Салгын суудуналара ойуур баһаарыгар 543 туонна ууну куттулар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Эрэгийиэҥҥэ ойуур баһаардарынан уустук быһыы-майгы турар. Арассыыйа ЫБММ тус хонтуруолугар сэттэ ойуур баһаара баар.

Мииринэй оройуонун Арыылаах сэлиэнньэтин уоттан харыстыырга 295 киһи, 54 тиэхиньикэ үлэлиир. Ол иһигэр аэромобильнай бөлөх эмиэ баар. Бүгүҥҥү күҥҥэ балаһыанньа бигэтийдэ, уоту бохсууга үлэ барар.

Сунтаар улууһун Кириэстээҕин уонна Наахаратын таһыгар баар ойуур баһаарыгар Бе-200 сөмөлүөт үлэлиир. Манна сүүстэн тахса киһи, 23 тиэхиньикэ  баар.

Орто Халыма улууһун Налимскай бөһүөлэгэр уоту киллэрбэт туһуттан ЫБММ эрэгийиэннээҕи салаатын эбии бөлөҕө барда. Манна 60 киһи, 12 тиэхиникэ үлэлиир.

Суукка иһигэр түөрт салгын суудуната, ол иһигэр Арассыыйа ЫБММ икки Бе-200 сөмөлүөтэ, Ми-8 бөртөлүөтэ, Алроса Ми-8 бөртөлүөтэ 69-та сырыы оҥорон, 543 туонна ууну куттулар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0