Нам улууһун Салбаҥыгар биэс киһи коронавирус дьаҥыгар сутулунна

18.05.2020
Бөлөххө киир:

Нам улууһугар ыарыы туруоҕуттан тоҕус киһи ыалдьыбыта биллэр. Икки киһи номнуо үтүөрбүтэ, сэттэ киһи эмтэнэр. Бу сэттэ киһиттэн биэһэ — Салбаҥ олохтоохторо.

Салбаҥҥа ыалдьыбыт дьахтары оройуоннааҕы балыыһа пульмонологическай отделениетыгар киллэрбиттэрэ. Хантаактаспыт түөрт киһи эмиэ дьаҥҥа сутуллубута билиннэ. Бу дьон Намҥа уонна Дьокуускайга эмтэнэ сылдьаллар. Салбаҥҥа ыарыһахтары кытта алтыспыт 106 киһини быһаардылар. Ыарыы хантан тарҕаммыта биллибэт, Намнааҕы суһал штаб дьаҥы тарҕатааччыны көрдүүр.

Бүгүҥҥү күҥҥэ Салбаҥ олохтоохторо бары дьиэҕэ хааччахтанан олороллор. Бу иннинэ оҕолор оскуолаҕа үөрэнэ сылдьыбыт буоллахтарына, ыраахтан олорон үөрэниигэ көстүлэр. Элбэх киһи мустар сирдэрин дезинфекциялыыр үлэни күүһүрдэн биэрдилэр. Бэҕэһээ мэдиссиинискэй көмөнү оҥорорго уонна анаалыс тутарга көмөлөһө диэн Дьокуускайтан миэдиктэр биригээдэлэрэ көтөн тиийбитэ.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0