа бэйэбиттэн тэйиппитим. Билигин ханна эрэ хоту улууска кэргэн тахсан ыал ийэтэ буолбут сураҕын истибитим… Арай… Билигин кэлэн тугу уларытыахпыный…

Уол.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0