Салайар талааннаах артыыска этэ

Бөлөххө киир:

Бүгүн, от ыйын 22 күнүгэр, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ култууратын туйгуна, Былатыан Ойуунускай аатынан Саха тыйаатырын артыыската, Уус Алдан улууһун Чараҥ нэһилиэгин бочуоттаах гражданина Мария Осипова күн сириттэн барбыта биир сыла туолла.

edersaas.ru

Мария Гаврильевна туһунан кини биир идэлээҕэ, СӨ үтүөлээх артыыската, РФ Тыйаатырдарын диэйэтэллэрин уонна Суруналыыстарын сойуустарын чилиэнэ Прасковья Адамова-Күн Чүүйэ ахтыытын билиһиннэрэбит.

УОҺУК МААСА

«Киһи бу Орто дойдуга төһө өр олорорун билэрэ буоллар?!…. Ону баара, букатын кэлбит курдук сананан, тугу да сыаналаабакка,  муораны ортотунан бас-баттах сылдьабыт ээ… Киһи үйэтэ олус да кылгас. Эмискэ этиҥ этэринии, соһуччу куһаҕан сураҕы истэн дөйөн хаалбытым…

Арай, батсааппын ааҕа олорон, Маша барахсаны көрө түспүтүм. Соһуйаммын  хаста да аахпытым, олох итэҕэйбэтэҕим. Соторутааҥҥа  диэри үөрэ-көтө сылдьар киһи хайдах эмискэ суох буолуой?! Ыйыталаһан, дьэ дьиҥнээх эбит диэн сөбүлэһэргэ тиийбитим.
Бу кэмҥэ балыыһаҕа сытар буолан, дьүөгэбин тиһэх суолугар атаарбакка, көрбөккө хаалбытым. Ол иһин буолуо, билигин да итэҕэйиэхпин баҕарбаппын. Ханна эрэ барбыт дии саныыбын… Тоҕо түргэнэй, хам-кум туппута? «Ыйааҕа-оҥоһуута итинник буоллаҕа» диэн уоскутунарга эрэ тиийэҕин.

Маша кыратын көрүмэҥ. Олус өйдөөх, киэҥ билиилээх,  дэгиттэр талааннаах, истиҥ доҕор, аһыныгас сүрэхтээх, кимиэхэ барытыгар көмөҕө сүүрэр, киһи эрэнэр киһитэ этэ. Дьиэтигэр-уотугар хаһаайка бэрдэ, эр киһи курдук, дьиэтин, даачатын өрөмүөннээ да, өрөмүөннээ буолара. Дьиэтигэр киирдэххэ, барыта сырдык, ыраас, “баайдар” дьиэлэрин  курдук. Омук сириттэн ыалдьыттар кэллэхтэринэ, Машалаахха түһэрээччилэр. Аһылыктара барыта,  күндү эрэстэрээҥҥэ курдук, мип-минньигэс буолааччы. Кэргэнэ Виктор олус асчыт, баартыгын кэтэн баран, куукунаттан тахсыбат киһи.

Мария Осипова өр кэмҥэ тыйаатыр профсойууһугар бэрэссэдээтэлинэн тахсыылаахтык үлэлээбитэ.  Кэлин эдэрдэргэ наар сүбэлиир-амалыыр этэ. Артыыска идэтин олус таптыыра. Оруолларын дириҥник ырытан, ис киирбэхтик, киһи итэҕэйэр, ардыгар күлэн быара суох буоларын курдук айара. Маассабай сыаналарга дьоруойун бэйэтэ толкуйдаан, сайыннаран киһи билбэт гына  оҥорооччу.

