Салааты астаан хаһааныаҕыҥ

Ааптар: 
06.09.2022
Бөлөххө киир:

Кылгас сайыннаах Сахабыт сиригэр оҕуруот аһа күһүн ордук дэлэйэр. Ким эрэ бэйэтэ үүннэрэр, ким эрэ атыыһыттартан сыана түспүтүн кэннэ атыылаһар. Кыһын сииргитигэр оҕуруот аһыттан салааты астаан хаһааныҥ. 

edersaas.ru

“Кэриэйдии оҕурсу”

Туох ирдэнэрий: оҕурсу – 4 киилэ, моркуоп – 1 киилэ, чеснок – 1 төбө, туус – 100 кыраам, 70 %-наах уксус – 1 остолобуой ньуоска, саахар – 200 кыраам, кэриэйдии моркуоп тумата, мас арыыта – 1 ыстакаан.

Хайдах бэлэмниибит: Оҕуруот аһын кырбыыбыт, састаабын барытын тааска кутан булкуйан баран 2 чаас устата туруора түһэбит. Бу кэм устата сүмэһинэ тахсарын курдук биэстэ-алтата булкуйабыт. Бааҥкаларга кутан 10 мүнүүтэ устата оргутабыт.

Аджика

Туох ирдэнэрий: Кабачок – 2 киилэ, аһыы биэрэс – 2 устуука эбэтэр кыһыл мээккэлэммит биэрэс, чеснок – 1 төбө, томат паастата – 400 кыраам, саахар – 1 ыстакаан, туус – 2 остолобуой ньуоска, мас арыыта – 150 мл, 70 % уксус – 1 остолобуой ньуоска.

Хайдах бэлэмниибит: кабачогу, аһыы биэрэһи, чесногу мясорубкаҕа эрийтэрэн баран, састаабын барытын кутан булкуйа-булкуйа 30 мүнүүтэ устата буһарыллар. Чаас аҥаара буһаран баран уксус эбэбит уонна оргутуллубут бааҥкаларга кутаттыыбыт.

Уксус бэлэмниибит

(1 остолобуой ньуоска ууга 70 % уксус)

3 % уксус – 23 остолобуой ньуоска уу

5 % уксус – 13 остолобуой ньуоска уу

7 % уксус — 9 остолобуой ньуоска уу

9 % уксус — 7 остолобуой ньуоска уу

10 % уксус – 6 остолобуой ньуоска уу

 

“Тещин язык” салаат

Туох ирдэнэрий: кабачок (ыраастаммыт) – 4 киилэ, чеснок – 3 төбө, туус – 1 толору остолобуой ньуоска, саахар – 1 ыстакаан, кыһыл мээккэлэммит аһыы биэрэс – 10 кыраам.

Хайдах бэлэмниибит: састаабын барытын кырбаан баран 30 мүнүүтэ устата булкуйа-булкуйа оргутабыт. Оргутуллубут бааҥкаларга кутабыт.

Кэриэйдии салаат

Туох ирдэнэрий: моркуоп – 300 кыраам, сибиэһэй оҕурсу – 700 кыраам, чеснок – 3 өлүү, маҕаһыыҥҥа атыыланар кэриэйдии моркуоп тумата – 1 пачка.

Хайдах бэлэмниибит: Моркуобу уһун синньигэс гына теркалыыбыт, оҕурсуну уһун синньигэс гына, чесногу бытархай гына кырбыыбыт. Састаабын барытын кутан булкуйабыт.

Салаат

Туох ирдэнэрий: кабачок – 3 киилэ, чеснок – 2-3 төбө, аһыы биэрэс – 1 устуука, минньигэс биэрэс – 5 устуука, томат соуһа – 0,5 лиитирэ, саахар – 0,5 ыстакаан, уу – 1 ыстакаан, мас арыыта – 1 ыстакаан, туус – 1,5 кыра ньуоска, 9 % уксус – 3 остолобуой ньуоска, хара биэрэс – аҕыйах устуука, гвоздика – 3 устуука.

Хайдах бэлэмниибит: кабачогу хахтыыбыт, сиэмэтин ылабыт уонна уһун синньигэс гына кырбыыбыт.

