Саха сүөһүтүн элбэтэр Ходоро хаһаайыннара

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Олохтоох дьаһалта баһылыга Алексей Васильев билиһиннэрбитинэн, Ходоро нэһилиэгэр биир тыһыынча ынах сүөһү, ол иһигэр 411 ыанар ынах итиэннэ 287 сылгы, ол иһигэр 209 биэ баар.

Эти-үүтү дэлэтиигэ Алтайтан аҕалыллыбыт сүөһүнү көрөр, күн бүгүҥҥү туругунан 331 сүөһүлээх, ол иһигэр 175 ыанар ынахтаах «Чүүйэ» муниципальнай тэрилтэ (салайааччы Святослав Кириллин) итиэннэ хас да бааһынай хаһаайыстыба үлэлииллэр. От баар буолан, кыстык этэҥҥэ ааһан эрэр, сыл саҕаланыаҕыттан 90 т үүт туттарыллыбыт. Нэһилиэк баһылыга тарбаҕар баттыыр биир хаһаайыстыбатынан саха сүөһүтүн иитиигэ идэтийэр Дмитриевтэр дьиэ кэргэннэрэ буолар.

Кинилэр Чүүйэ бөһүөлэгиттэн үс көстөөх, нэһилиэккэ аатын биэрбит Ходоро учаастагар олохсуйан үлэлииллэр. Учаастак урут холкуос киинэ, сопхуос саҕана бүтүн отделение субан сүөһүтүн кыстык пиэрмэтэ буолан тигинээн-таҕынаан олорбутун эргэ дьиэлэр уонна дьардьамата эрэ хаалбыт улахан хотон кэрэһэлииллэр. Олор күөннэригэр саҥа тутуллубут саха балаҕана бэрт ыраахтан кылбайан көстөр.

— Ааспыт сылларга сопхуос саҕаттан илдьэ хаалбыт сүөһүлэрбитигэр, олохсутуллубут сэмэнтээлгэ, үлэлээбиппит, — диэн кэпсиир Аркадий Николаевич. — Онтон кэргэммин кытары сүбэлэһэн, саха ынаҕар идэтийэргэ сананан, 2013 с. бааһынай хаһаайыстыба тэринэн, дьиэ кэргэн пиэрмэтин сайыннарыыга анаммыт федеральнай бырагыраамаҕа кыттан, грант ылбыппыт. Ол үбүнэн Таатта Баайаҕатыттан саха сүөһүтүн атыыласпыппыт. Бастакы кэпсэтии быһыытынан, биир атыыр оҕуһу кытары 19 тиҥэһэни ылыахтаах этибит да, ол табыллыбакка, бытархай сүөһүлэри, чопчулаан эттэххэ, 11 тиҥэһэни, биир атыыр, биир ат оҕуһу уонна ньирэйдэри илдьэ кэлбиппит. Саха сүөһүтэ атын боруоданы кытары булкуһуо суохтаах диэн ирдэбилинэн, базабытын бу учаастакка оҥостубуппут. Былырыын Соморсунтан уон түөрт сүөһүнү, ол иһигэр алта ньирэйи, икки оҕуһу уонна алта ынаҕы аҕалбыппыт. Инньэ гынан, быйыл 63 саха сүөһүтүн кыстаттыбыт, билиҥҥитэ сэттэ ынах төрөөтө.


— Көрөргө-истэргэ хайдах эбиттэрий?
— Атын боруодаларга тэҥнээтэххэ, аска-үөлгэ талымастара суох, дьиэмсэхтэр, үөрүмсэхтэр, чэнчистэр, инньэ гынан көрөргө-истэргэ быдан үчүгэйдэр. Ньирэйэ бастаан төрүүрүгэр кып-кыра буолар эрээри, сууккаҕа 700-800 грамм эбиллэн, түргэнник ситэр. Арай, уопсай сүөһүнү кытары булкуспатын туһугар бөһүөлэктэн ыраах уонна үрэх нөҥүө тутуллуохтаах диэн ирдэбил баара мэһэйдиир. Кыһын, өссө суол баар буоллаҕына, сайын-күһүн үрэхпит мэһэйдээн, хас эмит көстөөх сиринэн эргийэ айанныырга тиийэбит. Онон үүтү былырыын суол баарыгар эрэ сыахха таһан баран, сайын-күһүн арыынан туттарбыппыт.


— Үүттэрэ хайдаҕый?
— “Саха ынаҕын үүтүн сыата үрдүк” диэн сөпкө этэллэр, чахчы, быдан хойуу. Ыанньыкпыт элбиир чинчилээҕинэн, быйылгыттан учуоту ыыта, хонтуруолунай ыамы оҥоро сылдьабыт. Биир ынахтан күҥҥэ ортотунан түөрт-биэс киилэ кэлэр, сыата 5-6 %-тан тахсар. Ол эрээри, астыыр сыахха атын сүөһүлэри кытары тэҥнии тутаннар, 3,4 %-ынан эрэ ылаллар. Ити баттыгастаах. Дьиҥинэн, саха ынаҕын үүтэ туспа соҕотуопкаланыахтаах. Балыыһаҕа эбэтэр оҕо тэрилтэтигэр диетическэй аһылык да быһыытынан туһаныахха сөп. Биһиэхэ, саха дьонугар, төрүт сүөһүбүт үүтэ-этэ диэн Айыы аһылыгар холоонноох буоллаҕа! Ыйааһыны да балачча үктүүр. Холобур, былырыын күһүн идэһэлэммит икки саастаах оҕуспут ыраас этэ 181 киилэҕэ, түөрт саастаах оҕуспут этэ 210 киилэҕэ тэҥнэспитэ! Атыыга үчүгэйдик барбыта. Онон, “саха сүөһүтүн үүтэ-этэ аҕыйах” диэн мыынар төрүт наадата суох.

Биллэрин курдук, саха сүөһүтүн көрүүгэ-истиигэ бүддьүөттэн харчы “Бытантай” уонна “Сахаагроплем” генофонднай хаһаайыстыбаларга көрүллэр. Оттон Дмитриевтэр курдук, саханы саха дэппит, ааттыын саха сүөһүтүн элбэтэр туһугар сүрэхтэрин баҕатынан ылсан үлэлиир хаһаайыстыбаларга туох да көмө суох. Инньэ гынан кинилэр көмөлөһөөччүлэрин үүт-эт харчытынан хамнастыыллар уонна бэйэлэрэ үлэлииллэр. Хайдах эрэ барыта мүччү-хаччы буолан иһэр, биһигини улууспут уонна нэһилиэкпит эрэ өйүүллэр, ол иһин, анал балаһыанньа оҥорон, саха сүөһүтүн чэбдигирдии бырагырааматыгар эмиэ кыбытар наада диир аныгы Ходоро хаһаайына Аркадий Николаевич.

Аллараа чоҥолох алааска улахан хотон турар. Халлаан сылыйан, улахан сүөһүлэри таһырдьа таһаарбыттар, онон хотоҥҥо ньирэйдэр эрэ хаалбыттар. Долборукка угуллубут күөх оту сии турар хара эриэн, саадьаҕай дьүһүннээх ньирэйдэр: «Ким кэллэ?» – диэбиттии өрө көрө түстүлэр, онтон ыкса чугаһаабыкка сыста түһэн сытырҕалаан киирэн бардылар. Тугунан эрэ олус абылыыр бу барахсаттары имэрийэн-томоруйан, киһи хайдах эрэ бэрт наҕыл-холку уонна истиҥ иэйиигэ куустарарга дылы буолар.

Раиса Сибирякова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0