Кини артыыска эрэ буолбатах, өссө режиссер талааннааҕа. Бэйэтэ испэктээк туруорар, ардыгар режиссердарга ассистенныыр этэ.
Иннокентий Дмитриев-Сиэн Чолбодук “Көһүйэ көмүс” уонна “Туос Сандалы” диэн кэмиэдьийэлэрин сериал курдук туруоран, көрөөччүлэргэ уонна артыыстарга үчүгэй бэлэҕи оҥорбута. Бу испэктээккэ оонньуур артыыстар бэйэбит туспа биригээдэ тэринэн, элбэх гостуруолга сылдьан дьолломмуппут. Биригээдэбитин Мария Гаврильевна бэйэтэ салайара. Наар хоту улуустарга сылдьарбыт. Улуус аайы кэтэһиилээх ыалдьыттарынан буоларбыт. Испэктээктэрбит ситиһиилээхтик бараллара. Киэһэ аайы ньиргиэрдээх ытыс таһыныытынан доҕуһуолланан, көрөөччүлэр махталларын ылан дуоһуйарбыт. Айан төһө да ыараханын иһин, ырыанан сылдьарбыт. Мария үлэни үчүгэйдик тэрийэн, биһиэхэ биир да кыһалҕаны биллэрбэт буолара. Биһиги олох бэлэмҥэ эрэ сылдьарбыт. Эрдэттэн кэпсэтэн-ипсэтэн, түһэр сирбитин, ыалларбытын булбут, гараас бэлэм буолбут буолара. Оннооҕор кэпсэтиитин табан, бөртөлүөтүнэн тиийиэхтээх сирбитигэр босхо  тириэрдэр этэ. Оннук ылыннарыылаахтык, дьыалабыайдык кэпсэтэн ситиһэрэ. Билигин санаатахпына, сырыы да бөҕөнү сылдьыбыт эбиппит. Буолан баран, биирдэ да хаайтарбакка, этэҥҥэ.

Мария режиссердаан туруорбут испэктээгэр бэйэтэ эмиэ оонньуура. Оонньуу сылдьан, наар биһигини кэтээн тахсааччы. Кыһыйыахпыт иһин, сыанаҕа  оонньуу сылдьан сэмэлиир тылларын ардыгар улахан баҕайытык саҥаран кэбиһэрэ.  Инньэ гынан, ардыгар киҥир-хаҥыр саҥарсыы тахсара. Онуоха Маша олус түргэнник аһаран, эмиэ күлэн-үөрэн кэлэрэ.

Маша салайар үлэҕэ улахан талааннаах этэ. Ханнык баҕарар боппуруоһу быһаартаран баран тэйэрэ. “Маша, эн салайар үлэҕэ наһаа кыахтааххын, идэҕин арыый сыыһа талбыккын быһыылаах”, — диэбиппэр өһүргэнэн, утары саҥарбыта. Ону мин аахса барбатаҕым, арай: “Маша, өһүргэнимэ, дириэктэр да быһыытынан, бырабыыталыстыбаҕа да үлэлиэххин  сөп” диэбитим уонна итинэн кэпсэтэн бүппүппүт. Хас да хонук кэпсэппэккэ сылдьыбыппыт…

Атаҕа ыалдьан, өр кэмҥэ эрэйдэммитэ. Эпэрээссийэлэнэн, торуоскалаах да хаамтар, тапталлаах тыйаатырыгар кэлэ турара. Өссө сыанаҕа киирэн, маассабай сыаналарга кыттара. Олорор дьиэтигэр лиип суоҕа, оттон кинилэр бэһис этээскэ олороллоро. Аны кыбартыырата икки этээстээҕэ, утуйар хосторо иккис этээскэ баара. Онно төһөлөөх эрэйи көрбүтэ буолуой?! “Дьиэбин атастаһыахпын баҕарабын да, санаам буолбат”, – диирэ. Хата, уоллара чааһынай дьиэ туттан баран, олбуоругар ийэлээх-аҕатыгар кыра дьиэ тутан биэрбитэ. Маша ол дьиэтигэр аҕыйах эрэ хоммут буолуохтаах. “Наһаа үчүгэй салгыннаах, этээһэ суох” диэн үөрээхтиирэ.
Маша, Мария Гаврильевна элэккэй майгылаах буолан, элбэх дьүөгэлэрдээх, доҕоттордоох этэ. Бары суохтаатыбыт… Сырдык, ыраас, кэрэ сэбэрэтэ умнуллубакка дьон өйүгэр-санаатыгар мэлдьи тыыннаах сылдьыаҕа».

Бэчээккэ бэлэмнээтэ Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыскалар: П.Адамова дьиэтээҕи архыыбыттан

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0