ХАРАҤА ХОС: Салгын хаартыската буолуо дуу?

Ааптар:  Ааныс
16.09.2019
Бөлөххө киир:

Бу түбэлтэ 2013 сыллаахха Уус Алдан биир түгэх нэһилиэгэр буолбутун туһунан уопсайга бииргэ олорор кыыһым кэпсээн турардаах. Ол сайын нэһилиэктэн 15 көс тэйиччи турар сайылыкка сэбиэскэй кэмҥэ тутуллубут үлэ лааҕырын сөргүтэн, оҕолору сайылаппыттар.

Уруккута лааҕыр диэҥҥэ сылдьыбытах, төрөппүттэриттэн быстах да кэмҥэ тэйбэтэх оҕолор, көҥүлгэ көтөннөр, үөрүү-көтүү бөҕөтө буолбуттар. Сүүрбэччэ хонор буолан, мал-сал да элбэҕэ. Оҕолору оскуола таһаҕас тиэйэр массыынатын куусабыгар тиэйбиттэр. Ырыа-тойук, кэпсээн-ипсээн, күө-дьаа буолан, айаҥҥа туруммуттар. Отучча сыл өтөхсүйэн турбут Көрүүлээх сайылык биир сайыҥҥы киэһэ оҕо аймах саҥатынан туолан, сэргэхсийэ түспүт.

Урут бу сайылыкка олох күөстүү оргуйара. Пиэрмэни, дьиэлэри кытта киинэ тыйаатыра, лааппы, кулууп баара. Урукку тутуулар эмэхсийэн, алдьанан-кээһэнэн бүппүттэрин, оскуолаҕа дириэктэринэн саҥа ананан кэлбит эдэр киһи этии көтөҕөн, өрө тардыбыттара. Оҕолор сүүрбэ хонук иһигэр манна оҕуруот олордон, көрүөхтээхтэрэ-истиэхтээхтэрэ, ону тэҥэ сынньалаҥы дьүөрэлиэхтээхтэрэ.

Көрүүлээх абааһылааҕын туһунан дьон дөрүн-дөрүн ахтан ааһара. Ким аттаах дьону, сахалыы таҥастаах кыргыттары, оһуокайдыыр дьону көрбүт аатырара. Сорохтор урут пиэрмэҕэ үлэлээбит дьону көрбүттэрин кэпсииллэрэ. Аныгы оҕолор ону ол диэбэтэхтэр, сэрэхэчийэр да буоллахтарына, улахаҥҥа уурбатахтар.
Бастакы күнтэн дискотекалаан, муусуканы тэһэ барарынан холбообуттар. Ол күн түүн хойут утуйбуттар. Муннукка оронноох кыыс, оронун атыҥыраан, сатаан утуйбакка сыппыт. Ол сытан иһиттэҕинэ, эргэ кулууп диэки дьон кэпсэтэрэ иһиллэр эбит. Эмискэ чуолкай баҕайытык “Маша, бүгүн индийскэй киинэ көстөр үһү, ол кэнниттэн үҥкүү буолар” диэн кыыс саҥата иһиллибит. Сылайаммын ону-маны истэн эрэбин диэн, наадыйбатаҕа буолан сыппыт. Аны ол сыттаҕына, оһуокай саҕаламмыт. Урут нэһилиэктэригэр аатырбыт оһуокайдьыт оҕонньор баара үһү. Кыыс кини куолаһын эндэппэккэ билбит.

“Туох буоллай бу?” диэн түннүк сабыытын арыйан көрбүтэ, арай, сахалыы таҥастаах дьон ыһыах ыһа сылдьаллар эбит. Оһуокайдыыр дьон кэннигэр ат сүүрдүүтэ буола турар, аны эргэ өтөх таһыгар сэргэ туруора сылдьаллар. Кыыс олус соһуйбут, туох буоларын манаан, түннүгү өҥөйөн олорбут. Түргэтитиллибит киинэ курдук, тып-тап дьон оһуокайдаан бүтэн, аһаан-сиэн, күрэхтэһэн, күн көрсөн саҕалаабыттар. Ол эрээри, күннэрэ тахсыбатах, син балайда да тура сатаан баран тарҕаспыттар. Кыыс уутугар-хаарыгар киирэн, куттанара да ааспытын бэйэтэ да билбэккэ хаалбыт. Ол олорон, сылайбытын билбит, сыттыгар сытаат, утуйан хаалбыт.

Ол курдук, лааҕыр сезона ортолообут. Кыыс тугу көрбүтүн-истибитин кимҥэ да кэпсээбэтэх. Биир түүн утуйа сыттахтарына, куукунаҕа баар иһиттээх ыскаап сууллан, тыас-уус бөҕөтө буолбут. Утуйа сыппыт оҕолор бары соһуйан уһукта биэрбиттэр. Иитээччи туох буолбутун көрө тиийбит уонна, часкыйаат, төттөрү хоско сүүрэн кэлбит. Уоскуйбутун кэннэ ыйыталаспыттара, куукунаҕа халадаайдаах дьахталлар чэйдии олороллор үһү. Оҕолор иитээччилэрэ куттаммытын көрөн итэҕэйбиттэр, саҥата суох сарсыарда буоларын кэтэспиттэр.

Ол быһылаан кэнниттэн лааҕырадарыттан төттөрү нэһилиэккэ киирбиттэр. Оҕолор абааһыны көрбүттэрэ нэһилиэги биир гына толорбут. Аныгыс сылыгар лааҕыры саппыттар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0