Онтон атын оҕуруот аһын барытын мясорубкаҕа эрийтэрэбит, арыы, саахар, туус, уксус кутабыт. Барытын иһиккэ кутан уокка холбуубут. Оргуйбутун кэннэ кабачогу кутан 40 мүнүүтэ устата оргутабыт. Итиилии оргуйбут бааҥклаарга кутаттыыбыт.

Минньигэс биэрэһи хаһаанабыт (салаакка туһанарга)

Туох ирдэнэрий: минньигэс биэрэс, уу – 1 лиитирэ, саахар – 70 кыраам, туус – 35 кыраам, лимон кислотата – 8 кыраам.

Хайдах бэлэмниибит: Минньигэс биэрэһи сууйабыт, сиэмэтин оруубут уонна 2-3 мүнүүтэҕэ оргуйбут ууга угабыт. Ороон баран тымныы ууга сууйабыт уонна уһун синньигэс гына (полоска) кырбыыбыт. Маны барытын 0,5 лиитэрэлээх бааҥкаҕа ыга симэбит. Үрдүгэр маринад кутан баран, 12-15 мүнүүтэ устата бааҥкаларбытын оргутабыт, онтон ыга хаппахтыыбыт.

Маринад: Ууга саахары, тууһу, лимон кислотатын кутан маринад бэлэмниибит.

 

“Анкл бэнс” салаат

Туох ирдэнэрий: уу – 1 лиитирэ, мас арыыта – 1 ыстакаан, томат паастата – 1 ыстакаан, кабачок – 2 киилэ, помидор – 1 киилэ, эриэппэ луук – 10 устуука, минньигэс биэрэс – 5 устуука, туус, 70 % уксус – 1 остолобуой ньуоска.

Хайдах бэлэмниибит: Ууну, арыыны, паастаны, саахары улахан иһиккэ кутан уокка холбуубут. Оргуйбутун кэннэ уотун кыччатабыт уонна кырбаммыт луукпутун кутабыт (5 мүнүүтэ оргутабыт), помидору кутабыт (5 мүнүүтэ оргутабыт), куубуктуу быһыллыбыт биэрэһи кутабыт (өссө 5 мүнүүтэ оргутабыт), куубуктуу быһыллыбыт кабачогу кутабыт (15 мүнүүтэ оргутабыт). Онтон туус, 70 % биир остолобуой ньуоска  уксус кутан баран 5 мүнүүтэ тэптэрэн ылабыт. Оргуйбут бааҥкаларга кутабыт. Хаппахтаан баран сойуор диэри таҥаһынан бүрүйэбит.

 

Күөх помидортан салаат

Туох ирдэнэрий: Күөх помидор – 1 киилэ, минньигэс биэрэс – 3 устуука, моркуоп – 500 кыраам, эриэппэ луук – 500 кыраам, мас арыыта – ыстакаан аҥаара, туус – 1 остолобуой ньуоска, саахар – 2 остолобуой ньуоска, аһыы биэрэс (төгүрүк), петрушка, укроп.

 Хайдах бэлэмниибит: кырбаммыт луугу, түөркэлэммит моркуобу, кырбаммыт биэрэһи мас арыытыгар ыһаарылыыбыт. Бытархай гына кырбаммыт помидору оҕуруот аһыгар кутан 30 мүнүүтэ устата булкуйа-булкуйа буһарабыт. Онтон туус, биэрэс, саахар, тума кутан өссө 20-чэ мүнүүтэ буһарабыт. Оргуйбут бааҥкаларга кутан баран сойуор диэри таҥаһынан бүрүйэбит.

Болгардыы оҕурсу

Туох ирдэнэрий: Оҕурсу, эриэппэ луук – 1 устуука, чеснок – 3 өлүү, биэрэс (душистай) – 5 устуука.

Маринад: уу — 0,5 лиитирэ, 9 % уксус, саахар – 4 остолобуой ньуоска, туус – 2 остолобуой ньуоска.

Хайдах бэлэмниибит: лиитирэлээх бааҥкаҕа луугу, чесногу кырбаан кутабыт, биэрэһи уонна оҕурсуну (бытархай гына кырбаммыт) угабыт уонна үрдүгэр маринад кутабыт. 10 мүнүүтэ устата бааҥкаларбытын оргутабыт.

Бэлэмнээтэ Людмила ПОПОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0