Арассыыйа норуоттарын култуурунай нэһилиэстибэтин, Саха АССР 100, Үөһээ Бүлүү улууһугар Ийэ тыл сылларыгар аналлаах, XV Олоҥхо ыһыаҕын көрсө Үөһээ Бүлүү нэһилиэктэринэн, тэрилтэлэринэн айанныыр алгыстаах чороону бэҕэһээ Быракаан култууратын үлэһиттэрэ Өргүөт олохтоохторугар үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттардылар.
Санатар эбит буоллахха, алгыстаах чороон айанын улуус саамай ыраах сытар, Туобуйа нэһилиэгиттэн саҕалаабыта.
⠀
Олоҥхо ыһыаҕын ытык өйдөбүллэрин, итэҕэллэрин, култууратын киэҥ эйгэҕэ билиһиннэрэр сыаллаах туһуламмыт алгыстаах чороону Өргүөт нэһилиэгин олохтоохторо сахалыы сайбаччы таҥнан, ырыанан, үҥкүүнэн, хомус дьүрүскэн алыптаах тыаһынан уруйдуу-айхаллыы көрүстүлэр.
⠀
100 сыыппаралаах саха норуотун баай култууратын кэрэһэлиир сэргэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин гербэтэ, саха халандаара, Олоҥхо ыһыаҕын бэлиэтэ уонна ытык кырдьаҕаспыт, ийэ олоҥхоһут Кирилл Никонович Никифоров мөссүөнэ ойууламмыт бэлиэлэрдээх чороону дьон-сэргэ олус кэрэхсии көрдө. Бу хас биирдиибитигэр дириҥ суолталаах санаалары үөскэтэр бэлиэлэрдээх алгыстаах чороону тутан, үгүс киһи хаартыскаҕа түһэн, бу үөрүүлээх түгэни үйэтиттэ.
⠀
Бэлиэ тэрээһин саха омук өрө тутар төрүт үҥкүүтүнэн – оһуохайынан түмүктэннэ. Сарсын алгыстаах чороону Далыр нэһилиэгэр туттараары бэлэмнэнэллэр.
⠀
Чопчулуур эбит буоллахха, алгыстаах чороон айана бэс ыйын 19 күнүгэр XV Олоҥхо Ыһыаҕын “Өрөөбүт уоһу өһүлэн, хоммут уоһу хоҥнорон” олоҥхону толорооччулар түһүлгэлэрин арыллыытыгар Ийэ олоҥхоһукка Кирилл Никонович Никифоровка туттарыынан түмүктэниэхтээх.
Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата