Салгын хаартыската

Бөлөххө киир:

Урут оҕо сылдьан аҕабынаан убайбытыгар окко көмөлөhөрбүт. Киэhэ алааспытыгар, үүтээн таhыгар утуйаары сылдьан бары остуолга чэй иhэ олорбуппут.

Ол олордохпутуна чуумпуга ыраахтан тыраахтар айан­наан иhэрэ иhилиннэ. Сүүрбэччэ мүнүүтэнэн сабыыс-саҥа «Беларусь» тыраахтар алааска киирэн, КДП охсорун түhэрэн, охсуллубут сиргэ оҕустарар курдук арыылаан барда. Дьонум соhуйан: «Хайдах буолбут киhиний?» — диэт, убайдаах аҕам күөлү эргийэ ол тыраахтарга бардылар. Мин эhэм, бы­­раатым уонна икки убайым буолан балык сии хааллыбыт, убайдарым: «Туох дьикти киhитэй, чугас алаастарга маннык саҥа тыраахтардаах киhи суох буо­луохтаах этэ», — эҥин диэн кэпсэтэ олордулар. Барбыт дьоммут сирдэрин аҥаарыгар ситэ тиийбэккэлэр эрэ төттөрү эргийэн иһэллэр эбит. «Хайа, хайалара эбитий?» — диэн ыйыта тоhуйдубут, дьоммут саҥата суох олорон, табахтаан эҥин баран, аҕам убайа эттэ: «Бааска сылдьар», — диэтэ (мин аҕам аата Бааска диэн). Чугаhаан иhэн көрбүттэрэ, саҥа тыраахтарга аҕам эдэр эрдэҕинээҕитинэн олорор үhү, адьас дьон кэлбитигэр наадыйбат, хайыспат, охсорун көрөн баран олорор үhү. Биhиги куттанан барбыппытыгар аҕам: «Чэ, наhаа куттанымаҥ, салгыҥҥа олорон хаалбыта көстөрө буолуо», — диэбитэ (урут сопхуос саҕана аҕам тырахтарыыстыыр этэ). Ити түбэлтэ кэнниттэн 3-4 хонон баран күтүөппүт  уолун илдьэ от кэбиһэргэ көмөлөһө кэллибит диэн кэлбиттэрэ. Эбиэттии олорон күтүөппүт кэп­сиир:  «Бэҕэhээ күнүс от бугуллуу сырыттахпытына биир матасыыкыллаах киhи бугуллары быыhынан айан суолунан түргэн баҕайытык элээрдэн иһэр эбит», — диир. «Бу үлүгэр ку­­йааска итиччэ түргэнник көтүтэн иhэр киhи буора бурҕайбатый диэн муодарҕыы турдахпытына, олох чугаhаан аттыбытынан эрэ, сүүрбэ миэтэрэлээх сиринэн кэлэн ааста, көрбүппүт Бааска олох эдэр эрдэҕинээҕитинэн олорор», — диэн кэпсээннээх буолла. Күтүөтүм аах ыҥыран эҥин көрбүттэр даҕаны олох наадыйбат, көрбөт курдук туттан, кэлэн ааhа турбут үhү. Ону дьоммут туох эрэ буолбуттар быhыылаах диэн, билэ-көрө таарыйа, көмөлөhө кэлбиттэр эбит. Киэhэтигэр аhыы олорон убайым аах: «Мээнэҕэ инник салгыҥҥа көстүбэтэҕэ буолуо, онон арчылан», —  диэннэр, нөҥүө күнүгэр биир алгысчыт эдьиийигэр баран арчыланан кэлбитэ. Ол кэнниттэн этэҥҥэ, хата, туох даҕаны буолбатаҕа. Айылҕаҕа салгыҥҥа олорон хаалбыт көстүүлэр ханнык эмит бириэмэҕэ көстөн ааhаллар эбит.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0